туохт.
1. Биир кэлимсэ буола холбос. ☉ Соединяться, сливаться, образуя одно целое
Үлэ ньиргиэрэ айылҕа сааскы кэрэ тыаһын-ууһун кытта дьүөрэлэһэ силлиһэр. А. Фёдоров
Хомо үрэҕи кытта силлиһэр сиригэр араас балык тахсааччы. «ББ»
Ардыгар Тигр уонна Евфрат силлиһиэхтэригэр диэри киэҥник халаанныыллара. КФП БАаДИ
2. Ыпсыс, ыпсыһа холбос. ☉ Плотно соединяться, смыкаться
Халлаан таҥнары иэҕиллэн, өрүһү кытта силлиһэр дьирбиитэ күлүмүрдүү дьиримниир. А. Фёдоров
Баһа-атаҕа биллибэт баай хара тыа тунаҕынан күдээрийэн саҕаҕы кытта силлиһэр. И. Данилов
[Сылайан] олорон эрэ хараҕыҥ силлиһэн, нухарыйан бараҕын. Н. Кондаков
◊ Силлиспит <олохтоох> тыл тыл. үөр. — икки тыл дорҕооннорун састааба биир тыл буолардыы уларыйан силбэспититтэн үөскээбит тыл. ☉ Слитное слово
Саха тылыгар литературнай нуормаҕа киирбит силлиспит тыллар син бааллар. ВМС СДО
Силлиспит эбэтэр силлиспит олохтоох тыллар диэн тиэрмин балачча өртөн туттуллар. ПНЕ СТ
Якутский → Якутский
силлис
Якутский → Русский
силлис=
соединяться, срастаться; силлиспит хаастаах со сросшимися бровями; ср. силбэс=.
Еще переводы: