несов. кому-чему үөр, үөр-көт.
Русский → Якутский
радоваться
Еще переводы:
үөр= (Якутский → Русский)
радоваться.
үөр-көт= (Якутский → Русский)
очень радоваться, ликовать; кини үөрбүт-көппүт ахан он очень обрадовался.
нечему (Русский → Якутский)
дат. п. от нечего I туохха да, туох да (суох); нечему радоваться киһи үөрүөҕэ туох да суох.
торжествовать (Русский → Якутский)
несов. 1. над кем-чем и без доп. (одерживать победу) өрөгөйдеө, кыай--хот; 2. что и без доп. (радоваться) өрөгөйдеө, үөр-көт.
көт= (Якутский → Русский)
I 1) летать; кус көттө утка улетела; көтөн таҕыс = вылети; көтөн хаалла = улетел; көҥдөй оҕото көтүө дуо ? погов. разве улетит дитя из родных мест?; 2) перепрыгивать, перескакивать, подпрыгивать; быаны көт = прыгать через верёвку; өрүтэ көт = подпрыгнуть; сылгы күрүөнү көтөн ааста лошадь перескочила через изгородь; 3) перен. испаряться; дьуот көтөн хаалбыт йод испарился; 4) с деепр. на =а основного гл. выступает в роли вспомогательного гл. и означает а) удаление от говорящего или действующего лица: туора көт = отскочить в сторону; тула көт = а) бегать вокруг кого-чего-л.; б) перен. прислуживать; б) внезапность или завершённость действия: аһары көт = проскочить; түөрэ көт = опрокинуть, свалить # өрө-сала көт = стараться быть услужливым, вежливым; сүүр-көт = а) носиться, резвиться; б) хлопотать, беспокоиться, добиваясь чего-л.; үөр-көт = радоваться.
II метать, шить крупными стежками.
кытта (Якутский → Русский)
- послелог, упр. вин. п. вместе с кем-л.; миигин кытта ким барсар? кто идёт вместе со мной?; эһигини кытта үөрэбин я радуюсь вместе с вами; 2. в роли временного союза сразу, тотчас, как только; киирэрин кытта ... как только он вошёл... # кытта төрөөбүттэр родные (букв. вместе родившиеся — о братьях, сестрах).
сердце (Русский → Якутский)
с. 1. сүрэх; сердце бьётся сүрэх тэбэр; 2. перен. (центр, средоточие) тэбэр сүрэх, киин; Москва—сердце Советского Союза Москва — Советскай Союз тэбэр сүрэҕэ; # золотое сердце ыраас сүрэх (үтүө санаалаах киһи); каменное сердце муус сүрэх (то/туй киһи); у тебя нет сердца эйиэхэ сүрэх диэн суох; отдать своё сердце кому-л. сүрэххин туттар; от всего сердца ис сүрэхтэн; с сердцем сказать (или сделать) кыыһыра-кыы-һыра эт (эбэтэр оҥор); в сердцах кыйаханан, кыыһыран; сердце упало олус куттанным, олус соһуйдум; сердце радуется сүрэх үөрэр; иметь сердце на кого-л. кимиэхэ эмэ кыыһыр; сорвать сердце на ком-чём-л. кимиэхэ-туохха эмэ кыыһырбыккын таһаар; принять что-л. близко к сердцу кыһалҕа оҥоһун, болҕой; отлегло от сердца сүрэҕим холкутуйда.
ол (Якутский → Русский)
I мест. указ. тот, та, то; ол дьиэҕэ киир войди в тот дом; ол хайа үрдүк та гора высока; ол диэки бар= идти, ехать в том направлении, в ту сторону; ол курдук вот так, таким образом; ол гэннэ а) после того, затем; далее; б) сверх того, кроме того, ещё; ол гэннэ тугу кэпсиигин ? что ещё расскажешь?; ол да буоллар тем не менее, всё-таки, несмотря на то; ол гынан баран или ол эрээри всё же, однако; ол иһин поэтому, вследствие этого; ол иһин да! вот в чём дело!, вот оно что!; ол аата значит, следовательно; ол үрдүнэн сверх того, помимо того; онон тем; той; онон барыҥ поезжайте той (дорогой); ону а) того, то, ту; ону мин билбэппин того я не знаю; б) о том; об этом; сну истээт услышав об этом; ону ааһан кроме того, сверх того; онуоха (ҕа); на то, на это; онуоха кини этэр ... на это он говорит...; онуоха туох баарый ? что из того?; онуоха эбии к тому же # ону баара не тут-то было ; онуоха-маныаха диэри до поры до времени.
II модальное сл. 1) усиливает выразительность высказываемого: ол туохтан куттанныгыт? а чего это вы испугались?; ол эйигиттэн ыйытыам дуо ? а что, тебя буду спрашивать, да?; 2) с гл. предположительного накл. выражает итог, заключение высказываемого так и...; бардаҕа ол так и ушёл... #ол аата а) значит, следовательно, стало быть, таким образом, выходит; ол аата , дьэлликтииргин бырахтыҥ дуо ? значит, ты бросил бродяжничать?; б) то есть, значит; ол аата , төһө буоларый ? то есть, сколько будет?; ол буолан (или гынан ) баран но, однако; ол буолан баран, бу хартыына олус табыллыбыт однако эта картина очень удалась; ол гынан баран, ким да кэлбэтэҕэ однако никто не приходил; ол да буоллар несмотря на это, однако, всё-таки; ол да буоллар , быйыл оҕуруот аһа лаппа үчүгэй буолар буолла несмотря на это, обещается хороший урожай овощей; ол иһин вот тото; конечно; ол иһин , эн төннөн кэлиэхтээх этиҥ вот тото , ты должен был вернуться; чэ , ол иһин , сэрэйбит сэрэх ну конечно, так и предполагали; ол иһин даа вот в чём дело; ясно, в чём дело; ол иһин даа , оттон мин сэрэйбэт да этим вот в чём дело, а я и не догадывался; ол курдук а) итак, таким образом, вот так; ол курдук , бу мас дьиэ ордубут таким образом, этот деревянный дом остался целым; б) например, к примеру; ол курдук , бу порка саҥа үс кран туруорулунна в этом порту, например, установлено три крана; ол эрээри но, однако, тем не менее; халлаан былыттаах , ол эрээри ичигэс пасмурно, но тепло; онон буоллаҕына следовательно, значит, стало быть; онон буоллаҕына , кини миэхэ суруйар суруга барыта сымыйа эбит следовательно, всё, что он пишет мне, оказывается неправдой; онон бүтэр вот и всё, и всё; бүгүн барабын , онон бүтэр ! сегодня еду — и всё!; онто суох а) и так (уж), и без того; онто да суох биһиэхэ ыарахан и без того нам тяжело; б) действительно, (и) в самом деле; конечно; ээ , онто суох , оннук , действительно, так оно и есть; онто суох , үөрүөхтэрин үөрэллэр ! конечно, как им не радоваться!; ону ааһан более того; не только ..., но и...; ыллыыр , ону ааһан үҥкүүлүүр она не только поёт, но и танцует.
өл= (Якутский → Русский)
1) умирать; кончаться; погибать; өлбүт киһи а) мертвец, покойник; б) перен. пропащий человек; өлөр өлүү неминучая смерть; өлөр өстөөх смертельный враг; өлөрү кыайбыт победивший смерть; өлбөт үөстээх живучий; өлөр быатыгар к несчастью (букв. к смерти); өлөр тиллэр мөккүөрэ (или икки ардынан ) между жизнью и смертью (находиться, быть); өлөн хаал = умереть; өлөн баран= (или быһын =) вымирать; өл да төрөө хоть умри (но найди, доставь и т. п. кого-что-л.); өлө-өлө тилин= оказаться на волоске от смерти (букв. умирая, воскресать); өлөөрү сыт = находиться, лежать при смерти; өлөр охтуутун оҕутта его сразила смертельная болезнь; өлөөрү гын = а) находиться при смерти; б) перен. оказаться в тяжёлом, критическом положении; өлбүккэ үөн үөрэр погов. мертвечине черви радуются; өлбүт өлбүтүнэн , өлбүтү кытта өлөр суох поел. мёртвым смерть, а живым живое; өллөхпүнэ сиэбит да суорум тиэрдэр үһүө погов. не доставит меня (туда) и ворон, съевший мой труп (о невозможности добраться до далёких краёв); өллөхпүнэ үөрүм ытаан ааһыаҕа после смерти дух мой обо мне плачем напомнит (говорится при сильной обиде или перед долгой разлукой); өлөн көрөн өлөрү билбит суох посл. никто на время не умирал, чтоб (только) познать смерть; өлөн эрэр өлөнтөн тардыһар погов. умирающий хватается за травинку (соотв. утопающий за соломинку хватается); өлөр саҥатын саҥарда он закричал благим матом (букв. завопил предсмертным воплем); моҥнон өл = повеситься; бэйэҕэр тиийинэн өл = кончать жизнь самоубийством; 2) блёкнуть, увядать (о растениях); от өлбүт трава (скошенная) увяла # аччык өл = проголодаться; искэр өл = страдать поносом; күн өлбүт произошло затмение солнца; өлбөт мэҥэ уута фольк. живая вода; өлө итир= быть вдрызг пьяным; өлө куттан = испытать ужас; өлөн бар= уходить в подавленном состоянии (от печального известия, тяжёлого разговора и т. п.); өлө оонньоо= попадать в тяжёлое, критическое положение; өлөр иһээччи горький пьяница; өлөр өлүү ааҥнаата нагрянула беда, свалилось несчастье; өлөр суола это его задевает за живое; хараххар өл = заболеть — о глазах.
туох (Якутский → Русский)
мест. 1) вопр. что (по отношению к человеку не употр.); итинэн тугу этээри гынаҕын ? что ты этим хочешь сказать? тугу аҕаллыҥ ? что ты принёс?; тугу баҕарар что угодно; тугу гыныамый ? а) что мне делать?, чем мне заняться?; б) что поделаешь, делать нечего; тугу гыныахха ? что делать?; тугу да эт что ни говори; тугу диэм баарай ! что и говорить!; что я могу сказать; тугуҥ ыалдьар ? что у тебя болит?; туохха тэһэ астараммын? и чего это я вдруг?, и зачем это я вдруг? (говорят, осуждая свой опрометчивый поступок); туохха тэһэ астараммын онно ыстаммытым буолуой ? и чего это я вдруг туда сунулся?; туох ааттааҕын өр буоллуҥ ? что ты так долго? (говорит тот, кто ждёт): туох баарынан всё, что есть; туох баарынан киниэхэ көмөлөһөр он помогает ему, чем может; туох күүһэ баарынан сүүрдэ он побежал изо всех сил; туохтан үөрэҕин ? чего ты радуешься?; до радости ли тут?; туох-туох диигин ?! что же это ты говоришь?!; как ты можешь так говорить!; туох туһугар ? ради чего?; туох харсай терять нечего; была не была; туоххунан истэҕин ? неодобр, чем ты слушаешь?; туох эрэлэй чего доброго; 2) неопр., употр. в сочет. с частицами эмэ , эрэ , да, даҕаны , ханнык : туох эрэ что-то; кини тугу эрэ кэпсиир он что-то рассказывает; ыраах туох эрэ хараарар вдали что-то чернеет; туох да (даҕаны ) ничего; ничто; кинини туох да тохтотуо суоҕа его ничто не остановит; туох да буолбатаҕын курдук как будто ничего и не случилось; как ни в чём не бывало; туох да буолтун иһин что бы ни случилось; туохха да уурбат он ни во что не ставит кого-что-л.; туохха да туһата суох ни к чему не годный; абсолютно бесполезный; мин тугум да ыалдьыбат у меня ничего не болит; туохтааҕар да күндү дороже всего, что есть (на свете); тугу да диэбит иһин что ни говори; туох эмэ что-нибудь; туохта эмэтэ аҕалыҥ дайте что-нибудь; туох ханнык а) ничего; туга ханныга биллибэт ничего определённого; б) что за...; туох ханнык дьоннорун билиэххэ надо узнать, что за люди; тугун баҕайытай неодобр, что же это такое; тугун баҕайытай , аныаха диэри утуйа сытарыҥ ! что же это такое, до сих пор спишь!; туох аатай что это, что это такое; туох аатай , тоҕо биһиги кинилэр оннуларыгар үлэлиибитий ? что это, почему мы за них работаем?; туох ааттаах что за; туох ааттаах үчүгэй уолай ! что за красивый парень!; туох баҕайытын выражает неодобрение, недоумение говорящего по поводу надоевшего явления; туох баҕайытын дьааһыйан хааллым ! и что за зевота на меня напала!; туох билиэй кто его знает, кто знает; туох билиэй , буолуо даҕаны кто его знает, может быть; туох буолуой ничего; туох буолуой , кини да бардын ээ ! ничего, пусть и он идёт!; туох үлүгэрэй выражает несогласие, возмущение говорящего: туох үлүгэрэй , биир киһиэхэ итиччэ үлэни сүктэрэллэр ! что это такое, как можно навалить на одного человека такую работу!; туох ханнык иннинэ прежде всего; кини , туох ханнык иннинэ , гөрөппүттэригэр сылдьыбыта он прежде всего навестил родных.