Якутские буквы:

Якутский → Русский

сэрэбиэйдээһин

и. д. от сэрэбиэйдээ = гадание, ворожба (на картах).

сэрэбиэйдээ=

бросать жребий (на картах).

Якутский → Якутский

сэрэбиэйдээһин

сэрэбиэй- дээ диэнтэн хай
аата. Сэрэбиэйдээһини баҕас элбэх киһиэхэ кэбиспит киһи, урут ити көҥүл этэ, оттон билигин көҥүл буолууһу дуо? Д. Таас. Сэрэбиэйдээһин араас көрүҥнээх буолар, саамай боростуойа: кинигэнэн, хаартынан, иннэнэн уонна биһилэх көрөн о. д. а. «Кыым»
Сэрэбиэйдээһиниҥ биир эмэ бэлиэ түгэниттэн кэпсиэҥ дуо? ТТ

сэрэбиэйдээ

туохт.
1. Хаартынан таһааран таайан көр, сылыктаан быһаар. Гадать, ворожить (на картах)
Маарыйа, элбэх тыллаах дьахтар, хаартынан сэрэбиэйдиир. Пьесалар-1956. Таро хаартыта олох атын истииллээх хаарты, таронан хаһан да сэрэбиэйдээбэппин. ТТ
— Хаартынан сэрэбиэйдиириҥ таһынан өссө тугунан дьарыктанаргын ордороҕун? «ХС»
2. Билгэлээ, таайан көр (хол., уруккуну-хойуккуну, инникини, сүнньүнэн, туох эрэ биллибэти, хол., таҥха кэмигэр). Гадать, предсказывать с помощью разных приёмов будущее, открывать прошлое
Ороһуоспа түүн хайдах сэрэбиэйдиир, таҥхалыыр туһунан сүбэлэһии, сипсиһии бөҕө буоллулар. И. Гоголев
Сүөкүлэ иккистээн сэрэбиэйдээри эмиэ иҥиир утахтары хатаары оҥостор. Н. Якутскай
Сэрэбиэйдиир киһи, бу дьыала мээнэ оонньуу буолбатаҕын умнуо суохтаах, сиэритуому тутуһуохтаах. «Кыым»


Еще переводы:

ворожба

ворожба (Русский → Якутский)

ж. сэрэбиэйдээһин, көрүүлэнии.

гадание

гадание (Русский → Якутский)

с. 1. (предсказывание) сэрэбиэйдээһин; 2. (догадка) таайыы, сэрэйии.

ворожить

ворожить (Русский → Якутский)

несов. сэрэбиэйдээ, таай, көрүү-лэн.

гадать

гадать (Русский → Якутский)

несов. 1.(предсказывать) сэрэбиэйдээ; 2. (предполагать) таай, сэрэй; # гадать на кофейной гуще таайа сатаа, олоҕо суох сабаҕалаа.

сэрэбиэйдэс

сэрэбиэйдэс (Якутский → Якутский)

сэрэбиэйдээ диэнтэн холб. туһ. — Чэйиҥ, сэрэбиэйдэһиэҕиҥ, ким буолар эбитий
«Кырдьык, сэрэбиэйдэһиэҕиҥ!» — гимназическай фуражкаҕа лоскуй кумааҕылар угуллубуттара. ДВЛ МК

сэрэбиэйдэн

сэрэбиэйдэн (Якутский → Якутский)

сэрэбиэйдээ диэнтэн бэй. туһ. Кыыстара быыс буллар эрэ, сэрэбиэйдэнэн тахсар идэлэннэ
Хас сыл аайы, таҥха күннэригэр улаханныын-кыралыын, эдэрдиинкырдьаҕастыын сэрэбиэйдэнэллэрин сөбүлүүллэр. «Кыым»

сэрэбиэйдьит

сэрэбиэйдьит (Якутский → Якутский)

аат. Сэрэбиэйдиир киһи, билгэһит. Гадалка, ворожея
Сэрэбиэйдьит сыыһара сатаммат, онон иһиллибит сурах барыта кырдьык буолуон наада. Д. Таас
Сайыына Таалай күөл үрдүгэр олорор, сэрэбиэйдьитинэн аатырбыт Балааҕыйа эмээхсиҥҥэ бара сылдьарга сананна. Г. Угаров
Атын сэрэбиэйдьиттэртэн уратыҥ — киһи толору аатын-суолун, төрөөбүт күнүн, ыйын, сылын толору ыйытан баран сэрэбиэйдиир эбиккин дии. ТТ

эрдэн

эрдэн (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Кэргэн таҕыс, эргэ бар. Выходить замуж
Ол Лүүсэ кыыс эрдэнээри сылдьар. И. Семёнов
Балбаара эрдэммитин истэннэр, эр-дьон кэлбэт-барбат буолбуттар. С. Маисов
Эрдээх буол. Быть замужней
Оннук эрдэниэн кэриэтин суоҕа көнө, хас эмэ ыйы быһа дьиэтигэр көстүбэт. А. Кривошапкин (тылб.)
2. кэпс. Киһилэн, көссүүлэс. Состоять в любовных отношениях с мужчиной, быть любовницей
Күөх сирэй, Дьаакыбы эрдэнэ-эрдэнэ ол-бу буолан сөрүөҥнүүр эбиккин дии! А. Софронов
Балааҕыйа сэрэбиэйдиир: «Түүҥҥү эрдэммиккин, онон оронуҥ үрдүгэр саата ыйаа». Г. Угаров

таҥхалаа

таҥхалаа (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Таҥха кэмигэр сэрэбиэйдэн. Гадать на святках
Ороһуоспа түүн хайдах сэрэбиэйдиир, таҥхалыыр туһунан сүбэлэһии-сипсиһии бөҕө буоллулар. И. Гоголев
Былыр дьон таҥхалыыбыт диэн сүллүүкүн иһиллии ойбоҥҥо, иччитэх дьиэлэргэ баар буолаллара. В. Кондаков
2. кэпс. Туох эмэ буолуохтааҕы бүтэйдии таайан эт, билгэлээ. Предсказывать, предвещать что-л. «Быйыл ардахтаах дьыл буолара буолуо, кус түөһүн уҥуоҕа хааннаах», — кус атыылааччы саха таах туруохтааҕар күнү-дьылы таҥхалыыр. И. Гоголев
«Сарсын куобаҕы арай “пөс” гына тэптэххэ эрэ турара буолуо, барбах, хараҕын быһыта симмэхтии-симмэхтии сытар күнэ иһэр», — диэн таҥхалааммыт, …… сарсыарда эрдэттэн куобахтыы барарга болдьостубут. Р. Кулаковскай

хаарты

хаарты (Якутский → Якутский)

аат.
1. Ойууламмыт бөгүүрэлэринэн, харахтарынан эбэтэр маастарынан уратылаһар, кыра хортуон хаартачыка холуодата (оонньуурга, сэрэбиэйдииргэ аналлаах). Карты (игральные, гадальные)
Хаартытын сыымайдаан, ботугураан баран, бэйэтэ билэринэн тэлгэтэ-тэлгэтэ кэпсиир. Н. Кондаков
Захардаах Сэмэн аһыыр остуолга олорон, эргэ хаартынан баарыстыыллар. И. Сысолятин
Устунан хаарты хомуллан, оонньуу бүтэн, утуйарга тэриннилэр. Хомус Уйбаан
2. Хаартыга оонньооһун, хаартылааһын. Игра в карты
Кирилл Васильевич хаарты, саахымат диэни билиммэт, ортоһуор дуобатчыт эрэ. И. Гоголев
Оонньооччу хаартынан сүүйэн дьону алдьаттаҕына, куһаҕаны оҥорбукка холоммот. Күннүк Уурастыырап
Аҕата уонна Маппыр, хаарты ухханыгар оҕустаран, Бииктэр дьиэтигэр барбытын билбэккэ хаалбыттара. Л. Попов
Хаартыгын ас калька. — туох эмэ кистэлэҥҥин атыттарга биллэрэн кэбис. соотв. раскрывать свои карты
«Дьэ, куһаҕаннык сыыһа туттуу тахсыбыт, хаартыбытын аһан кэбистибит», — Сараапап атыыһыт үөһэ тыынар. Н. Якутскай. Хаарты тахсыытын кэ- риэтэ — туох эмэ табыллыан да, табыллымыан да сөп, халбаҥ. Как повезёт, как карта ляжет
Үҥсүүҥ, дьыалаҥ даҕаны син эмиэ байанай биэриитин, хаарты тахсыытын кэриэтэ. Күннүк Уурастыырап
Хаарты тахсыытын кэриэтэ: баҕар табыллыаҥ, баҕар алдьаныаҥ. Огдо
Албас хаартыта көр албас
Сорох хаартыһыттар албас хаартытын туттан, дьону сүүлүктүүллэр. Хаарты тахсар (тахсыбат) көр таҕыс. Бүгүн хаарты барахсан тахсар күнэ буолбут. Күрүлгэн. Хаарты хараҕа — хаартылыырга хаарты мааһа төһө ахсааны бэлиэтиирэ. Очки в картах. Хаарты хараҕынан анараа киһи кыайан таҕыста