Якутские буквы:

Якутский → Якутский

күөгэй

I
туохт.
1. Аа-дьуо нуоҕайа хамсаа (хол., наһаа уһун, төбөтүгэр лабаалардаах имигэс талах туһунан). Плавно, мягко клониться, склоняться (напр., о длинной и упругой иве)
Төбүлэх кытыытыгар, эдэр хатыҥы кытта куотуспуттуу айылҕа отонноох мастара күөгэйэллэр. А. Сыромятникова
2. Биир тэҥник, намыыннык долгулдьуй (туох эмэ долгуннурар урсунун туһунан). Плавно качаться из стороны в сторону, колыхаться (о зыбкой поверхности чего-л.)
Сир ийэ, күөх солконон бүрүйбүт курдук, көҕөрөн күөгэйбит. Эрилик Эристиин
Лоҥкууда үрэх сааскы уута түһэн, соломмут кытыллар долгуннура оонньуур күөх үүнүүнэн күөгэйдилэр. М. Доҕордуурап
Күөгэйэр күнүгэр сылдьар көр күн
Оччолорго Баһылай күөгэйэр күнүгэр сылдьара, кылыыга кыттара. «ХС»
II
даҕ., эргэр. Ньулдьаҕай, ситэ-хото илик. Неокрепший, слабый. Күөгэй оҕо. Күөгэй киһи

күөгэй-нусхай

туохт. Аргыый аҕай нуоҕайа, долгуйа хамсаа (үүнээйини, айылҕаны этэргэ). Расцвести пышным цветом, легким трепетом откликаясь на каждое движение воздуха
Көтөр-сүүрэр көйүөрэ үксээтэ, көрдөөхнардаах саас күөгэйэн-нусхайан субу тиийэн кэллэ. М. Доҕордуурап

Якутский → Русский

күөгэй=

1) выгибаться плавно, мягко, клониться, склоняться (о длинных и упругих предметах); 2) плавно подаваться, колыхаться (о зыбкой поверхности) # күөгэйэр күммэр в лучшие дни моей молодости.


Еще переводы:

күөгэйии

күөгэйии (Якутский → Русский)

и. д. от күөгэй =.

күөгэҥнээ=

күөгэҥнээ= (Якутский → Русский)

мерно-кратн. от күөгэй =.

күөгэс

күөгэс (Якутский → Русский)

күөгэс гын = момент, от күөгэй = вдруг, неожиданно плавно изогнуться; вдруг качнуться.

тааска

тааска (Якутский → Якутский)

тэһэ барар тааскабар — муҥутаан сиппит-хоппут кэммэр, күөгэйэр күммэр. В пору расцвета жизненных сил
Былыр күөгэйэр күммэр, дьэлтэйэр дьэппэр, тэһэ барар тааскабар инчэҕэй эттээххэ, иннинэн сирэйдээххэ атахпынан баһыйтарбатах эристииммин. Ф. Постников

күөгэйээхтээ

күөгэйээхтээ (Якутский → Якутский)

күөгэй I диэнтэн атаах. Күлэн-үөрэн Күргүөмүнэн Көхтөөх похуот айанныыр, Көҕүйээхтээн, Күөгэйээхтээн Күөх лабаабыт далбаатыыр. С. Дадаскинов

күөгэт

күөгэт (Якутский → Якутский)

күөгэй диэнтэн дьаһ
туһ. Оҕонньор хас да сиргэ лэкээ бугул саҕа түптэлэри оҥортоон, алаас иһин күөх буруонан күөгэттэ. Л. Попов

түктүмэрдээх

түктүмэрдээх (Якутский → Якутский)

даҕ., эргэр., фольк. Күлүктээх, хараҥа (түүн туһунан). Сумрачный, тёмный (о ночи)
Түктүмэрдээх түүнэ суох күрүлүүр күнүһүнэн күөгэйбит [дойду]. ПЭК СЯЯ

дьэлтэй

дьэлтэй (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Төп-төгүрүк буолан уонна улаатан көһүн. Быть, казаться большим и круглым
Күн саҕах үрдүнэн дьэлтэйэ быкта. Софр. Данилов
Түүн. Күһүҥҥү хараҥа …… Дьэлтэйбит ый аҥаара Былыты быыһынан күлтэйдэ. С. Васильев
Дьэлтэйэр дьэтэ - сиппит-хоппут кэмэ, күөгэйэр күнэ, саамай ситэр, тупсар сааһа. Пора расцвета сил, лучшая пора физической зрелости
Күөгэйэр күнүм, дьэлтэйэр дьэтим саҕана сиибиктэ үтүөтүн-өҥөтүн билэн турардаахпын. И. Данилов
Мин бу билигин сүүрбэ сааспын туоллум, саамай күөгэйэр күнүм, дьэлтэйэр дьэтим. Саха сэһ. 1977

булулун

булулун (Якутский → Якутский)

бул диэнтэн атын. туһ. Кыра-кыралаан мас көтөрө, балык, тоҥ үүт эмиэ булулунна.И. Никифоров. Иннилэригэр күөгэйэр сиһинэн быһа барар суолу билэр сирдьит булуллубута.Эрилик Эристиин

дьэргэн

дьэргэн (Якутский → Якутский)

көр дьэргэл
Алаарыйар кустук дьэргэн солко курдаах. П. Ойуунускай
Тыал түһэн, таас үрэх сүүрүгүн дьэргэнэ Күөгэйэр сибэкки күөх дуйун суурайар. П. Тулааһынап