саарбахтаа диэнтэн хай. аата. Олох диэн тугуй? Бу — күн аайы, чаас аайы, мүнүүтэ аайы саарбахтааһын, онтон эмиэ да быһаарыныы, эмиэ да саарбахтааһын — дууһа мучумаана… В. Гаврильева
Якутский → Якутский
саарбахтааһын
саарбахтаа
туохт.
1. Саарбах дии санаа, чахчылааҕар эбэтэр дьиҥнээхтик олоххо киирэригэр бигэтик эрэнимэ. ☉ Быть неуверенным, сомневаться в чём-л. «Такси күүтүө дуо онно?» — Ларьяна саарбахтыы олордо. Р. Баҕатаайыскай
Кэлин үлэһит буолан баран, …… салалта үрдүк кирилиэһигэр турааччылар тылларын саарбахтыыр диэни билбэккэ улгумнук толорон иһэрэ. Н. Лугинов
Бу муҥ буулаабыт дьонугар лепрозорий тутуллар диэн туолбат суолу этэ олорорум дуу диэн саарбахтаан ылбыта. И. Федосеев
2. кэпс. Кими-тугу эмэ туохха эмэ эрэнэ санаама, аналыгар ситэри эрэбилэ суох дии санаа. ☉ Сомневаться в надёжности кого-чего-л., в чём-л.
Кини бэйэтигэр улаханнык саарбахтыыр биир мөлтөх өрүттээҕин билинэрэ. Кини тулуура суоҕа. Н. Лугинов
Ньукулаас быйыл иһигэр саарбахтыыра диэн — ыта. С. Никифоров
3. Тугу эмэ оҥороору гына-гына туохтан эмэ саараа. ☉ Быть в нерешительности, чувствовать неуверенность перед чем-л.
Петя саарбахтыы-саарбахтыы сыгынньахтанна, тохтоон турда. И. Данилов
Дьиэҕэ киириэн саарбахтаан турар. И. Егоров
Якутский → Русский
саарбахтаа=
см. саарбаҕалаа =.
Еще переводы: