Якутские буквы:

Якутский → Русский

ньирилээ=

равн.-длит. 1) гулко звучать; греметь, грохотать; этиҥ ньирилиир гром грохочет; улахан хор ньирилиир гремит большой хор; 2) перен. ощущать глухую, тупую боль.

Якутский → Якутский

ньирилээ

тыаһы үт. туохт. Тохтообокко биир күрүс ньириһийэн тыаһаа. Непрерывно гудеть, грохотать, греметь, громыхать
Өрүс эстэн ньирилээтэ. Амма Аччыгыйа
Эмискэ массыына мотуорун тыаһа ньирилээн тиийэн кэллэ. Р. Кулаковскай
Сөмөлүөт мотуорун тыаһа ньирилээн …… иһиллэр. Н. Якутскай
ср. бур. нэрьехэ ‘греметь’, чув. нарла ‘жужжать’


Еще переводы:

рокотать

рокотать (Русский → Якутский)

несов. куугунаа, ньирилээ.

ньирилэт=

ньирилэт= (Якутский → Русский)

побуд. от ньирилээ =.

ньирилий

ньирилий (Якутский → Якутский)

туохт. Ньирилээн тыаһаа. Гулко, громко грохотать, гудеть
Тыа, хонуу аайытын Тыраахтар көлө ньирилийбит. Саха нар. ыр. III

ньирилэс

ньирилэс (Якутский → Якутский)

I
ньирилээ диэнтэн холб. туһ. Оҕолор бука бары Туллукчааннарын аһыйан ытаһан ньирилэстилэр. Болот Боотур
Аар этиҥнэр ньирилэһэ этэллэр. И. Эртюков
II
даҕ. Ньирилээн иһиллэр, ньирилиир тыастаах. Непрерывно гулко грохочущий, гремящий (об отдалённом звуке)
Ньирилэс ардах ортотунан Силтэһин эмиэ тутуллан барбыта. Күннүк Уурастыырап
Ханнык эрэ ньирилэс марш киһи дууһатын өрө көтөҕөрдүү өрө баргыйбыта. Н. Габышев
Ньирэйи ииҥҥэ түһэрбиттэрин кэннэ, дүҥүр тыаһын курдук ньирилэс тыастаах холорук өрө уһууран тахсыбыта. И. Федосеев

рокот

рокот (Русский → Якутский)

м. куугунааһын, ньирилээһин; роког моря муора куугунааһына.

доллорхой

доллорхой (Якутский → Якутский)

даҕ. Улахан, суон, ньирилээн иһиллэр (хол., куолас). Громкий, рокочущий (о голосе)
Доллорхой куоластаах тойуксуту үтүктэрдии, силлиэ тыал күүгүнээн түстэҕэ. П. Ламутскай (тылб.)

ньирилики

ньирилики (Якутский → Якутский)

даҕ., фольк. Ньирилиир тыастаах. Гулко грохочущий
Ааттаах Нүһэр Дархан ньирилики ох саата. И. Гоголев
Ньиргиэрдээх ньирилики Ньир муос саатын …… Иэмэх курдук тардан кэбистэ. Күннүк Уурастыырап

таһымнааһын

таһымнааһын (Якутский → Якутский)

таһымнаа диэнтэн хай
аата. Өрүс аллараа сүүрүгэр муора таһымнааһынын (үллүүтүн) кэмигэр түөрт миэтэрэҕэ тиийэ үрдүктээх …… долгуннар дохсуннук ньирилээн, өрүһү өрө сүүрэн тахсаллар. КВА МГ

этиҥнии

этиҥнии (Якутский → Якутский)

сыһ. Этиҥ курдук. Как гром, словно гром
Өрүүтүн өйдүөм эн [Байкал] саҥаҕын, Этиҥнии ньирилиир баалларгын. Эллэй
Халлаан сырдыыта бомбардировщиктар этиҥнии сааллыбыттара. И. Федосеев

ньирилэт

ньирилэт (Якутский → Якутский)

ньирилээ диэнтэн дьаһ
туһ. Ыраах Чуораайы чараҥар тыраахтар үлэлээн ньирилэтэр. М. Доҕордуурап
Сотору буолаат, бэргэһэ саҕа былыт өрө көтөн тахсан, хайалартан тайанан туран, ардаан ньирилэттэ. И. Федосеев
[Ырыаҕын] Ньирилэтэн, ньиргиһитэн, Дьигиһитэн иһэҥҥин, Эҥээритэн, эймэһитэн, Эйээритэн түһэрэҕин. С. Тимофеев