Якутские буквы:

Якутский → Русский

имэҥир=

1) глаг. от осн. имэҥ 2) пылать страстью.

Якутский → Якутский

имэҥирии

имэҥир диэнтэн хай
аата. Хардары-таары итэҕэйсибэт быһыыны тарҕатааччы уонна националистическай имэҥириини күөдьүтээччи …… суох. ПАК

имэҥир

туохт.
1. Курдаттыы тартаран күүскэ, омуннаахтык баҕар, дьулус. ☉ Испытывать сильное влечение, страсть, пылать страстью
Бэдэр сыттыктарын Бэрийэ астылар, Ис-истэриттэн Имэҥирэн кэллилэр: Тас таҥастарын Тарбахтарын төбөтүнэн Тарыйа оҕустулар. П. Ойуунускай
[Арыгыһыт] амсайдар эрэ арыгылыан таттарар, Истэр эрэ иһиэн имэҥирэр. А. Софронов
Чуура имэҥирбит ип-итии, сыгынньах, чэгиэн түөһүнэн Тороевка саба түстэ уонна уоттаах ибигирэс уоһунан кини уоһун, муннун, иэдэһин, сүүһүн уураабытынан барда. Л. Попов
2. Омуннаахтык, күүскэ өрө күүркэй, үлүһүй; кыдьыгыр. ☉ Делать что-л. с большим желанием, вдохновением, со страстью
Тайҕа атамааннара көмөлөөн, дэлби тэпсэн баран, өллө диэннэр, күрдьүккэ соһон кэбистэхтэринэ - киһилэрэ түүнүгэр «тиллэн» кэлэн - сарсыныгар өссө ордук имэҥирэн, илбиһирэн охсуһара үһү. Күннүк Уурастыырап
Буолбут мунньахтарга киһи барыта ис-иһиттэн имэҥирэн, санаатын толору саҥарбыта. Болот Боотур
Муусука тыаһа улам имэҥирэн дьон сүрэҕин абылыыр. И. Бочкарев. Сир-уот, көтөр-сүүрэр туһунан айымньыларыгар поэт дьиҥнээх сахалыы дууһата ким баҕарар өйүн-санаатын өрүкүтэрдик арыллан, этэр тыла-өһө имэҥирэн, эҥсиилэнэн кэлэрэ. «ХС»


Еще переводы:

сладострастие

сладострастие (Русский → Якутский)

с. имэҥирии, имэҥнээх баҕа.

вожделение

вожделение (Русский → Якутский)

с. 1. (половое влечение) имэҥирии, дьахтарга (эр киһиэхэ) баҕарыы; 2. (сильное желание) ымсыырыы, ымсыы.

страсть

страсть (Русский → Якутский)

ж. 1. (сильное чувство, сильная любовь) имэҥ, үлүскэн; разжигать страсти дьон үлүскэнин көҕүт; 2. (постоянная склонность к чему-л.) имэҥирии, үлүһүйүү; страсть к книгам кинигэҕэ үлүһүйүү.

имэҥирт

имэҥирт (Якутский → Якутский)

имэҥир диэнтэн дьаһ
туһ. Имэҥирдэр кэпсэтии Эмиэ төннөр айылҕаҕа, Оһох курдук ип-итии Илгийэр баччакаҕа. Р. Баҕатаайыскай
Мунньах, мөккүөр, оонньуу, биэчэр Имэҥирдэр кэмнэригэр Этиһэрбитин да таптыы Мэниктииргэ тиийэ бастыы, Биир кэккэҕэ былааһаммыт Биһи тэҥҥэ улаатабыт. Дьуон Дьаҥылы

эппэҥнэһии

эппэҥнэһии (Якутский → Якутский)

эппэҥнэс I диэнтэн хай
аата. Эмиэ уохтаах уураһыы, имэҥирбит сүрэхтэр эппэҥнэһиилэрэ, таптал сэмэй сибигинэһиитэ. Куорсуннаах

өрүкүтэрдик

өрүкүтэрдик (Якутский → Якутский)

сыһ. Тугу эмэ (хол., өйү, санааны) күүһүрдэр, өрө көтөҕөр курдук. ☉ Так, чтобы поднимало настроение, дух
Семён Данилов дьиҥнээх сахалыы дууһата ким баҕарар өйүн-санаатын өрүкүтэрдик арыллан, этэр тыла-өһө имэҥирэн, эҥсиилэнэн кэлэрэ. П. Аввакумов

эймэһит

эймэһит (Якутский → Якутский)

эймэһий диэнтэн дьаһ
туһ. Сүрэҕи-быары эймэһитэр, этихааны имэҥирдэр күүттэриилээх, кыра да кэм кээмэйэ-кэрдиитэ сороххо уһун, сороххо кылгас буолар. Тумарча
Ырыаҕын Ньирилэтэн, ньиргиһитэн, Дьигиһитэн иһэҥҥин, Эҥээритэн, эймэһитэн, Эйээритэн түһэрэҕин. С. Тимофеев

алыптаахтык

алыптаахтык (Якутский → Якутский)

сыһ. Киһи санаатын, иэйиитин сүүйэрдии, баһылыыр, абылыыр күүстээхтик. ☉ Волшебно, чарующе, с изумительной силой
Хоһоон холоруктарын түһэрэн, күннэри-түүннэри эрийиэм, Алыптаахтык ааттыы, имэҥирэ Арахпакка эккирэтиэм [таптыыр кыыһын]. С. Данилов
Айылҕа барахсан соҕотохсуйдаххына, араас алыптаахтык аралдьытар. У. Нуолур
Чох хара харахтара хайа да, бэйэлээх уол өйүн сүүйэрдии алыптаахтык тырымнаһаллара. С. Курилов (тылб.)

баҕарыс

баҕарыс (Якутский → Якутский)

баҕар I диэнтэн холб. туһ. Икки эмньик таптаспыттар
Ымсыырыспыт, баҕарсыбыт уохтарыттан мантан антах уһуну-киэҥи саныыр кыахтара бүтэн, имэҥирэн куустуһуохтарынан куустустулар. Д. Апросимов
Сиик түһэн, сибэккилэр Сибигинэһэн бүттүлэр, Үтүө түүнү баҕарсан Сынньаннылар утуйан. Чэчир-76. Хардары-таары дьоллоох олоҕу баҕарсан, уруйдаһан-айхаллаһан, [бухатыырдар] тустуспа арахсан бараллар. Эвен фольк.

дьалыҥыр

дьалыҥыр (Якутский → Якутский)

туохт. Киһи өйүнсанаатын абылыыр, өрүкүтэр күүстэн, имэҥир. ☉ Иметь завлекающую, возбуждающую силу, порыв, страсть
Ыараан турар чуумпуну соһутан, дүҥүр обургу тибигирээн, лиҥкинээн, иҥиэттэн барда эбээт!.. Кыһалҕа [ойуун] хаһан да маннык дьалыҥырбытын өйдөөбөт! И. Гоголев
Омуннура дьалыҥыран, Уйан сүрэххэр Уһуктубута уран санаа хомуһа. В. Миронов
Хаһан эрэ тыйаатырга көрбүт ойуунум быыстала суох кыыран ыһыллара. Дүҥүрэ дьалыҥыран дарбыйара. Нэртэ