Якутские буквы:

Якутский → Якутский

саллырҕайдаа

дьүһ. туохт. Атахтаргын олус сыһан саллырҕатан хаамп, сүүр. Идти, бежать, шлёпая ногами в широкой мягкой обуви
Кэдээкин торбос сонун сөрүү туттубутунан оскуола диэки сүүрэн саллырҕайдыы турда. Амма Аччыгыйа
Көлөһүнүн соттон баран, атаҕын босхо ыыталаан хааман саллырҕайдаан …… бэс чагда устун бара турда. М. Доҕордуурап
Уол салбыр баҕайытык хааман саллырҕайдыыр, хараҕыттан уу-хаар бычыгырыыр. И. Бочкарёв

Якутский → Русский

саллырҕайдаа=

шлёпать (при ходьбе в очень широкой обуви).


Еще переводы:

салбыр

салбыр (Якутский → Якутский)

даҕ., кэпс. Атаҕынан мөлтөх, атаҕынан үчүгэйдик кыаммат. Лишённый резвости, неповоротливый, немощный. Салбыр киһи
Уол салбыр баҕайытык хааман саллырҕайдыыр. И. Бочкарёв

олоруохсут

олоруохсут (Якутский → Якутский)

аат., сэнээн. Ити киһи, ити олорор киһи. Тот самый человек, вот этот сидящий
[Сүөкүлэ:] Ити уол тойоммут дибдигирээн туран хомуттарбыта таҥараларбытын. Ити олоруохсут устуталаан ылан ханна бырахпыта буолла. А. Софронов
Сарсыныгар ити олоруохсут саллырҕайдаан кэллэ. Р. Кулаковскай

дэдэй

дэдэй (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Лаппа үтэ сылдьар истээх, кэдэгэр систээх буолан көһүн (кыра киһиэхэ ордук туттуллар). Иметь несоразмерно большой, выпирающий живот (о маленьком человеке)
Дэдэйэ сытыйбыт Бүөтүччэ наһаа холкутук хаҥас диэки саллырҕайдыыр. Амма Аччыгыйа
Дэдэйбит истээх суон киһи күргүйдээтэ. И. Гоголев
Кыыстараҕа майгылыыр дэдэйбит истээх кугас эриэн тарбыйах көлүччэ кытыытыгар соҕотоҕун тоотолдьуйар. Тулхадыйбат д.

мун-тэн

мун-тэн (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Баран иһэр суол гун сүтэрэн эрэйдэн, туора-маары айан наа (киһи мунуо да суоҕар). Блуждать, сбиваться с пути
Бэрт сиһилии ыйдаран баран, уончата мунан-тэнэн, үксүн сатыы саллырҕайдаан, кини университет дьиэтин син булла. Амма Аччыгыйа
Доҕор хараҕа мунантэнэн суол көрдүүрбэр Сулус буолан сырдыырга дылы. Л. Попов
Барбыт сиригэр син сыылларан тиийэр, мунартэнэр диэни билбэт. Н. Габышев
2. көсп. Туохха эмэ ыарырҕатан, хайдах быһаарыныаххын булума. Теряться, приходить в замешательство
Мунатэнэ, абалана турдахпына Эрдэлиирим бу тиийэн кэллэ эбээт. Амма Аччыгыйа
Хас суруйааччы литератураҕа т у с - т у һ у н а н н ы к к и и р э р. С о р о х у у н ь у у лдьаҕай суруйуулартан саҕалаан, бэрт өр эрэйдэнэн, мунан-тэнэн баран, сыыйа анал суолун булунар. Софр. Данилов
Ити курдук мунан-тэнэн, балачча өр саҥата суох буугунаһан бүк түһэн олордулар. П. Филиппов

үнүөхтээ

үнүөхтээ (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Бэрт эрэйинэн салбырдаан хаамп (хол., ыалдьан, аһара сылайан, кырдьан атаҕар арыычча уйунар киһини эбэтэр сүөһүнү этэргэ). Еле, едва передвигать ноги, плестись
Бу көлө тугун бытаанай, үнүөхтээн түһэн. С. Данилов
Төбөтүн түөһүгэр ыһыктан кэбиһэн баран, доҕоро аата эрэ үнүөхтээн ыраах хаалан иһэр. Эрилик Эристиин
Аргыый үнүөхтээн оһоҕун иннигэр саллырҕайдаан кэлэн, эрдэттэн бэлэмнэммит маһынан уотун отунна. Тумарча
2. Туруох курдук дьүккүҥнээ (турар кыаҕын сүтэрбит киһи, сүөһү туһунан этэргэ). Пытаться встать на ноги (о человеке или животном, утратившем возможность стоять на ногах)
Сытар ат кинилэри сайыһан, үнүөхтээн иһэн, кыайан турбакка, төттөрү суулбут. Софр. Данилов
Чугаһаабыппар куһум көтөөрү үнүөхтүүр, куттанан дорубуонньук курдук көрбүт. И. Сосин
Өй булан тураары үнүөхтээн көрдө да, кыаҕа суох. «ХС»
Дьүккүһэн-дьүккүһэн бэрт эрэйинэн атаххар тур. Подняться, встать на ноги с большим трудом
Хачыгыр нэһиилэ ат буолан, сор бөҕөнөн үнүөхтээн-үнүөхтээн туран, мууһун сыра бөҕөнөн көтөҕөн, хаҥас диэки остуолга илдьэн уурда. Эрилик Эристиин
Эмээхсин айаккалыы-айаккалыы үнүөхтээн турда, кулуба сайылыгын диэки быыһатыах-абыратыах киһилии харбыаласта. Тулхадыйбат д. Бориска оронуттан нэһиилэ үнүөхтээн турда. Тумарча