Якутские буквы:

Якутский → Якутский

күрдьэхтэн

күрдьэхтээ диэнтэн бэй
туһ. Сүүсчэкэ киһи илин саахта диэки хойгуоланан, күрдьэхтэнэн субуһан эрэллэр. Н. Павлов

күрдьэх

аат. Тугу эмэ (буору, хаары) хаһар, баһар сытыы лэппэгэр эбэтэр уһуктаах төгүрүк төбөлөөх уһун укка олордуллар туттар тэрил. Лопата
Куһаҕан Хочугур күрдьэҕин тайахтанан баран, сэргэни өрө көрөн турбут. Саха фольк. Дьөгүөссэ кэнниттэн Даайыс күрдьэх тутан тахсар. А. Софронов
Күндүл хоту тыатын иһэ мас кэрдэр сүгэ, буор хаһар күрдьэх, хойгуо тыаһынан туола түспүтэ. Күннүк Уурастыырап
Мас күрдьэх — хаптаһыны аҥаар өттүн салбахтыы кыһан оҥорбут күрдьэх (ынах сааҕын күрдьэргэ аналлаах). Деревянная лопата, предназначенная для сгребания навоза
Саах күрдьэр мас күрдьэх.  Мас күрдьэҕи эргитэ туппут курдук икки сирэйдээх дьоннор бааллар. Амма Аччыгыйа. Тимир күрдьэх — тимиртэн оҥоһуллубут күрдьэх, лаппаакы. Железная лопата
Эдэр тойон аҥаар илиитигэр чаанньыгы, аҥаарыгар тимир күрдьэҕи туппутунан даллайан туран хаалбыт. Софр. Данилов
Дьиэлээх тойон, Баһылайы ыҥыран ылан, баһымньыларда, тимир күрдьэхтэрдэ бэлэмнээ диэн соруйда. С. Никифоров. Туора күрдьэх — үксүн паньыараттан оҥоһуллубут, хаар күрдьэр кэтит күрдьэх. Широкая лопата из фанеры для сгребания снега
Ньукуус туора күрдьэх сигэлии олорон, кыратык киҥинэйэн ыллыыр. Эрилик Эристиин
Хотуок тула күрдьүккэ туруору анньыллыбыт туора күрдьэхтэр курдук сырдатар модун прибордар саллаһан көстөллөр. С. Руфов. Хоппо күрдьэх — 1) ойбон алларарга муус бытархайын баһар төгүрүктүҥү уһун ньолбуһах хаһыылаах мас күрдьэх. Большая деревянная лопата овальной формы для выгребания из проруби мелкого льда
«Бу уол иирдэ дуу, киһини буруонан тумнараары гынна!» — дии түстэ Көлөпүнэ уонна сөтөллө-сөтөллө, хоппо күрдьэх саҕа ытыһынан атын үлүгэрдик сапсыйан нэлэҥнэттэ. Н. Заболоцкай; 2) муҥха балыгын баһар күрдьэх. Лопата, используемая при дележе добытой неводом рыбы
[Ньургун Боотур] Эриллэҕэс тиитим орто дүлүҥүн Оломооттоон ылан олорпут курдук, Эриллэ дапсыл харылаах эбит …… Кумуулаах оҕуруктаах хоппо күрдьэх саҕа Куораан далай ытыстаах эбит. П. Ойуунускай
Байбал оҕонньор хайыр муус үрдүгэр мэндэллэн туран, балыкка кыырт курдук түспүт дьону, саҥата-иҥэтэ суох, хоппо күрдьэҕинэн аргыый аҕай дуксуйан испит. А. Бэрияк
ср. тюрк. күрэк ‘лопата’

Якутский → Русский

күрдьэх

лопата; мас күрдьэх деревянная лопата; тимир күрдьэх а) железная лопата; б) заступ; туора күрдьэх лопата для сгребания снега; аҥара күрдьэх маһа , аҥара таҥара маһа погов. одна половина годится для лопаты, другая — для иконы (т. е. хорошее и плохое соседствуют друг с другом).


Еще переводы:

хойгуолан

хойгуолан (Якутский → Якутский)

хойгуолаа диэнтэн бэй., атын
туһ. Тимир күрдьэҕинэн балачча хаспахтаан баран, тоҥ буорга тиийэн хойгуоланнылар. С. Никифоров
Саахтаҕа киирэрэ анал таҥастаах сүүсчэкэ киһи илин саахта диэки хойгуоланан, күрдьэхтэнэн субуһан эрэллэр. Н. Павлов

таймалан

таймалан (Якутский → Якутский)

таймалаа диэнтэн бэй
туһ. Уос-тиис оҥостуммут, кырааскаламмыт таймаламмыт эдэр дьахтар эт баһаарыгар биир дойдулаах эмээхсинин көрсө түспүт. Софр. Данилов
Эн биһиги …… даачалана таймалана сылдьарбыт диэн кэлиэ дуо, даачаҕа хорҕойор биһиги идэбит буолбатах. ПП Дь
Оҕонньор дьиэлээх аалын баһа дьэ хоҥнон, күрдьэхтэнэн таймаланан дьиэ үрдүгэр бу тахсан турдаҕа [хаары түһэрээри]. «ХС»

лопата, лопатка

лопата, лопатка (Русский → Якутский)

сущ
күрдьэх

заступ

заступ (Русский → Якутский)

м. хоруур, тимир күрдьэх.

күрт=

күрт= (Якутский → Английский)

v. to dig; күрдьэх n. shovel, spade, dig

хоппо

хоппо (Якутский → Русский)

короб; хоппо сыарҕа кошёвка, лёгкие сани; хоппо күрдьэх совковая лопата.

сигэлэн

сигэлэн (Якутский → Якутский)

сигэлээ диэнтэн бэй., атын
туһ. Оҕонньор күрдьэҕин сигэлэнэр. Пьесалар-1956.

ханньыас

ханньыас (Якутский → Якутский)

аат., түөлбэ. Мас күрдьэх. Деревянная лопата. Оҕонньор ханньыас оҥордо

улитка

улитка (Русский → Якутский)

сущ
күрдьэҕэ, хаба

күрдьэхтээ

күрдьэхтээ (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Күрдьэхтэ оҥорон эбэтэр атыылаһан биэр. Сделать кому-л. лопату, наделить кого-л. лопатой. Эдэр киһини күрдьэхтээ
2. Мас күрдьэҕинэн ыраастаа. Чистить или сгребать что-л. деревянной лопатой. Олбуор хаарын күрдьэхтээ