туохт. Кимиэхэтуохха эмэ маарыннаа, кими-тугу эмэ санат; санатан ыл. ☉ Походить, быть похожим на кого-л., иметь сходство с кем-л.; напоминать кого-что-л.
Платон ити быһыыта убайа Костя Слепцов быһыытыгар олус майгынныыр. Суорун Омоллоон
Кулуһун Чанчыктара эмиэ күһүҥҥү сарсыардааҥҥы маҥнайгы хаһыҥтан кырыарбыт тэлгэһэни санаталлар, онуоха эбии сирэйэ өтөрдөөҕүтэ ыалдьан турбут киһиэхэ майгынныыр. И. Гоголев
Арай ити «уларыйбатаххын» диэни истэн эмискэ кини [Саша] сирэйигэр урукку Катяҕа майгынныыр туох эрэ күлүм гынан ааспыта. Н. Лугинов. Тэҥн. маарыннаа
Якутский → Якутский
майгыннаа
Якутский → Русский
майгыннаа=
см. майгылаа=.
Еще переводы: