туохт.
1. Хам бааччы сытар да, олорор да кыаҕыҥ суох буолан мээнэ хамсан, дэлби хамсаан таҕыс (хол., туохтан эмэ босхолоно сатаан, эбэтэр ыалдьан, тыын былдьаһан). ☉ Биться, метаться (напр., от боли или высвобождаясь из чего-л.)
Ууттан тахсыбыт собо мөхсөн лаһыйар. Бэһис балаатаҕа Степанов сордоох билиҥҥэ диэри ө й д ө н ө и л и к , …… тыынын былдьаһан мөхсөр. Н. Лугинов
Биирдэ өйдөнөн кэлбитим, о ҥ х о й и һиг э р с ыт а р э б и п пи н , туох эрэ кыбыс-кытаанах хам баттаабыт. Мөхсөбүн. Т. Сметанин
Витя умса-умса күөрэйтэлии, мөхсө, чалбыы сырытта. Н. Заболоцкай
2. Күүскэ тэбиэлээн ыл, мөҕүллэҥнээ (сүрэх туһунан). ☉ Забиться, задрожать (о сердце)
Оксана сүрэҕэ мөхсөн, уҥуоҕа хамсаан кэлтэ. Суорун Омоллоон
Орлосов хараҕа хараҥарталаан ылла, сүрэҕэ ойон тахсыах курдук мөҕүстэ, хаана ыгылынна. Н. Габышев
Аркаша нохтолоох тойон сүрэҕэ толугуруу мөҕүстэ. ДьИэБ
3. көсп. Б ы ы һ а с у о х т у о х х а э м э т ү б ү г ү р , туох эмэ түбүгэр түс. ☉ Быть постоянно занятым чем-л., заваленным работой, хлопотать, суетиться, вертеться как белка в колесе
Анна Андреевна наар эт атыытыгар мөхсөн таҕыста. Софр. Данилов
Ити күнтэн ыла Сүөдэр, бурҕалдьытын кэппит оҕус курдук, эмиэ күннэр аайы үлэҕэ мүлкүллэн, мөхсөн барар. Н. Якутскай. Куорат тойотторо, а т ы ыһыттар …… куораты урукку чөлү гэр түһэрээри араастаан мөхсөллөрө. П. Ф илиппов