Даҕааһын күүһүрдэр формата, дьэ- диэн саҕаланар олохторго сыстар: дьэп-дьэҥкир, дьэп-дьэргэҥнэс. ☉ Препозитивная усилительная форма прилагательных, присоединяемая к основам, начинающимся со слога дьэ: дьэп-дьэҥкир 'очень прозрачный', дьэп-дьэргэҥнэс 'сильно мелькающий, мерцающий'
[Дүөдэ] уута ып-ыраас, дьэп-дьэҥкир. Далан
Улахан, дьэп-дьэҥкир харахтара кэҥээн, төгүрүйэн ылаллар. Н. Заболоцкай
Хаар түһэн намылытан эрэр. Түннүгүнэн таһырдьаны көрдөххө, биир кэм дьэпдьэргэҥнэс буолла. П. Аввакумов