аат.
1. истор. Уоттаах сэриигэ хомуллан айаннааһын. ☉ Поход (на фронт, на линию огня)
Бойобуой кэккэнэн, сатыылаан, Похуокка турдулар саллааттар, Илбистээх эр хааны ылынан, Ийэ түүн күлүгэр сүттүлэр. Күннүк Уурастыырап
Ийэ дойдубут иһин, уоҕуран, Уруйдаах похуокка барыаҕыҥ, Кыайыы былааҕын өстөөх арҕаҕар, — Берлин арҕаһыгар анньыаҕыҥ! Эллэй
Сорох нуучча дьонноро кыайыылаах похуоттартан төннөн кэлэн, бу дойдуга олохсуйан, дьиэ-уот туттан тэнийэн-ууһаан испиттэрэ. П. Филиппов
2. Ханна эмэ туох эрэ соруктаах хомуллан барыы (үксүгэр сатыы). ☉ Совместное движение группы лиц с какой-л. определённой целью, поход (обычно пешком)
Үчүгэйиэн үүнэр сааска Комсомолец сылдьыбыт, Долгулдьуһар похуоттарга Тэҥҥэ үктүү хаамсыыбыт. П. Тобуруокап
Оскуола барыта хамсаммыта: …… экскурсия маршруттарын талыы, похуокка бэлэмнэнии — үөрүүкөтүү, өрө көтөҕүллүү. Далан
Хомсомуоллар хомуллан Похуотунан иһэбит — Хотолдьуһа долгуһан, Лааҕырдарга тиийэбит. Күннүк Уурастыырап
Якутский → Якутский
похуот
Еще переводы: