туохт. Илиигинэн эбэтэр тугунан эмэ кими-тугу эмэ охсоору гын. ☉ Замахиваться (напр., рукой, каким-л. предметом)
Мин сутурукпун болточчу тутаат, кини эбирдээх муннун дугдуруйдум. И. Гоголев
Эдьиийэ уолу, эбэтэ көрбөтүгэр, күрдьэҕинэн дугдуруйда. В. Гольдеров
«Бар, бар диибин сымала!» - харабыл саатынан дугдуруйда. А. Сыромятникова
♦ Дугдуруй да сутурҕаа (оҕус) - тугу эмэни ылынныҥ, саҕалаатыҥ да, тиһэҕэр тиийэ оҥорон, бүтэрэн кэбис. ☉ Не останавливаться на полпути, доводить начатое дело до конца (букв. замахнулся, так ударь)
Дугдуруй да сутурҕаа, кириитикэлии сорунан баран, улахантан кириитикэлиэххэ буоллаҕа. Далан
Академик ыарахан тиэмэ диэн сэрэппитэ. Дугдуруй да оҕус, ылыс да ыараханыттан кыһаныма. Н. Лугинов
[Федот:] Дугдуруй да сутурҕаа, үрдүк үөрэҕи ылан баран, дойдуга төннүөххэ наада. И. Федосеев
Якутский → Якутский
дугдуруй
Якутский → Русский
дугдуруй=
замахнуться; оҕус да дугдуруй син биир погов. что ударить, что замахнуться (одно и то же).
Еще переводы: