Якутские буквы:

Русский → Якутский

радуется

гл
үөрэр

гл.
үөрэр (үөр)

радоваться

несов. кому-чему үөр, үөр-көт.


Еще переводы:

үөр=

үөр= (Якутский → Русский)

радоваться.

үөр-көт=

үөр-көт= (Якутский → Русский)

очень радоваться, ликовать; кини үөрбүт-көппүт ахан он очень обрадовался.

нечему

нечему (Русский → Якутский)

дат. п. от нечего I туохха да, туох да (суох); нечему радоваться киһи үөрүөҕэ туох да суох.

торжествовать

торжествовать (Русский → Якутский)

несов. 1. над кем-чем и без доп. (одерживать победу) өрөгөйдеө, кыай--хот; 2. что и без доп. (радоваться) өрөгөйдеө, үөр-көт.

сердце

сердце (Русский → Якутский)

с. 1. сүрэх; сердце бьётся сүрэх тэбэр; 2. перен. (центр, средоточие) тэбэр сүрэх, киин; Москва—сердце Советского Союза Москва — Советскай Союз тэбэр сүрэҕэ; # золотое сердце ыраас сүрэх (үтүө санаалаах киһи); каменное сердце муус сүрэх (то/туй киһи); у тебя нет сердца эйиэхэ сүрэх диэн суох; отдать своё сердце кому-л. сүрэххин туттар; от всего сердца ис сүрэхтэн; с сердцем сказать (или сделать) кыыһыра-кыы-һыра эт (эбэтэр оҥор); в сердцах кыйаханан, кыыһыран; сердце упало олус куттанным, олус соһуйдум; сердце радуется сүрэх үөрэр; иметь сердце на кого-л. кимиэхэ эмэ кыыһыр; сорвать сердце на ком-чём-л. кимиэхэ-туохха эмэ кыыһырбыккын таһаар; принять что-л. близко к сердцу кыһалҕа оҥоһун, болҕой; отлегло от сердца сүрэҕим холкутуйда.

сүрэх

сүрэх (Якутский → Русский)

1) сердце || сердечный; сүрэх тэбиитэ биение сердца; сүрэх ыарыыта болезнь сердца; сүрэх ыарыылаах страдающий болезнью сердца; сүрэҕим хамсыыр у меня сердцебиение (от болезни, волнения); сүрэҕэ хайдыбыт инфаркт; сүрэх тымыра артерия (букв. сосуд сердца); сүрэх клапаннара сердечные клапаны; 2) перен. сердце, душа; амарах сүрэх сердобольный; доброе сердце; сүрэҕэ кыланар крик души; сүрэх төлөнө пламя сердца (воодушевление,, вдохновение); сүрэҕэ киниэхэ чугас он любит его (букв. его сердце близко к нему); ис сүрэҕиттэн от всего сердца, от чистого сердца; сүрэҕэ тэбэн кэбистэ от полноты сердца, от полноты души; сүрэҕэ сөбүлүүрүнэн по велению сердца; сүрэҕим тэппэт мне не хочется (делать что-л.), у меня душа не лежит (к какому-л. делу); сүрэҕэ таайар сердцем чувствует; сүрэххэ ыттар= ощущать беспокойство от предчувствия чего-л. недоброго, неприятного; сүрэҕим айахпар таҕыста у меня душа в пятки ушла (букв. сердце подскочило ко рту); сүрэҕим бар гынна сердце у меня ёкнуло; сүрэҕим мөҥөр у меня сердце щемит; сүрэҕим быллыгырыыр а) у меня сердце трепещет (от страха); б) у меня сердцебиение с тошнотой; сүрэҕим ылбат я чувствую отвращение (букв. моё сердце не принимает); сүрэҕэ ууллар у него сердце тает (говорится о слишком сердобольном человеке); сүрэҕэ ытырыктатар у него сердце не на месте; сүрэҕэ ытырбахтыыр а) у него сердце заныло; б) он чувствует острую жалость к кому-л.; сүрэҕин быата уһун он слишком спокоен, равнодушен; сүрэҕин хайыт = сильно напугать кого-л.; сүрэҕин ырбаахыта чараас разг. ирон. а) слишком сердобольный; б) пугливый; сүрэх аалыыта буол = лечь камнем на сердце; сүрэх баастаах со старой раной в сердце, с осевшим в душе горем; сүрэх үөрэр сердце радуется; сүрэҕим хаанынан ытыыр у меня сердце кровью обливается (от жалости, от какого-л. душевного страдания); сүрэхпиттэн быстыам дуо ? разве я отрежу кусок от своего сердца? (т. е. лишусь родного, любимого); сүрэх сүрэххэ дылы погов. сердце похоже на сердце (о любви к ближнему); сүрэххэ быһахтаммыкка дылы погов. как ножом по сердцу; эһэ тыҥыраҕынан , эр сүрэҕинэн погов. медведь силён своими когтями, добрый молодец — смелым сердцем; 3) перен. энергия, старание, жажда деятельности; сүрэҕэ бэрт деятельный, трудолюбивый; сүрэҕэ батарбат (или тулуппат) он не усидит на месте (без дела); сүрэҕин баҕатынан по желанию, охотно; сүрэх баҕарар да, сүһүөх уйбат погов. сердцу хочется действовать, да сил не хватает (соотв. видит око, да зуб неймёт); сүрэҕинэн сылдьар а) он старательный, добросовестный; б) он ходит, делает что-л. через силу; күөх сүрэх презр. бездельник, лентяй; сүрэҕэ көҕөрбүт (или сытыйбыт , көппөйбүт ) разг. презр. он совершенно обленился; 4) перен. сердце, центр; Москва — биһиги дойдубут (тэбэр ) сүрэҕэ Москва — сердце нашей страны; туу сүрэҕэ внутренняя воронка у верши; хаппыыста сүрэҕэ капустная кочерыжка; 5) уст. нательный крест, крестик # кус сурэх трус; сүрэҕим өлөхсүйэр (или чаалыйар ) меня тошнит, мутит; сүрэҕим умайар (или өрүкүйэр ) я чувствую тошноту; сүрэҕим ытарҕата ласк. сердце моё, жизнь моя (букв. серёжки моего сердца — обычно о единственном ребёнке); сүрэҕэ бүөлээбит разг. у него одышка от ожирения; сүрэҕэ ылбат или сүрэҕин көрбүтүнэн киирэр он испытывает отвращение (к какой-л. еде); сүрэх-пэр киирэр разг. я не могу есть жирного (букв. к сердцу подступает); сүрэх уруу кровный родственник; сүрэххин баттат = а) освежаться (выпив, съев чего-л. холодного); б) страдать от сильного похмелья; тарбах сүрэҕэ подушечки пальцев.

көт=

көт= (Якутский → Русский)

I 1) летать; кус көттө утка улетела; көтөн таҕыс = вылети; көтөн хаалла = улетел; көҥдөй оҕото көтүө дуо ? погов. разве улетит дитя из родных мест?; 2) перепрыгивать, перескакивать, подпрыгивать; быаны көт = прыгать через верёвку; өрүтэ көт = подпрыгнуть; сылгы күрүөнү көтөн ааста лошадь перескочила через изгородь; 3) перен. испаряться; дьуот көтөн хаалбыт йод испарился; 4) с деепр. наосновного гл. выступает в роли вспомогательного гл. и означает а) удаление от говорящего или действующего лица: туора көт = отскочить в сторону; тула көт = а) бегать вокруг кого-чего-л.; б) перен. прислуживать; б) внезапность или завершённость действия: аһары көт = проскочить; түөрэ көт = опрокинуть, свалить # өрө-сала көт = стараться быть услужливым, вежливым; сүүр-көт = а) носиться, резвиться; б) хлопотать, беспокоиться, добиваясь чего-л.; үөр-көт = радоваться.
II метать, шить крупными стежками.

кытта

кытта (Якутский → Русский)

  1. послелог, упр. вин. п. вместе с кем-л.; миигин кытта ким барсар? кто идёт вместе со мной?; эһигини кытта үөрэбин я радуюсь вместе с вами; 2. в роли временного союза сразу, тотчас, как только; киирэрин кытта ... как только он вошёл... # кытта төрөөбүттэр родные (букв. вместе родившиеся — о братьях, сестрах).
ол

ол (Якутский → Русский)

I мест. указ. тот, та, то; ол дьиэҕэ киир войди в тот дом; ол хайа үрдүк та гора высока; ол диэки бар= идти, ехать в том направлении, в ту сторону; ол курдук вот так, таким образом; ол гэннэ а) после того, затем; далее; б) сверх того, кроме того, ещё; ол гэннэ тугу кэпсиигин ? что ещё расскажешь?; ол да буоллар тем не менее, всё-таки, несмотря на то; ол гынан баран или ол эрээри всё же, однако; ол иһин поэтому, вследствие этого; ол иһин да! вот в чём дело!, вот оно что!; ол аата значит, следовательно; ол үрдүнэн сверх того, помимо того; онон тем; той; онон барыҥ поезжайте той (дорогой); ону а) того, то, ту; ону мин билбэппин того я не знаю; б) о том; об этом; сну истээт услышав об этом; ону ааһан кроме того, сверх того; онуоха (ҕа); на то, на это; онуоха кини этэр ... на это он говорит...; онуоха туох баарый ? что из того?; онуоха эбии к тому же # ону баара не тут-то было ; онуоха-маныаха диэри до поры до времени.
II модальное сл. 1) усиливает выразительность высказываемого: ол туохтан куттанныгыт? а чего это вы испугались?; ол эйигиттэн ыйытыам дуо ? а что, тебя буду спрашивать, да?; 2) с гл. предположительного накл. выражает итог, заключение высказываемого так и...; бардаҕа ол так и ушёл... #ол аата а) значит, следовательно, стало быть, таким образом, выходит; ол аата , дьэлликтииргин бырахтыҥ дуо ? значит, ты бросил бродяжничать?; б) то есть, значит; ол аата , төһө буоларый ? то есть, сколько будет?; ол буолан (или гынан ) баран но, однако; ол буолан баран, бу хартыына олус табыллыбыт однако эта картина очень удалась; ол гынан баран, ким да кэлбэтэҕэ однако никто не приходил; ол да буоллар несмотря на это, однако, всё-таки; ол да буоллар , быйыл оҕуруот аһа лаппа үчүгэй буолар буолла несмотря на это, обещается хороший урожай овощей; ол иһин вот тото; конечно; ол иһин , эн төннөн кэлиэхтээх этиҥ вот тото , ты должен был вернуться; чэ , ол иһин , сэрэйбит сэрэх ну конечно, так и предполагали; ол иһин даа вот в чём дело; ясно, в чём дело; ол иһин даа , оттон мин сэрэйбэт да этим вот в чём дело, а я и не догадывался; ол курдук а) итак, таким образом, вот так; ол курдук , бу мас дьиэ ордубут таким образом, этот деревянный дом остался целым; б) например, к примеру; ол курдук , бу порка саҥа үс кран туруорулунна в этом порту, например, установлено три крана; ол эрээри но, однако, тем не менее; халлаан былыттаах , ол эрээри ичигэс пасмурно, но тепло; онон буоллаҕына следовательно, значит, стало быть; онон буоллаҕына , кини миэхэ суруйар суруга барыта сымыйа эбит следовательно, всё, что он пишет мне, оказывается неправдой; онон бүтэр вот и всё, и всё; бүгүн барабын , онон бүтэр ! сегодня еду — и всё!; онто суох а) и так (уж), и без того; онто да суох биһиэхэ ыарахан и без того нам тяжело; б) действительно, (и) в самом деле; конечно; ээ , онто суох , оннук , действительно, так оно и есть; онто суох , үөрүөхтэрин үөрэллэр ! конечно, как им не радоваться!; ону ааһан более того; не только ..., но и...; ыллыыр , ону ааһан үҥкүүлүүр она не только поёт, но и танцует.

өл=

өл= (Якутский → Русский)

1) умирать; кончаться; погибать; өлбүт киһи а) мертвец, покойник; б) перен. пропащий человек; өлөр өлүү неминучая смерть; өлөр өстөөх смертельный враг; өлөрү кыайбыт победивший смерть; өлбөт үөстээх живучий; өлөр быатыгар к несчастью (букв. к смерти); өлөр тиллэр мөккүөрэ (или икки ардынан ) между жизнью и смертью (находиться, быть); өлөн хаал = умереть; өлөн баран= (или быһын =) вымирать; өл да төрөө хоть умри (но найди, доставь и т. п. кого-что-л.); өлө-өлө тилин= оказаться на волоске от смерти (букв. умирая, воскресать); өлөөрү сыт = находиться, лежать при смерти; өлөр охтуутун оҕутта его сразила смертельная болезнь; өлөөрү гын = а) находиться при смерти; б) перен. оказаться в тяжёлом, критическом положении; өлбүккэ үөн үөрэр погов. мертвечине черви радуются; өлбүт өлбүтүнэн , өлбүтү кытта өлөр суох поел. мёртвым смерть, а живым живое; өллөхпүнэ сиэбит да суорум тиэрдэр үһүө погов. не доставит меня (туда) и ворон, съевший мой труп (о невозможности добраться до далёких краёв); өллөхпүнэ үөрүм ытаан ааһыаҕа после смерти дух мой обо мне плачем напомнит (говорится при сильной обиде или перед долгой разлукой); өлөн көрөн өлөрү билбит суох посл. никто на время не умирал, чтоб (только) познать смерть; өлөн эрэр өлөнтөн тардыһар погов. умирающий хватается за травинку (соотв. утопающий за соломинку хватается); өлөр саҥатын саҥарда он закричал благим матом (букв. завопил предсмертным воплем); моҥнон өл = повеситься; бэйэҕэр тиийинэн өл = кончать жизнь самоубийством; 2) блёкнуть, увядать (о растениях); от өлбүт трава (скошенная) увяла # аччык өл = проголодаться; искэр өл = страдать поносом; күн өлбүт произошло затмение солнца; өлбөт мэҥэ уута фольк. живая вода; өлө итир= быть вдрызг пьяным; өлө куттан = испытать ужас; өлөн бар= уходить в подавленном состоянии (от печального известия, тяжёлого разговора и т. п.); өлө оонньоо= попадать в тяжёлое, критическое положение; өлөр иһээччи горький пьяница; өлөр өлүү ааҥнаата нагрянула беда, свалилось несчастье; өлөр суола это его задевает за живое; хараххар өл = заболеть — о глазах.