Якутские буквы:

Якутский → Якутский

мэйиилээх

даҕ., кэпс. Өйдөөх. Умный
«Убайыҥ, бука, эйигиннээҕэр көбүччү мэйиилээх киһи эбитэ буолуо эбээт!» — диэтэ Арамаан уол. Амма Аччыгыйа
«Төһөтүн да иһин мэйиилээх киһи», — дэһэллэр баатырдар бэйэ-бэйэлэригэр. Г. Угаров


Еще переводы:

толкуйдаах

толкуйдаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Ыллыктаах санаалаах, өйдөөх, мындыр. Толковый, разумный. Кирибинньиктиирэ дьирибинэйиэм! Оҕуруктаах толкуйдаах, Киллэриилээх мэйиилээх, Сыталлаах сырыылаах [Оҕону ордороҕуон?!] Өксөкүлээх Өлөксөй
Дмитрий Михайлович дьон майгытын табатык сыаналыыр, толкуйдаах киһи. ФДМ БМК

дома

дома (Русский → Якутский)

нареч. 1. (у себя) дьиэҕэ, дьиэтигэр; будьте как дома дьиэҕэр баар курдук санан; в гостях хорошо, а дома лучше поел, ыал-дьыттыыр үчүгэй да, бэйэ дьиэтэ оннооҕор ордук; 2. (в родных местах) дойдуга; у нас дома биһиги дойдуга; # у него не все дома кини быһаҕас мэйиилээх, акаарытыҥы.

имиллэҥнэт

имиллэҥнэт (Якутский → Якутский)

имиллэҥнээ диэнтэн дьаһ
туһ. «Бука, эйигиннээҕэр көбүөччү мэйиилээх киһи эбитэ буолуо эбээт!» - диэтэ Арамаан уол, хотуурун угун имиллэҥнэтэ-имиллэҥнэтэ. Амма Аччыгыйа
Көстүбэт модун илии ол сырдаамахтаан ыла-ыла хараарыҥныыр өһөх халлааны имиллэҥнэтэргэ дылы. Софр. Данилов
Оҕотоойоп туран, көһүйбүт көхсүн имиллэҥнэтэн, тыыллаҥнаата. Софр. Данилов

иэҕэҕэр

иэҕэҕэр (Якутский → Якутский)

даҕ. Иҥнэри соҕус; үөһээ өттүнэн токуруйа соҕус, куоҕаҕар соҕус. Слегка наклоненный, накренившийся (о стоящем вертикально предмете), гнутый сверху
Иэҕэҕэр да быһыылаах, уһун да моойдоох, үрдүк да атахтаах, ынаҕар да быһыылаах, лөкөгөр да мэйиилээх көтөрдөр бары батыспат гына төгүрүйэн олороллор. Саха ост. I

көрсүө

көрсүө (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Мэнигэ, тэбэнэтэ суох, оттомноох. Смирный, тихий, спокойный
Кини өйдөөх, көрсүө, сэмэй оҕо, хайаан даҕаны үөрэҕи ылыаҕа. В. Протодьяконов
Көрсүө сирэйдээх-харахтаах эдэр киһи киирэн кэллэ. П. Филиппов
2. Өйдөөх, толкуйдаах. Умный, толковый, мудрый
Көҥүл санаалаах, Көрсүө мэйиилээх, Көнө сүрэхтээх Аан Алахчын хотун. П. Ойуунускай
Оннук, мин эппиппинэн буоллун. Көрсүө тыл бэлиэ! П. Аввакумов
ср. п.-монг. кэрсэгү ‘проницательный, сметливый, умный’

күүстээх-күдэхтээх

күүстээх-күдэхтээх (Якутский → Якутский)

даҕ. Ыараханы кыайар, улахан кыахтаах (быччыҥын күүһүнэн). Физически сильный, с большими физическими возможностями
Били уонча сыллааҕыта Нуораҕанаттан убайын батыһан, Чурапчылаан испит кыра уол — бүгүн сиппит-хоппут, күүстээх-күдэхтээх Россия чемпиона буола баараҕадыйда. «Кыым»
Осел буоллаҕына бэрт диэн өйдөөх-мэйиилээх уонна күүстээх-күдэхтээх көлө эбит. Бырааттыы Гриммнэр (тылб.)

эргистээ

эргистээ (Якутский → Якутский)

туохт., эргэр. Эргилин, хайыс. Поворачиваться, оборачиваться
[Көрүүлэнэ олордохпуна] Эрчимнээх иҥиирдээх Эгэлгэ мэйиилээх Эр бэртэрэ Бэркэ-бэркэ биһиги Эристииннэр диэки Эргичитэн саныыллар, Эргистээн көрөллөр, Элиэтээн ааһаллар эбит ээ. Өксөкүлээх Өлөксөй
[Мэник Мэнигийээн] күн дьааһыгырбытын кэннэ дьиэтин диэки дьэ эргистээбит. Саха ост. II

эмиэ даҕаны

эмиэ даҕаны (Якутский → Якутский)

саҥа алл. сыһыан холб.
1. Сөҕөн-махтайан этиини көрдөрөр. Выражает восторг и изумление говорящего (о как, надо же!)
Эмиэ даҕаны, киһи бөҕө буолар эбит! Эмиэ даҕаны, Икки атахтаах, Биэс бэһиэйэхтээх, Эт мэйиилээх, Эгэлгэ санаалаах Эрийэн-буруйан, Эриэккэстээн, эгэлгэлээн Тэрийэр да буолар эбит! С. Зверев
2. Сиилээһини көрдөрөр. Выражает осуждение говорящего (ну и ну!). Эмиэ даҕаны, утуйдаҕа кытаанаҕын! Эмиэ даҕаны, тойоттору эрэ кытта дорооболоһор дии!
Эмиэ даҕаны, Хара муораҕа эрэ барбыт киһи сынньаннаҕай! «ХС»

аармыйа

аармыйа (Якутский → Якутский)

аат.
1. Судаарыстыба сэриитин күүһэ; байыаннай сулууспаҕа сылдьар сэрии дьоно (уопсайынан түмэн этэргэ). Вооруженные силы государства, армия; армейские военнослужащие (в совокупности). Аармыйаҕа сулууспалаа
Ити оҕо манна бостууктуур, биһиэхэ олорор
Хайа, аны күһүн аармыйаҕа ылаллара буолуо, онуоха диэри дьонугар көмөлөһөр. Далан
Кини аармыйа олоҕор хайабытыттан да дөбөҥнүк үөрэммитэ, хайабытынааҕар да урут ситэн-хотон, эр киһиэхэ кубулуйа охсубута. Софр. Данилов
2. Сэрии дьоно. Вооруженные люди, войска
Ыраахтааҕы Уот Уһутаакы тахсар күнүгэр аармыйатын мунньан, муора кытыытыгар тоһуйбут. Саха фольк. Биэрэккэ кэлбиттэрэ туохха да холооно суох, халыҥ өрөһө былыт курдук, эриэн кыыл аармыйата биэрэги манаан турар эбит. Саха ост. II
Манна ол туундара дойдуга эмиэ туох аармыйата кэллэҕэй? Н. Якутскай
3. кэпс. Туохха эрэ биир сиргэ мустубут олус элбэх дьон. Скопление большого количества чем-л. объединенных людей
Сухалаах, тараахтаах аармыйа Биэрэстэ сиринэн субуйбут. Үлэни дьаһайар Даарыйа барытын учуоттаан суруйбут. Эрилик Эристиин
Халыҥ аармыйа [муҥхаһыттар] халҕаһалыы аста, Хаайда балыгы кыараҕас иигэ. С. Тарасов
4
аарбыйа диэн курдук. Эт мэйиилээх эймэниэн курдук, сүүс сүгүлээнэ, аармыйа араллаана манна буолбут эбит. П. Ойуунускай

иэдьэгэй

иэдьэгэй (Якутский → Якутский)

аат. Аһыйбыт үүттэн оҥоһуллар үрүҥ ас. Творог (приготовляемый из скисшегося молока)
Тууйастаах иэдьэгэйдэрин билигин да тыыппакка сүбэлэстилэр. Амма Аччыгыйа
Бэҕэһээ Мурсай ойоҕо, элбэх баҕайы иэдьэгэйи ыга турдаҕына, ааны өҥөйөн туран ытыспын тоһуйбуппар, өрүү тылланаҕын диэн, дэлби мөхпүтэ. Эрилик Эристиин
Хаппыт иэдьэгэйи хобордооххо кутан аҕалан, остуолга уурда. Р. Кулаковскай
Сакаастаабыт аспыт үксэ үрүҥ астан буолла. Хойуу сүөгэй, убаҕас сүөгэй, үүт, кымыс, иэдьэгэй онтон да атын. С. Васильев
Иэдьэгэй мэйии фольк. - акаары, тугу да толкуйдаабат, быһаарбат. Тупица, мякинная голова
Куба буолабуола!.. Ар-дьаалы!.. Туох аанньатыгар туоска суруллубут үһү? Туналыйбытын тухары толору көҥдөй, иэдьэгэй мэйии буолбат дуо кини. П. Ойуунускай
«Торуой хаамар үгэскин Тосту быһа хаалларан, Төрөппүт дьон үлэтигэр Көмөлөһөр туһунан Иэдьэгэй эт мэйиигэр Эмиэ өйдөөн көр!» - диэтэ. Р. Баҕатаайыскай. Иэдьэгэй эттээх фольк. - кэбирэх эттээх. Человек с нежным, белым, легко ранимым телом
Ол Үөһээ дойду үлүскэннээхтэрин улуу моҕой уот тыыннарын ириҥэ мэйиилээх, иэдьэгэй эттээх урааҥхай саха барахсан тулуйуо дии санаабаппын. П. Ойуунускай
Иэдьэгэй эттээх Иринньэх оҕо Эрдэхтэн ыла, Иҥсэлээх тойот Илимэр иҥнэн, Иинэҕэс мастыы Эриллэ хатан, Имиллэ үүнэн Испитим баара. Эллэй
Иэдьэгэй уута - иэдьэгэйи оҥорорго тахсар убаҕас. Жидкий отстой творога, сыворотка
Салҕалаан тиийээхтээн иэдьэгэй уутун истэ. П. Ойуунускай
Хайыы-үйэҕэ балтараа нэдиэлэ буолла аҥаардас от силиһинэн уонна аһыы иэдьэгэй уутунан аһаабытым. Пьесалар-1960. Иэдьэгэй эрбэһин - сыыс от көрүҥэ. Вид сорной травы. Бу сири иэдьэгэй эрбэһин былдьаабыт. Иэдьэгэй эриэн - быдьына-быдьына харалаах эриэн (сүөһү өҥүн туһунан). В крапинку, крапчатый (о масти коровы)
Иэдьэгэй эриэн ынах.  Мукугур муостаах, муунта үүттээх Буомтуйбут хара ынахпытын Тэрэгэр муостаах, кэдэгэр систээх, Боппууда үүттээх иэдьэгэй эриэн Боруода ынах солбуйда. С. Зверев
ср. монг. эдьэгэй 'сметана'