нареч. шаловливо, озорно, игриво; тэбэнэттээхтик оонньоо = шумно шалить; тэбэнэттээхтик күл = громко, игриво смеяться.
Якутский → Русский
тэбэнэттээхтик
тэбэнэттээх
шаловливый, озорной; игривый; тэбэнэттээх оҕо шаловливый ребёнок.
Якутский → Якутский
тэбэнэттээхтик
сыһ. Дьээбэлээхтик, мэниктик, үөннээхтик. ☉ Шаловливо, озорно, игриво
Ол дьахтар …… хара вуаль биллэ-биллибэт илимин курдат эмиэ да намыыннык, эмиэ да тэбэнэттээхтик, эмиэ да таайтарыылаахтык, эмиэ да аһаҕастык көрөн тырымнаппыт этэ. Софр. Данилов
Нина уоллаах кыыһы хардары-таары тэбэнэттээхтик көрүтэлээтэ. Э. Соколов
Кыысчаан уһуктаах сэҥийэлээх, төптөгүрүк ис-киирбэх сирэйдээҕэ, кыараҕас хара харахтара тэбэнэттээхтик көрөллөрө. «ХС»
тэбэнэттээх
даҕ. Дьээбэлээх, мэник. ☉ Шаловливый, озорной, игривый
Туоскун урут наар үлэнэн-хамнаһынан өрүкүнэйэ, күлэ-үөрэ сылдьар, арыы-сыа иҥмит эттээх сирэйэ субараан, кубарыйан, хараҕар оонньуур тэбэнэттээх кыымнара сүтэн, быдан сааһырбыкка дылы буолбут. Софр. Данилов
Тэбэнэттээх оҕолор соруйан тургутан көрөн ыйытары сөбүлээччилэр. ЧКС ОДьИи
Галя мичээрдээтэ, харахтарыгар тэбэнэттээх уоттар саҕылыннылар. «ХС»
Еще переводы: