м. иҥнэйии, иэҕиллии; дать крен вправо уҥа диэки иҥнэй.
Русский → Якутский
крен
Еще переводы:
хайбай= (Якутский → Русский)
образн. слегка подаваться в сторону, слегка крениться, накреняться; оҥочобут уҥа диэки хайбайар наша лодка даёт лёгкий крен вправо.
сирэйдээ= (Якутский → Русский)
1) обтёсывать (бревно); 2) надрубать, подрубать (дерево с той стороны, куда оно имеет крен); маһы охторуоҥ иннинэ сирэйдээ = прежде, чем валить дерево, нужно его надрубить # сир-буор сирэйдээ = осрамить, опозорить.
иҥнэй (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Ойоҕоһуҥ диэки намтаан бар (хол., тыы, сөмөлүөт). ☉ Крениться, давать крен (напр., о судне, самолете)
Тыыбыт хаҥас өттүгэр иҥнэйэн барда. Сөмөлүөт түһээри иҥнэйдэ, Дьэ, Бүлүү эбэккэм, эҕэрдэ! И. Гоголев. Санитарнай сөмөлүөт хаҥас өттүнэн иҥнэйэн, аллара санньыйан, бөһүөлэги үрдүнэн эргийэн күрүлээтэ. А. Федоров
2. Кыҥнары бар, кыҥнары түс (баччааҥҥа дылы хамнаабакка көнөтүк турбут туох эмэ). ☉ Склониться, наклониться набок, в сторону
Иҥнэйэн эрэр эрэһээҥки күрүө дьөлөҕөһүнэн Үүйэлээх күөл кытыытыгар баар буола түстүлэр. Л. Попов
Күөл илин өттүгэр сиҥнэн эрэр хотонноох балаҕан, иҥнэйбит сэргэ, тохтубут күрүө-хаһаа сүллүгэстэрэ хороһон көстөллөр. Н. Лугинов
Тиит иҥнэйдэр иҥнэйэн, хойуу лабаалара адаарыйбытынан, сууллуу ыарын уйбакка булгурута барбыт мутуктарынан отон уктаах сиргэ бүтэҥитик ньир гынан түстэ. П. Аввакумов
халыйыы (Якутский → Якутский)
- халый диэнтэн хай. аата. Ньукулай ис-иһиттэн дьиибэтик чэпчээтэ, сыарҕа халыйыытыгар, кырдьык да, көтөн хаалыах курдук буолла. Амма Аччыгыйа
Ахтар буолуом, Ааттыыр буолуом Сарсыарда күн тахсыыта, Күнүс куйаас кутаалыыта, Түүн туман халыйыыта. И. Гоголев
Күөл күөх сиҥэлэниитэ — күөл хаара бүтэн, муус үрдүгэр уу халыйыыта. Хомус Уйбаан - көсп. Ханнык эрэ уопсай ылыныллыбыт сиэртэн, бэрээдэктэн туорааһын, атыннык туттуу. ☉ Отклонение, отход от основной, главной линии, направления, уклон, крен
Дьиҥэр, бу эн курдуктар кыра да халыйыыны көннөрүллүбэт алҕаска тиэрдэҕит. Н. Лугинов
Мин манна бу эдэр киһи өттүттэн ханнык даҕаны халыйыыны көрбөппүн. СҮК
Дьиҥэ, билбэттэн-көрбөттөн сыыһахалты дьаһаныы, ардыгар наһаалааһын, халыйыы да бааллара. ВНГ ГОПХ
иэҕэй (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Иҥнэри бар. ☉ Наклоняться, накреняться, давать крен в сторону
Оҕонньор биир күрүөлээх, сири кытары тэҥнэһэн эрэр киһи уҥуоҕар тиийэн, иэҕэйбит кириэскэ тураах саахтаабытын сиэҕинэн сото-сото, тугу эрэ ботугуруу турда. Амма Аччыгыйа
Иэҕэйбит эркиннээх өтөххө, Сиик, таммах тэллэйдээх Кур эмэх өһүөҕэ Үрүҥ үөн ыһара, Хончоҥнуу сыыллара. С. Васильев
Хамначчыт уолаттар от тиэйэн, Күөх оту сыннаран кэлэллэр. Сыарҕалаах отторо иэҕэйэн, Бу дьиэҕэ, «буруйдаах» киирэллэр. Эрилик Эристиин. Иэҕэйэри билбэт сандалы остуолуҥ уйарынан ас талбытын тардыбыккын астына [аһаатыбыт]. Эвен фольк.
2. Токуруй, куоҕай. ☉ Принимать дугообразную, изогнутую форму, гнуться, сгибаться
Тибии типпитигэр, Тыал тыалырбытыгар, Тымныы чысхаан ыкпытыгар Түөрт үтүө мастарым Үмүрүһэ түстүлэр, Хоту-соҕуруу нусхайдылар, Илин-арҕаа иэҕэйдилэр. С. Зверев
Ийэм кырыйда. Сааһа да быданнаата. Иэҕэйэ, таҥхайа хааман бакаалаата. Улуро Адо (тылб.)
♦ Иэҕэйэр (иэҕэлдьийэр) икки атахтаах фольк. - киһини, киһи аймаҕы ойуулаан көрдөрөр кубулуйбат эпиитэт. ☉ Человек; человечество (букв. стоящий на двух гнущихся ногах)
Инчэҕэй эттэээххэ Иэйэр имэҥи иҥэрбит, Иэҕэйэр икки атахтаахха Эҕэрдэлээх санааны биэрбит - Ийэлээтэр ийэбит, аҕалаатар аҕабыт Аан дархан айылҕабыт барахсан! С. Данилов
Алмаас! Былыр иэҕэйэр икки атахтааҕы элбэх эрэйгэ умса тэппит күндү таас. ДФС КК
Хонуулар, толооннор элэҥнэһэн ааһаллар. Ол тухары иэҕэйэр икки атахтаах көстүбэт. «ХС»