туохт.
1. Туох эмэ буолбутун эбэтэр буолуохтааҕын курдаттыы таайан бил. ☉ Предчувствовать, предугадывать, предвидеть что-л. Оо, Настаа эмээхсин — түгэхтээх эмээхсин, кини бэйэкэлээх Харытыана ис санаатын билбэт, сэрэйбэт буолаахтыа дуо? П
Ойуунускай. Оҕолор билбэттэр, сүрэхтээх мин эрэ сэрэйэбин, курдаттыы таайабын. Дьүөгэ Ааныстыырап
Кини [Александра Егоровна] үлэ үөһүгэр сылдьыбыт буолуохтаах диэн көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук. ПНИ АДХ
2. Быһа холоон барыллыы санаа, сабаҕалаа. ☉ Предположить что-л., выдвинуть какую-л. гипотезу
Барыллаан сэрэйдэххэ, арааһа, эрэйэ аҕыйах, хамнаһа үрдүк үлэ быһыылаах. Н. Лугинов
Кини, сэрэйбитим курдук, остуолга олорбото, туох эрэ кумааҕылары хачыгыратар. Н. Заболоцкай
Көннөрү тыллартан ураты саха бэйэтин тылларын араҥаларыгар уустук лексическэй единицэлэр үгүс өттүлэрэ киирэллэрэ буолуо диэн сэрэйиэххэ сөп. АПС СТЛ
♦ Көхсүнэн <өтө> сэрэйэр — көрбөтөр, истибэтэр да, билэр, курдаттыы таайар. ☉ Догадываться, предполагать, чуять
Ийэм биһиги кэпсэтиибитин ымпыгын-чымпыгын истибэтэр да, тыл тылбытыгар киирсибэтэхпитин көхсүнэн сэрэйэр. Далан
Бу кэлиҥҥи кэмҥэ адаҕыйан тахсан эрэр алдьархайдары барахсана көхсүнэн өтө сэрэйэр. Н. Лугинов. В. Яковлев дьон уратылаах санаатын, иэйиитин, кимиэхэ да кэпсээбэт кистэлэҥин көхсүнэн сэрэйэн ойуулууругар барытыгар биир тэҥ күүстээх. Эрчимэн
Сүрэҕэ сэрэйэр (таайар) көр сүрэх I. Айаан Никиитэлээх Катя сыһыаннарын ыйыталаспатар даҕаны, барытын сүрэҕинэн сэрэйэрэ. Н. Лугинов
Сороҕор сүрэх сэрэйбитэ харах көрбүтүнээҕэр ордук. И. Гоголев. Кэннигэр атах тыаһа тыаһаабытыгар эргиллэн көрбөккө да, дьүөгэтэ кэккэлэһэ турбутун сүрэҕинэн сэрэйдэ. НТП ТББ
◊ Сэрэйэр киэп тыл үөр. — хайааһын оҥоһуллуута сэрэйиллэрин көрдөрөр киэп. ☉ Предположительное наклонение
Сэрэйэр киэп үгүстүк «буолуо», «дии» диэн көмө тыллары кытта туттуллар. АПС СТ
ср. монг. сэрэх ‘подозревать’