n. vegetable garden [<Russ. огород ]; оҕуруот аһа n. vegetables
Якутский → Английский
оҕуруот
Якутский → Русский
оҕуруот
1.Огород 2.Овощи.
Якутский → Якутский
оҕуруот
аат.
1. Оҕуруот аһын олордор сир (кирээккэ, тэпилииссэ), оннук хаһаайыстыба. ☉ Огород
Сорох оҕуруот үлэтигэр барар, сорох тыаҕа тахсар, онно дөлүһүөн хомуйар. Н. Заболоцкай
[Варя Чокуурапка:] Үлэҕэ араас тиэхиньикэни туттан, үрдүк үүнүүнү ылыаҥ, бурдук, оҕуруот сирин кэҥэтиэҥ. С. Ефремов
Оҕолор оҕуруокка кимтэн да итэҕэһэ суох уу кутуохтарын, сыыс от үргүөхтэрин, үүнүүнү хомуйуохтарын сөп. Дьиэ к.
2. кэпс. Тэлгэһэ, олбуор, иһэ. ☉ Огороженный участок земли вокруг жилища, двор
Эргэ, тордоҕура хараарбыт бабаарына дьиэ аан диэки өттө көстөр, тоһоҕо күрүө оҕуруоттаах. П. Ойуунускай
Балаҕан иннигэр сылбах оҕуруот иһигэр үс-түөрт сыарҕа от бугулланан турар. Күндэ
Остуолбалыы бүтэйдээх Оҕуруоппут иһигэр Унаар түптэ күөдьүйдэ. С. Васильев
◊ Оҕуруот аһа — кирээккэҕэ, тэпилииссэҕэ сылаас кэмҥэ олордуллар сиэнэр үүнээйилэр: оҕурсу, помидор, моркуоп о. д. а. ☉ Овощи
Оҕуруоттарын аһа улаатан туругурда, Сиэмэлэрэ ситэн сириэдийдэ! Саха нар. ыр. III
Ыраастаан, чэбдигирдэн баран, үтүө ходуһаны таһаар, бурдугу, оҕуруот аһын үүннэрэн үллүктээ. Амма Аччыгыйа
Биһиги оҕо эрдэхпитинэ хас саас аайы манна тахсан олорор, оҕуруот аһа олордор, оттуур буоларбыт. А. Бэрияк
Еще переводы: