Якутские буквы:

Русский → Якутский

звукоподражание

с. тыаһы үтүктүү.


Еще переводы:

кычыр

кычыр (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. т. Туох эмэ аалсыытыттан тахсар кылгастык иһиллэр синньигэс тыас (хол., таас тааһы кытта хабырыйыстаҕына тахсар тыас). ☉ Звукоподражание однократному резкому скрипу, скрежету.
ср. туркм. гыжырт ‘подражание хрусту, скрежету, скрипу’, кирг. кычыр ‘звукоподражание скрипу, хрусту’

мээ

мээ (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. т. Ньирэй мэҥириирин үтүктэр тыл. ☉ Звукоподражание мычанию телёнка
Дөрүн-дөрүн ньирэй «мээ, мээ» диэн мэҥириирэ. «ХС»
«Бүү!» — дииллэр оҕустар, «Маа!» — дииллэр ынахтар. «Мээ!» — дииллэр ньирэйдэр. К. Туйаарыскай
ср. др.-тюрк. ме ‘звукоподражание блеянию козлёнка, ягнёнка’

ньох

ньох (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. т. Тэллэх ыта үрэр саҥата. ☉ Звукоподражание отрывистому тявканью комнатной собачки
Эмискэ Моойто ньох диэтэ. А. Кривошапкин (тылб.)

кылыгылык

кылыгылык (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. т. Хаастар ыраахтан иһиллэр саҥалара. ☉ Звукоподражание гоготу гусей
Кыра сылдьан көрөрбүнүү Кый үөһэнэн үөр хаастар «Кылыгылык-кылыгылык» Кыҥкырдаһан аастылар. М. Ефимов

кэҕэлэтии

кэҕэлэтии (Якутский → Якутский)

аат., муус. Кэҕэ саҥатын үтүктэн (кукууктаан) хомуска тардыы ньымата. ☉ Прием игры на хомусе — звукоподражание пению кукушки
Кэҕэлэтии бэлэс иһинээҕи учаастагы уустук артикуляционнай-акустическай хамсатыынан ситиһиллэр. К. Уткин

ньир-ньир

ньир-ньир (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. т. Ыраахтан иһиллэр этиҥ этэригэр маарынныыр бүтэҥи тыас. ☉ Звукоподражание далёким гулким раскатам грома. Ыраах ханна эрэ ньир-ньир этиҥ этэрэ иһиллэрэ

пас гын

пас гын (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. туохт. Биир төгүл хатаннык тыаһаа. ☉ Резко, громко хлопать
Эмискэ саа тыаһа пас гына түстэ. Амма Аччыгыйа
ср. монг. пас ‘звукоподражание шуму, треску, грохоту’

чалыр-чулур

чалыр-чулур (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. т. Иһит эркинигэр убаҕас охсуллар тыаһа. ☉ Звукоподражание плеску какой-л. жидкости в сосуде
Тар үөрэни чалыр-чулур кутаннар …… бор киһи быһыытынан бордурҕатан [барда]. П. Ойуунускай

куу-хаа

куу-хаа (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. т. Чуолкайа суох үрүт-үрдүгэр тохтообокко буолар тыас, саҥа-иҥэ (хол., элбэх киһи тэҥҥэ саҥарарын этэргэ). ☉ Звукоподражание многократно и непрерывно происходящему шуму-гаму (напр., одновременному громкому разговору многих людей).

кырылык

кырылык (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. т. Туруйа саҥатын үтүктэр тыл. ☉ Звукоподражание курлыканию журавлей
Күһүн буолла, күөх хагдарыйда, туруйалар, туруйалар, Турулук-кырылык туойаннар, Соҕуруу көтө турдулар. Эллэй
Туруйалар кырылыктаан Тумараттан көттүлэр. Кынаттара кылбаҥнаан Күөх урсуҥҥа сүттүлэр. Кырылык, кырылык, кырылык. С. Дадаскинов