аат. Киһиэхэ илиитин эрбэҕиттэн иккис тарбаҕа. ☉ Указательный палец
Биир илиибэр тарбаҕым Билэҕин дуо хастарын? Бастакыта — ылгыным, Иккис тарбах — аата суох, үһүс тарбах — ортоку, төрдүс тарбах — сөмүйэ, бэһис тарбах — эр бэрдэ эрбэх бөҕөс бэйэтэ! П. Тобуруокап
Боккуойа этэрбэс тигэ олорон иннэтинэн сөмүйэтин дьөлө анньан, …… киҥэ-наара холлон олороохтуур. Амма Аччыгыйа
Татыйаас …… быычыкаайык сөмүйэтин төттөрү-таары охсуолаан, хомуһун тардан дьоруолатта. Дьүөгэ Ааныстыырап
♦ Сөмүйэҕинэн сүүмэйдээ — олус бириинчиктик сыымайдаан, сөбүлүүргүн талан ыл. ☉ Тщательно выбирать себе что-л. по вкусу. Сөмүйэлиин сөбүлүү- бүн — туох эмэ боппуруоска толору сөпсөс, сөбүлэс. ☉ Полностью одобряю, полностью согласен с кем-л. в данном вопросе
[Кинээс:] Итини [сир үллэһигин] сөбүлээбэт баар дуо? [Көкөт:] Сөбүлээн, сөбүлээн, сөмүйэлиин сөбүлээн олоробут. Суорун Омоллоон. Сөмүйэтин уга сытар сирэ — олорор сириттэн чугас, кыра-кыралаан да буоллар, мэлдьитин туһана турар сирэ (хол., балыктаан). ☉ Какой-л. участок, место (напр., с лесом, озером), которые приносят хоть и незначительную, но постоянную пользу кому-л.
Онон [куобах быһытыттан] күһүнүн киэһээҥҥи аһылык үгүс-элбэх эрэйэ суох саас-үйэ тухары күөскэ киирэ турааччы. Быһатын эттэххэ, сөмүйэлэрин уга сытар сирдэрэ. Н. Борисов
Чуораҥхас Хотугу күөлгэ сөмүйэтин уга сытар сирэ: онно оттуур, балыктыыр, тиргэлиир. ГНС СТСДТ. Сөмүйэ үрдүгэр үстэ эргийбит — эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийбит диэн курдук (көр эрбэх)
кирг. сөөмөй, туркм. сүем бармак