нареч. 1) шаловливо; 2) бестолково.
Якутский → Русский
мэниктик
мэник
I 1) шалун, баловник || шаловливый, баловной; шальной; мэник уол мальчик-шалун, шаловливый мальчик; 2) дурак, глупец || дурной, глупый; далай мэник далаҕа непроходимый дурак.
II частица разг. выражает постоянное длительное действие часто, много; ытырдар мэник буоллум я начал часто чихать; күлэр мэник буолбут кыыс хохотушка; ср. мээрик .
мэник-тэник
беззаботный, бездумный.
Якутский → Якутский
мэниктик
сыһ. Дьээбэлээхтик, тэбэнэттээхтик. ☉ Ша ловливо, проказливо, с озорством
Кирилл Васильевич үөрэ-көтө кэпсэтэр, элэктэһэр, биирдэ эмэ дьиибэлэһиэ да тарбахтарын, и лиилэрин ыга тутуо, мэниктик саҥарталыа — онон бүтэр. Н. Габышев
мэник
I
1. даҕ. Дьээбэҕэ тиллэр, тэбэнэттээх (үксүгэр оҕо туһунан). ☉ Шаловливый, озорной
Атах сыгынньах мэник уол холумтан үрдүгэр ыттан тахсан, торбос ыстаанын өрө тардына-тардына, дьон саҥарсалларын иһиллээн, дээдэйэн турда. Н. Неустроев
Күлэ-үөрэ тамнааттаһа оонньууллар Тиэргэн мэник бэдиктэрэ, Тэп-тэтэркэй иэдэстэрэ. И. Гоголев
Мэник оҕону аҕата дуу, убайа дуу ылан таһыйан эрэрин курдук сананна. Н. Заболоцкай
2. аат суолт. Дьээбэҕэ тиллэр, тэбэнэттээх киһи (үксүгэр оҕо туһунан). ☉ Шалун, озорник, баловник
Мэниги атаахтатыма — баскар ыттыа (өс хоһ.). Ордук мэниктэрэ, тэбэнэттээхтэрэ чыскыйбахтаан, тыбыырбахтаан ылаллар. Амма Аччыгыйа
[Петя] мэнигинэн, бөппүрүөгүнэн, дьиибэтинэн аатырбыта ыраатта. М. Доҕордуурап
♦ Мэник буулдьа — кими эмэ дэҥҥэ таппыт буулдьа. ☉ Шальная пуля
«Балааҕыйа эрэйдээх үрүҥнэргэ тутуллан, асчыт-күөсчүт буола сылдьан, ытыалаһыы кэмигэр мэник буулдьаҕа табыллан өлбүт үһү», — диэн сурах иһиллибитэ. С. Никифоров
Эн кыргыһыыга өл бүккүн дуу, эбэтэр мэник буулдьа тап пытын дуу — ким да билбэт. Ч. Айтматов (тылб.)
◊ Мэник саас — эдэр оҕо саас. ☉ Детский возраст, детские годы
М эник саас ааспыт быһыылаах, Биһиги би лигин атыммыт. Туох буолуой… Биир эрэ кыһыылаах: Төттөрү төннүбэт ол сааспыт. С. Тимофеев
Оччотооҕу мэник сааска Дьонум дьиэҕэ суохтарына, Оту-маһы хомуйан Уот отто оонньуур этим. А. Бэрияк. Мэник санаа — киһиэхэ быстахтык киирэн ааһар дьээбэлэниэх, тэбэнэтириэх санаа. ☉ Шальная мысль. Орой (улдьаа) мэник — ис иһиттэн тэбэнэттээх, дьээбэлээх (үксүгэр оҕо туһунан). ☉ Проказник, сорванец, озорник. Оо, төрөөбүт дойдуом! Бырастыы гын миигин — Улдьаа мэниккин, — Быралгы уолгун, …… Эн чөҥөлөх алааскар Дьиэтийбэтэх буруйбун. С. Данилов
Орой мэник эрдэхпиттэн Тииккэ ытта оонньуурум. Уйаларыттан үргүтэн Тураахтары куттуурум. Баал Хабырыыс
Доҕоттоор, бу туох орой мэнигэ, урааҥхай киһитэ маннык хаарыан чаһыны ууга тамнаан барбыт бэйэтэй? Н. Заболоцкай
ср. монг. мэнэг ‘слабоумие, идиотизм’
II
аат эб. Билиҥҥи бириэмэлээх туохтуурдары кытта туттуллан, хайааһын тохтоло суох үгүстүк оҥоһулларын көрдөрөр. ☉ Употребляясь с глаголами настоящего времени, выражает длительные повторяющиеся действия
Арай били иирээки ырыган Ыстапаан киирэртахсар мэник буолар. Н. Түгүнүүрэп
Үлэлээбэккэ күлэр мэник буола олоруоҥ дуо? И. Данилов
Мин бүгүн ытырдар мэник буоллум. «ХС»
мэник-тэник
даҕ. С ы т ы ы - х от у у, к э л б и т - б а р б ы т ( үксүгэр оҕо туһунан). ☉ Шустрый, проворный, бойкий, шаловливый
Ыалбар Бүөтүргэ сырыттым, сэттэлээх мэник-тэник, чобуо кыыһынан бүтүн уопсай дьиэ ыалын барытын кэрийтэрдэ да, биир даҕаны ыал кууруссата сымыыттыы илик эбит. Н. Г абышев. Оҕолор бары, ол иһигэр араас мэ ник-тэник да уолаттар, Дмитрий Петровиһы наһаа убаастыыллара. НЕ ТАО
Оттомо суох, мэник-тэник оҕолор эбиттэрэ буоллар, этэргэ ды лы хоҥурууларыгар да хоҥнорботохторуна көҥүллэрэ эбит. ФЕВ УТУ
Якутский → Английский
мэник
a. naughty, stupid
Еще переводы: