прил. 1. (пылкий) омуннаах-тө-лөннөөх, тэбэнэлээх; 2. (запальчивый) ыгым, холуон.
Русский → Якутский
задорный
Еще переводы:
күрэхтээх (Якутский → Русский)
1) азартный, задорный; күрэхтээх оҕо задорный ребёнок; 2) упорный, настойчивый; күрэхтээх үлэһит упорный работник.
кулан (Якутский → Русский)
1) резвый, бойкий, задорный; кулан оҕо резвый ребёнок; кулан киһи задорный человек; 2) одинокий; кулан соҕотох один-одинёшенек.
ершистый (Русский → Якутский)
прил. разг. 1. (о волосах) адаархай, хатыылаах; 2. перен. (задорный) хатыылаах тыллаах, хадаар.
запальчивый (Русский → Якутский)
прил. 1. (вспыльчивый) ыгым, ыгым уордаах; 2. (задорный) хабыр, хабараан; запальчивая речь хабыр этии.
күрэхтээхтик (Якутский → Русский)
азартно, задорно, ревностно (напр. работать).
лукавый (Русский → Якутский)
прил. 1. албын, үөннээх; лукавый человек албын киһи; 2. (задорный) үөннээх, тэбэнэттээх, дьиибэлээх; 3. в знач. сущ. м., прост, (бес, дьявол) абааһы.
күрэхтээх (Якутский → Якутский)
даҕ.
1. Киһини угуйар, көҕүтэр. ☉ Азартный, задорный
Нөҥүө күнүттэн ыла Артыал отчуттара күрэхтээх куоталаһыыга киирдилэр. А. Бэрияк
Бу кэрэ оонньуу [саахымат] олус күрэхтээҕин, хатыһыылааҕын иһин, өй спорда диэн ааттыыллар. «ХС»
2. Дьаныардаах, дьүккүөрдээх. ☉ Упорный, настойчивый
Таптыыбын Сандаллаах халлааннаах, Сардаҥа саргылаах Төрөөбүт кыраайбар Төннүбэт төлкөнү Төрүттүүр күрэхтээх, Төлөннөөх сүрэхтээх, …… Үлэһит дьоннорбун. Күннүк Уурастыырап
Күргэлээх үрэҕин уутун Ороһу — Ньэгэдьээк систиэмэтигэр киллэрэр күрэхтээх үлэлэрэ саҕаламмыта. «Кыым»
һэ-һэ (Якутский → Якутский)
саҥа алл. Туохтан эрэ олус астынан, тэбэнэттээхтик күлүүнү көрдөрөр. ☉ Выражает очень довольный, задорный смех
Һэ-һэ-һэ, эт туттаҕына ситэн-хотон бэйэҕин баһыйар дьахтар буолаарай. А. Софронов
[Ыт оҕото] өссө саҥалаах, ол саҥатын мин олус таптыыбын, эккирэтэ-эккирэтэ күлэбин, һэ-һэ-һэ. Күндэ
«Һэ-һэ, ылыҥ көрүҥ эрэ, ити оҕустар барахсаттар …… мөкүнүһэн эрдэхтэрин» — дии-дии эмээхситтэр, дьахталлар күлэ-күлэлэр, ынах сүөһүгэ чугас дьон буоланнар, үөрэ турдулар. Бэс Дьарааһын
баҕайытык (Якутский → Русский)
частица словообразующая, образует от прил. нареч., обозначающие степень интенсивности действия: үчүгэй баҕайытык очень хорошо, мило; тиэтэллээх баҕайытык весьма поспешно; ынырык баҕайытык очень страшно; тэбэнэттээх баҕайытык күллэ он засмеялся очень задорно.
бөтөс (Якутский → Якутский)
аат.
1. Күүһүн-уоҕун эрэ эрэнэр харса-хабыра суох эбэтэр дохсун эдэр киһи. ☉ Молодой человек, полагающийся в своих поступках большей частью на свою физическую силу и энергию, молодчик
Оройдорунан көрбүт, чолоруспут эдэр бөтөстөр Байанайы тараччы тутан илдьэн, көмүлүөк оһох кэҥэс холумтаныгар умса бырахтылар. П. Филиппов
«Ону киирэн өлөрөн тахсыахха буоллаҕа дии», — дэһэллэр хас да бөтөстөр. Н. Якутскай
Кинилэр кыраҕа тойон, улахаҥҥа утары, үөрэххэ кыһаллыбат, үлэҕэ умсугуйбат бөтөстөр үһү. И. Данилов
2. кэпс. Чобуо-дьорҕоот эбэтэр мэник, дьээбэ уол оҕо. ☉ Мальчик, бойкий и смелый или шальной, задорный
Гуля Маркова уончалаах уола …… чобуо бөтөс, сүүрэн кэлэн, мустубут дьону тула эргийдэ. Н. Габышев
Оччолорго кини хороччу улаатан эрэр бэрт сытыыхотуу, үөрэҕэр олус хомоҕой, суһаллык ылынымтыа бөтөсчөөн этэ. Н. Заболоцкай
Биһиги даҕаны бэйэбит кэммитигэр …… тапталлаах учууталларбытыттан элбэхтэ мөҕүллүбүт, кинилэри хомоппут-хоргуппут, ытаппыт даҕаны бөтөстөр буолуохтаахпыт. «Кыым»