Якутские буквы:

Якутский → Русский

күндүл

күндүл халлаан фольк. светлое нёбо.

Якутский → Якутский

күндүл

  1. аат. Күөл, өрүс, о. д. а. күлүмнүүр, кылабачыйар урсуна. Блестящая, сверкающая гладь озера, реки и т. п. Көччөх түһэр күөлүгэр, Күндүл, көмүс уутугар Утаххытын ханаҥҥыт Киэһэ ыамҥыт кэлиитигэр, Биэдэрэнэн үүттэнэн Бискэлдьийэ ыанньыйан, Пиэрмэлэргэ тиийиэххит. П. Ядрихинскай
    Бу тыыны миинэн Тыгын тойон, били ууһут оҕонньору тутаары, күөлү туораан испит, күндүл ортотугар тиийбит. БИГ ӨҮөС
    Сынньанан, миин-от иһэн бараҥҥыт, оол, илин көстөр киэҥ күндүлү, Алдан төрдүн быһа тардан таҕыстаргыт эрэ, Батамаайыга тиийиэххит. КНЗ ТС
  2. даҕ. суолт. Чаҕылхай, күлүмнэс; сандаархай. Сверкающий, блестящий; сияющий
    Кини сыдьаай халлааммар Тэргэн ый бэрдэ буолар Кини ыллыыр ырыабар Күндүл күн буолан тыгар. С. Данилов
    Кыырпах да былыта суох ыраас халлаантан сайыҥҥы күн чаҕылхайа тыгар, күндүл күлүмүн кутар. В. Протодьяконов
    Ол иһин тунал ыһыах туругурда, күндүл ыһыах күөрэйдэ. Т. Сметанин
    Күндүл халлаан поэт. — сырдык халлаан. Светлое небо. Ол ырыа көтөн хаалла Кустук нөҥүө өттүгэр, Күлүгэ суох күндүл халлаан Күлүмүрдэс чүөмпэтигэр. М. Ефимов
    Көөртүм буолуо мин ыраах Көмүс саһар хайатын, Көҥүл көтөр былыттаах Күндүл халлаан уорҕатын. А. Бродников
    Манна кэрии тыа кэрээбэт кэҕэтин чуор куолаһын, күндүл халлаан күөрэгэй чыычааҕын дьырылас ырыатын истэргэ дылыгын. «Кыым». Күндүл хаҥыл — айаас ат чулуута. Отборная необъезженная лошадь
    Лэкээрискэ күндүл хаҥыл кытыт биэ баар эбит. Күннүк Уурастыырап
    Аты барытын мин айааһыыр этим, хойут да сааһым тухары ат тойоно буола сылдьыбытым. Күндүл хаҥыл барыта дьэ миэхэ сымныыр этэ. Тоҥ Суорун
    Хабырылла Дьөгүөрэп эдэригэр ханнык баҕарар күндүл хаҥылы ойоҕолуу сүүрэн иһэн, бас быалаан, үрдүгэр түһэн айааһыыра үһү. И. Находкин

сандыл-күндүл

сыһ., поэт. Сандааран-күндээрэн, сандаардан-күндээрдэн, күлүмүрдэтэн. Так, чтобы сияло, сверкало
Саҕах үрдүнэн Сандааран көстөр Саабылаан батаһын Сандылкүндүл оонньотто, Үйэлэри үрдүнэн Өндөйөн көстөр Үрүҥ көмүс үҥүүтүн Өрө уунан күлүмнэттэ. С. Васильев


Еще переводы:

быһыттан

быһыттан (Якутский → Якутский)

быһыттаа диэнтэн бэй
туһ. Бэйэтин бэйэтэ быһыттанан, Күндүл көспөтөҕө. Күннүк Уурастыырап

сайыт

сайыт (Якутский → Якутский)

көр сайын II
Күндүл сайыт күөннээх, сандал сайыт дьайыҥнаах. ПЭК СЯЯ

уолбас

уолбас (Якутский → Якутский)

көр уолба
Ити Харыйалаах сиһигэр баар Күндүл күөлү көһөрөн, уолбас таһааран ходуһа оҥостуон баҕарар. Күннүк Уурастыырап

көҕүлэт

көҕүлэт (Якутский → Якутский)

көҕүлээ диэнтэн дьаһ
туһ. Атын туйгун ырыаһыттар холобурдарыгар көҕүлэтэн, кинилэр тойуктарын олук түһэрэн, олору үтүктэн үөрэнэр. Софр. Данилов
Саха норуота тунал ыһыаҕы туругурта, күндүл ыһыаҕы көҕүлэттэ. Т. Сметанин

күөрэйээхтээ

күөрэйээхтээ (Якутский → Якутский)

күөрэй диэнтэн атаах. Күлүк бараан түүннэрбит Күтүр дьыллыын күрэнэн, Күндүл маҥан күммүт Күөрэйээхтээн көһүннэ. Күннүк Уурастыырап
Күндү таас Чаҕыллаах Күлүмнүүр күммүт Күөх халлаан оройугар Күөрэйээхтээн таҕыста. С. Васильев

түбүлээннээх

түбүлээннээх (Якутский → Якутский)

даҕ. Сүгүлээннээх, аймалҕаннаах, айдааннаах. Беспокойный, хлопотный; многолюдный
Түүнэ суох түбүлээннээх Күндүл күнүс Күлүмчаҕаан, Сандал-күлүм Самаан сайын. П. Ойуунускай
Ордук түбүүлээннээх сиринэн иниспиэксийэ испэсэлиистэрин хоһо буолла. В. Яковлев

көһүччү

көһүччү (Якутский → Якутский)

сыһ. Көһүйэн хаалбыт курдук, көһүйбүттүү. До полной неподвижности
Адарай сэриилээх От тэллэх, Нэк күөдэл Ороҥҥо Муннукка чэҥ муустан Көһүччү Тоҥуоҕа Атаҕым. С. Васильев
Көлүкэ күөл Көһүччү тоҥмутун курдук Күндүл маҥан остуол Саргылаах таһаатыгар Талыы ас тардыллыбыт. П. Ядрихинскай

күллүргэс

күллүргэс (Якутский → Якутский)

даҕ. Тохтуу-тохтуу бүтэҥитик күүскэ сааллар. Гулко плещущий
Күөх күндүл урсуҥҥун, күллүргэс долгуҥҥун Олус таптаан сүрэхпэр хатаатым. Баал Хабырыыс
Хара муораҕа Дьогдьойон, Тумуллаан киирэн тураҕын, Күллүргэс Күүстээх долгун охсуутун уйаҕын. С. Васильев

күндүкэй

күндүкэй (Якутский → Якутский)

күндү диэнтэн атаах.-аччат. Мин хайам Күндүкэй тойуктаах Күөрэгэй чыычаахтаах Мин хайам Кэрэ-чуор куоластаах Кэрээбэт кэҕэлээх. С. Васильев
Күөх халлаантан күүрэ тохтор Күн күндүл уота буолан, Көтөн тиийиий күндүкэйбэр Сүрэх итии таптала. «ХС»

мандаар

мандаар (Якутский → Якутский)

туохт. Сырдаа, олус ыраас, чуолкай буолан көһүн. Излучать яркий свет, светиться
Күһүн буолан алааһым Күрэҥсийбит тыатыгар Ыйым тыган мандааран Ыраас уотун куттаҕа. Сибэккилэр
Ханна да буолуум, үрдүбэр Сардаҥара сандааран Сахам сирэ, мин дойдум Күндүл күнэ мандаарар. «ХС». Тэҥн. сандаар