Якутские буквы:

Якутский → Русский

ииттэрии

и. д. от ииттэр = I.

ииттэр=

I побуд. от иит = I.
II побуд. от иит = II.

Якутский → Якутский

ииттэр

I
иит диэнтэн дьаһ
туһ. Ол ииттэрэр сүөһүтүн айаҕын эмиэ бэйэтэ билэринэн, таптыырынан биэрэр. Саха фольк. Өллөххүнэ, дьоҥҥун миэхэ ииттэрээри гынаҕын дуо? Амма Аччыгыйа
Байбаллаах Марба аҕаларыгар, Талкы оҕонньорго, оҕолорун Чыычааҕы, икки ынахтарын, биир тарбыйахтарын ииттэрэ аҕалан биэрдилэр. Күндэ
II
иит диэнтэн дьаһ. туһ. Сааҕын Бүөтүргэ ииттэр. Аккумуляторгын ииттэрииһигин


Еще переводы:

прожиточный

прожиточный (Русский → Якутский)

прил. айах ииттэр; прожиточные средства айах ииттэр. үп.

шея

шея (Русский → Якутский)

ж. моой; # посадить кого-л. на шею кому-л. кими эмэ ким эмэ моонньугар баай, иитимньи биэр, ииттэр; сидеть у * *кого-л. *на шее *разг. ким эмэ моонньугар олор, иитимньи буол.

доруобай

доруобай (Якутский → Якутский)

даҕ. Ыарыһаҕа суох, чэгиэн, чөл. Крепкий, здоровый, не больной
Үлэһит киһи, доруобай буоллар эрэ, айаҕын ииттэр үйэтэ кэллэ. Н. Лугинов
Холлойор Өрүүнэ үйэлээх сааһыгар ыалдьыбатаҕа, муус доруобай сылдьыбыта. «Чолбон»
[Кыысчаан] олус доруобай, бэйэтин кыанар буола улааппыта. С. Курилов (тылб.)

ыанньыксыттаа

ыанньыксыттаа (Якутский → Якутский)

туохт. Ыанньыксытынан үлэлээ. Работать дояркой, дояром
Үлэни кыайар-хотор эрдэхпинэ, мэлдьи ыанньыксыттыырым. П. Аввакумов
Таня ыанньыксыттаабыта хаһыс да күнэ буолла. М. Доҕордуурап
Нэһиилэ аҕыс кылааһы бүтэрээт, айаҕын ииттэр баҕаттан ыанньыксыттыы барбыта. «Чолбон»

эмньигирт

эмньигирт (Якутский → Якутский)

эмньигир диэнтэн дьаһ
туһ. Ииппит, эмньигирдибит Ийэ сирбит инникитин даҕаны иччилэнэ, иэйэхситтэнэ туруохтун! Далан
Дьэ бу иринньэх бэйэбитин эмньигирпит, дууһабытын туппут, төрөөбүт төрүт сирбит, иитиллибит ийэ буорбут, айах ииттэр алааспыт, Хоһооҥҥо киирэр хочобут. И. Данилов

муҥатыйыы

муҥатыйыы (Якутский → Якутский)

муҥатый диэнтэн хай
аата. Мин иннибэр алта уонча хоһоон сытар да, о нно са наа түһү үл э эх, муҥатыйыылаах …… үҥсэргээн кэп туонуулаах биир да хоһоон суох. «ХС»
Айаҕын ииттэр туһугар босхону эрэ үрдүнэн төлөбүрдээх ыар үлэҕэ көмүллүбүт быстар дьадаҥы муҥатыйыыта сороҕор дириҥ социальнай түмүктэргэ аҕалар. СЛ-8

оҕолот

оҕолот (Якутский → Якутский)

туохт. Оҕону кимиэхэ эмэ көрдөр-харайтар, бүөбэйдэт. Дать кому-л. нянчить ребёнка, ухаживать за ним
Сиэннэрэ тэйэ, сэрэнэ тутталлар, оҕолоппотох буоланнар, тоҥуйдар. В. Иванов
Сүөһү ииттэрэн, оҕо оҕолотон Кэлэр түспүтүн түстүүр буоларбыт. С. Данилов
Мишаны аҕата кэргэнин эдьиийигэр Маарыйалаахха оҕолото биэрбитэ үһү. АСВ ҮКСС

тыалыы

тыалыы (Якутский → Якутский)

сыһ. Тыа дьонун сиэринэн, тыа сиринии. По-сельски
Тыалыы быһыынан сүөһү ииттэрэн, оҕо оҕолотон, кэлэр түспүтүн түстүүр буоларбыт үгүһү билбэтэх, үтүөҕэ тиксибэтэх, үрэх баһыгар үүрүллэн олорор үөрэҕэ суох саха оҕолоро. Софр. Данилов. Талааннары булууга ордук тыалыы иитиилээх, үлэттэн-хамнастан тэйбэтэх оҕолор ордуктар. «Саха с.»

хааҥсаар

хааҥсаар (Якутский → Якутский)

аат., эргэр. Сүөһү, кыыл-сүөл таныыта. Ноздри (у животного)
Атыыр сылгы Хааҥсаарын уҥуоҕун курдук Алта алтан аарыктаах. П. Ойуунускай
Сааны ииттэрэр бокуойу биэрбэккэ, утары ыстаммыт эһэни тайаҕынан иккитэ хааҥсаарга биэрэн кууһуннарбыта. Болот Боотур
Алталаах аллаах ат Харытын туруору туппут курдук Хааҥсаардаах муруннаах. Суорун Омоллоон
ср. уйг. каҥшар, алт. коҥжор, п.-монг. хоҥшийар ‘переносица’

харыһыс

харыһыс (Якутский → Якутский)

харыһый диэнтэн холб. туһ. [Абааһы уола Кыыс Ньургуҥҥа:] Хата, эйигин харысыһан, Хаарыан тыыммын быстарыа суохпун. ТТИГ КХКК
Бүөтүр оҕоттон иккис уол этэ. Ииттэрэ биэрээри гыммыттарын, аҕатынан эбэтэ Настаа эмээхсин харысыһан илдьэ хаалбыт. ВМС УСС. Атыыр кырынаас ийэ кырынааска бэйэтин оҕолорун аһатарыгар көмөлөһөр уонна өстөөхтөрүттэн харса суох харысыһар. ТСКБ