I
туохт. Элбэх саҥаныиҥэни эбэтэр күүгээни-айдааны таһаар. ☉ Громко шуметь, жужжать; поднимать шум-гам, гомон
Күөх халлаан көхсүттэн Күлүмэн үөн күйгүөрдэ, Кумаар үөн хойунна. Саха фольк. Сөҕүөх иһин, биһиги арыыга тахсыбыппытын билэн, хара хаас халыҥ үөрэ биирдэ өрө көтөн тахсан, алыы сири үрдүнэн эргийэ сылдьан күйгүөрэр. «ХС». Күйгүөрэллэр эргиэмсиктэр: «Улуу махтал айбыкка! Күнкиһи кэлэн түүнү да кубулуттуҥ сырдыкка!» Ш. Руставели (тылб.)
△ Улахан тыаһы-ууһу таһаар. ☉ Производить грохот, грохотать, гудеть
Күнтэн — көмүөл күрүлээн, Көҥү устан күйгүөрэр. Күннүк Уурастыырап
Хаһан муус-хаар ууллан, буордаах уу күйгүөрэр, Оччоҕо мин сүрэҕим өрөгөйдөөн үөрэр. В. Лебедев (тылб.)
II
аат. Туохтан эмэ өрүкүйэн, көхтөнөн, күөдьүйэн тахсар саҥаиҥэ, күүгэн (хол., үгүс киһи, көтөрсүүрэр саҥатын туһунан). ☉ Оживленные, возбужденные, громкие голоса людей, гомон птиц, гвалт
Иһийэн турбут тайҕа тыраахтар тыаһынан, дьон күйгүөрүнэн дьигиһийэ, куугунуу-хааҕыныы түспүтэ. И. Федосеев
Кыыртаах кус буолан, эккирэтиһэ оонньуур оҕолор көрдөөх күйгүөрдэрэ иһиллэр. Сэмээр Баһылай
Кус-хаас саҥата, тыккырыы сүүрдэр көмүс сүүрээннэр тыастара барыта биир кэм уҕараабат күйгүөр, модун муусука буолан кутуллар. «ХС»
Якутский → Якутский
күйгүөр
Еще переводы: