страд. от субуй= 1) быть вытянутым, протянутым в длину (о верёвке, ремне и т. п.); 2) тянуться (один за другим); соҕуруу диэки хаас үөрэ субулунна стаи гусей потянулись на юг.
Якутский → Русский
субулун=
Якутский → Якутский
субулуннар
субулун диэнтэн дьаһ
туһ. [Түөрт киһи] ыҥыыр аттаах өрөпкүөм олбуорун иһиттэн утуу-субуу субулуннаран таҕыстылар. Л. Попов
[Орлик] барахсан кулгаахтарын чэрэтэн, кутуругун субулуннаран баран айаннаан кудулуттаҕына, киһи санаатын иһинэн буолара. Н. Кондаков
Зорин …… табах буруотун оргууй аҕай үрэн субулуннарда. «ХС»
субулун
туохт.
1. Ыраахха диэри тиийэр, уһун усталаах буол эбэтэр бииртэн биир салҕанан баран ис. ☉ Иметь большую длину, тянуться на большое расстояние; располагаться или двигаться вереницей, следуя один за другим
Хаас үөрэ хотуттан соҕуруу субуллар. Күннүк Уурастыырап
Мусуойга дьон халҕаһата быстыбакка субуллар. С. Тарасов
Ыппыт охтуу сыыйыллан Көнө аартык субуллар. «ХС». Дружина бөһүөлэк Индигиир өрүстэн ыла Дружинка үрэх хоту биэрэгинэн биир кэккэ дьиэнэн быа курдук субуллан турар. КН ТДЬ
2. Субуруйан эрэр курдук түргэнник сүүр эбэтэр көт. ☉ Нестись, мчаться, лететь так быстро, что казаться одной сплошной линией
Соноҕос эмискэ туора ойдо да, сонуогу ортотунан ох курдук сүүрэн субулунна. М. Доҕордуурап
Мэндэ Тураҕас …… баһын ньолбоччу быраҕан сүүрэн субуллубутунан барда. Р. Кулаковскай
Күн көҥүлүн күһэйтэрэн киис ииримтийэ кыыһыра түстэ, үөһээ-аллараа мутуктарга ыстаҥалаан субулунна. «ХС»
Еще переводы: