туохт. Олус улаханнык хаһыытаа, бэлэс муҥунан хаһыытаа. ☉ Кричать во всю глотку, драть глотку, орать
[Мааһа:] Бу тарбыйах бэлэстэтэн эрдэҕин ньии! Күндэ
«Нохоо!» — диэн [Наһаар] хаһыытаата. Ким эппиэттиэй, арай, ой дуораана хардары: «Нохоо, нохоо», — диэн дэлэй-дэлэй соҕустук бэйэтигэр утары бэлэстэттэ. Суорун Омоллоон
[Бэрэбиэсчит:] Бэйи, сүгүн олордо түһэллэр дуу, суох дуу. Эмиэ ким кэлэн бэлэстэтэр. С. Ефремов