баһык уһук эргэр. – 1) орон бас өттө. ☉ Изголовье нары в якутской юрте
Ааныска түргэнник олоро охсоору, орон баһык уһугар бүк быраҕыллыбыт быыс үрдүгэр олорон, быыс быатын быһа түһэн кэбистэ. Эрилик Эристиин
О, махтал, амарах күнүм, Ийэм быстар чааһыгар Бырастыылаһа киирэҥҥин, Баһык уһугар турбуккар. «ХС»; 2) саха балаҕаныгар ороннору араарар быыс. ☉ Перегородка между нарами в якутской юрте
Чинарин баһык уһукка өйөнөн олорон, билиэннэйи бэркэ болҕойон көрдө. Эрилик Эристиин
Күтүөт Уйбаан эдьиийбиниин, Биэрэлиин, биһиги баспытыгар сыталлар. Икки ардыбытыгар ороҥҥо туора турар, былыргылыы оҥоһуулаах намыһах дьааһык баһык уһук буолан турар. «ХС»