I
ситим т.
1. Утарар суолталаах: буолан баран. ☉ Уступительный союз со значением хотя, хоть
Дьон итэҕэйбэт эрээри, сымыйанан уолуйбута буолаллар. Амма Аччыгыйа
Эдэр киһи эрээри, эрдэһит эбиккин дии. Софр. Данилов
Халдеев балаһыанньатын билэр эрээрилэр, оҕолор тоҕо тугу да саҥарбатылар? «ХС»
2. Болдьох суолталаах: буолан баран. ☉ Условный союз
Оҕолор туох санаалаахтарын билбэт эрээригит, хайдах итинник уурааҕы, итинник ыҥырыыны ылыннараары гынаҕыт? Софр. Данилов
Барсыбат эрээригин, үҥкүүттэн тоҕо кинилиин бииргэ тахсыбыккыный? «ХС»
Оҕонньор тыйаатырын тумна сылдьар: үлэлээбэт эрээри эмиэ тугу баран хараҕы аалан. «ХС»
II
ситим сыһыан т.
1. Утарар суолталаах. ☉ Союз с модальным уступительным значением
Оҕонньор аргыый эрээри, киһиэхэ барытыгар иһиллэрдик саҥаран барда. Софр. Данилов
Оччо оҕолордоох эрээригин, сааппаккын даҕаны. Амма Аччыгыйа
Кинилэргэ ити туһунан тугу да этэ иликпин эрээри, өйүөхтэрэ дии саныыбын. И. Семёнов
2. Болдьох суолталаах. ☉ Союз с условным значением. Билбэт эрээри мөккүһүмэ. Ыалдьар эрээри тоҕо кэллиҥ?
□ Таптаабат эрээригин бу ыйдар усталарыгар эн тоҕо наар кини туһунан санаан таҕыстыҥ? Софр. Данилов
III
ситим сыһыан т. Бу, ити, ол ыйар солбуйар ааттары кытта ситим сыһыан тыл холбоһугун үөскэтэр: бу (ити, ол) эрээри, бу (ити, ол) гынан баран, да буоллар. ☉ С указательными местоимениями бу ‘вот это’, ити ‘вон это’, ол ‘тот, то’ составляет союзное модальное сочетание (но, однако, тем не менее)
Ол эрээри, кини быһаччы дьаһалынан элбэх оҥоһуллубута. «Кыым»
Ити эрээри, сүөһү турар тутууларын билигин даҕаны бытааннык ыыталлар. «ЭК»
Бу да эрээри, этэр тыла хоһоонноох; ол хоһооно маннык. ПЭК ОНЛЯ III