аат. Туох эмэ үгэннээн турар кэмэ (хол., хомуур, тутуу үлэтэ). ☉ Разгар чего-л. (напр., полевых, строительных работ)
От үлэтин күргүөмэ. Үлэ күргүөмүгэр үлүһүйэн, бары да оччо айдаарбатылар, мэниктээбэтилэр. В. Яковлев
«Кууһума үгэһэ» диэн уочарканы ааҕан баран, холкуоһу тутуу үлэтин бастакы күргүөмэ үүннэрбит кырдьаҕас көлүөнэ үлэһиттэри өйдөөн кэлэбин. КНЗ ОТК