Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сэрэйбит сэрэх

туттул. сыһыан холб. «Санаабыт курдук, оннук буолуохтаах этэ» диэн чопчулаан этиини бэлиэтиир. Подчёркивает осуществление предполагавшегося факта
Ол ыккардыгар бөртөлүөт тыаһа бирилээтэ, сэрэйбит сэрэх, буруону көрөн чуо көтөн кэллилэр. Н. Лугинов
Сэрэйбит сэрэх, харсыһыы хара маҥнайгыттан саҕаланна. У. Нуолур
Сэрэйбит сэрэх, сыыр үрдүгэр бурҕачытан тахсарбытын кытта, хабдьылар биһигини кыһайбыт курдук, итиннэ кылбаһан, манна хороһон олорор этилэр. Н. Заболоцкай

сэрэх

I
аат. Чахчытын билбэккэ эрэ сэрэйэн көрөн этии, таайыы. Догадка, предположение, гипотеза
Нууччалыы хоһооннорго билбэт тыллара үгүс буолаллар да, ол аһаҕас аҥхалааттары Микиитэ бэйэтин сэрэҕинэн дэхсилээн өйдүүр. Амма Аччыгыйа. Оччолорго Эллэй Боотуру кыргыс дуу, татаар дуу омук эбитэ буолуо диэн сэрэх эрэ буолара үһү. БСИ ЛНКИСО-1938
Чоочо бэйэтин сэрэҕинэн сэрэйэн, Манчаары Баһылай уматтаҕа диэн, кини ханна баарын, тугу гынарын ирдээбит. МНН
Сэрэх хоту — чахчытын билбэт эрээри таайан, сэрэйэн көрөн, быһа холоон (хол., тугу эмэ гын). Не обладая точными сведениями, опираясь на толки и догадки, наугад (напр., делать что-л.). Сэрэх хоту кэпсии сылдьыма, тоойуом
Мин, ыйыттаҕына даҕаны, манна олорон сэрэх хоту туох диэхпиний, үөрүүнэн сөбүлэһиэм этэ буоллаҕа дии. Софр. Данилов. Муҥханы түһэриэххэ син этэ, ол гынан баран сэрэх хоту быраҕар эмиэ сатаммат. Доҕордоһуу т.
II
1. аат. Туохтан эмэ эрдэттэн дьаарханыы, кэтэнии-мананыы; сэрэнэ санааһын. Опасение; осмотрительность, осторожность
Таҥара сэрэҕи сөбүлүүр (өс хоһ.). Тоҥон ыксаан иһэр буолан, туох да сэрэҕэ суох ыал тэлгэһэтин иһигэр киирэн, манна бандьыыттар баалларын дьэ өйдөөн, биирдэ «бабат» диир. Н. Якутскай
Аккын манна аҕалан сүөрэ тардыы гына баай, сэрэх хаһан да куһаҕаны оҥорбот. Ф. Постников
Сэрэҕин сүтэрбит ньиэмэһи хаптатан баран ботугураата: «Биир эбилиннэ, манан бүппэккит буоллар». Н. Заболоцкай
2. даҕ. суолт. Ордук сэрэнимтиэ; сэргэх, кутталы, сыыһаны эрдэттэн өйдүүр. Особо осторожный, осмотрительный; чуткий, опасливый
Сэрэх, наҕыл Киргиэлэй быһа-хото тыллаахөстөөх убайыттан улаханнык дьулайар. Амма Аччыгыйа
Андаатар сэрэх кыыл, ол иһин умсар, ханан тахсарын муннарар, буор уйатын кистиир дииллэр. Далан
Кырдьаҕас дьон сэрэх, көрсүө соҕус буолуохтаахтар эбээт! Н. Заболоцкай
Бэрт (улахан) сэрэҕинэн — олус сэрэхтээхтик, сэрэниин-сэрэнэн. Очень осторожно, с величайшими предосторожностями
Бэрт сэрэҕинэн табаҕын уматан баран, испиискэтин кэннигэр элиттэ. Амма Аччыгыйа
Кинилэр бэрт сэрэҕинэн аппаны-дьаппаны аахтаран көрөн, оргууй уһуннардылар. М. Доҕордуурап
Отучча киһини талан, бэрт түргэнник тэринэн, улахан сэрэҕинэн, өстөөх тыылыгар тахсыбыппыт. И. Сосин

сэрэй

туохт.
1. Туох эмэ буолбутун эбэтэр буолуохтааҕын курдаттыы таайан бил. Предчувствовать, предугадывать, предвидеть что-л. Оо, Настаа эмээхсин — түгэхтээх эмээхсин, кини бэйэкэлээх Харытыана ис санаатын билбэт, сэрэйбэт буолаахтыа дуо? П
Ойуунускай. Оҕолор билбэттэр, сүрэхтээх мин эрэ сэрэйэбин, курдаттыы таайабын. Дьүөгэ Ааныстыырап
Кини [Александра Егоровна] үлэ үөһүгэр сылдьыбыт буолуохтаах диэн көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук. ПНИ АДХ
2. Быһа холоон барыллыы санаа, сабаҕалаа. Предположить что-л., выдвинуть какую-л. гипотезу
Барыллаан сэрэйдэххэ, арааһа, эрэйэ аҕыйах, хамнаһа үрдүк үлэ быһыылаах. Н. Лугинов
Кини, сэрэйбитим курдук, остуолга олорбото, туох эрэ кумааҕылары хачыгыратар. Н. Заболоцкай
Көннөрү тыллартан ураты саха бэйэтин тылларын араҥаларыгар уустук лексическэй единицэлэр үгүс өттүлэрэ киирэллэрэ буолуо диэн сэрэйиэххэ сөп. АПС СТЛ
Көхсүнэн <өтө> сэрэйэр — көрбөтөр, истибэтэр да, билэр, курдаттыы таайар. Догадываться, предполагать, чуять
Ийэм биһиги кэпсэтиибитин ымпыгын-чымпыгын истибэтэр да, тыл тылбытыгар киирсибэтэхпитин көхсүнэн сэрэйэр. Далан
Бу кэлиҥҥи кэмҥэ адаҕыйан тахсан эрэр алдьархайдары барахсана көхсүнэн өтө сэрэйэр. Н. Лугинов. В. Яковлев дьон уратылаах санаатын, иэйиитин, кимиэхэ да кэпсээбэт кистэлэҥин көхсүнэн сэрэйэн ойуулууругар барытыгар биир тэҥ күүстээх. Эрчимэн
Сүрэҕэ сэрэйэр (таайар) көр сүрэх I. Айаан Никиитэлээх Катя сыһыаннарын ыйыталаспатар даҕаны, барытын сүрэҕинэн сэрэйэрэ. Н. Лугинов
Сороҕор сүрэх сэрэйбитэ харах көрбүтүнээҕэр ордук. И. Гоголев. Кэннигэр атах тыаһа тыаһаабытыгар эргиллэн көрбөккө да, дьүөгэтэ кэккэлэһэ турбутун сүрэҕинэн сэрэйдэ. НТП ТББ
Сэрэйэр киэп тыл үөр. — хайааһын оҥоһуллуута сэрэйиллэрин көрдөрөр киэп. Предположительное наклонение
Сэрэйэр киэп үгүстүк «буолуо», «дии» диэн көмө тыллары кытта туттуллар. АПС СТ
ср. монг. сэрэх ‘подозревать’

сэрэх-таамах

I
1. аат. Сэрэйэн көрөн этии, оннук тыл-өс, сурахсадьык. Догадки и пересуды, информация, основанная на догадках
Таҥараны, абааһыны Талан намылҕалаама, Сэрэхтаамах курдук Сэһэни кэпсээмэ. А. Софронов
Мааҕын суунар хоско оҕонньору киһи өлөрбүт үһү диэн этэн эрэллэрэ да, баҕар, сэрэх-таамах буолуо. Софр. Данилов
Улуус кулубата куоракка киирэн тахсан баран, …… сэрэх-таамах курдук кэпсээн тахсыбыта. Болот Боотур
2. даҕ. суолт. Сэрэйэн көрүүгэ олоҕурбут, саарбах соҕус. Основанный на догадках, сомнительный
Топонимы итинник быһаарыыны маҥнайгы барыйаан курдук этэбит уонна сэрэх-таамах быһаарыы диэн аһаҕастык билинэбит. Багдарыын Сүлбэ
II
даҕ. Олус сэрэхтээх, сэрэхтээхтик сыһыаннаһар. Очень осторожный, относящийся к кому-чему-л. осторожно, с оглядкой
Былыр-былыргыттан икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх, бокуйар сүһүөхтээх бороҥ урааҥхай ордук сананнаҕына, олус тутуннаҕына үтэһэтэ тостор, үйэтэ кэбириир диир буолаллара сэрэх-таамах сээркээн сэһэнньиттэр. Далан
Оннооҕор олус сэрэх-таамах дьон киниэхэ тимэхтэрэ сөллөн, ирэн-хорон, муҥатыйан бараллара, сүбэлэтэллэрэ. «ХС»

Якутский → Русский

сэрэх

I догадка, предположение; гипотеза; бу билиҥҥитэ научнай сэрэх эрэ это пока ещё только научное предположение.
II осторожность || осторожный; маннык тубэлтэлэргэ сэрэх наада в таких случаях нужна осторожность; кини олус сэрэх киһи он человек очень осторожный.

сэрэх-таамах

толки и догадки; ол тубэлтэ арааһынай сэрэх-таамах төрүөтэ буолла этот случай вызвал всякие толки и догадки.


Еще переводы:

осторожный

осторожный (Русский → Якутский)

прил
сэрэхтээх, сэрэх

прил.
сэрэх, сэрэхтээх

осмотрительный

осмотрительный (Русский → Якутский)

прил. сэрэх, сэрэхтээх.

догадка

догадка (Русский → Якутский)

ж. сэрэйии, сэрэх; строить догадки сэрэйэн көр; теряться в догадках сэрэйэ сатаа.

наугад

наугад (Русский → Якутский)

нареч. сэрэх хоту, таайан; делать что-л. наугад мээнэ сэрэйэн оҥор.

опасливый

опасливый (Русский → Якутский)

прил. разг. сэрэх, куттас.

сторожкий

сторожкий (Русский → Якутский)

прил. (о животных) сэрэх, сэргэх.

благоразумие

благоразумие (Русский → Якутский)

с. көрсүө өй, сэрэх быһыы.

гадательный

гадательный (Русский → Якутский)

прил. сэрэх, сэрэйиигэ олоҕурбут, саарбах.

расчётливость

расчётливость (Русский → Якутский)

ж. суоттаан туттуу, кичээҥи буолуу; сэрэх быһыы.

так и есть

так и есть (Русский → Якутский)

нареч
сэрэйбит курдук, санаабыт курдук