сыһ.
1. Оргууй аҕай; харыстыыр курдук. ☉ Осторожно; бережно
Харытыан, оҕо курдук көтөҕөн илдьэн, үс атахтаах ойуулаах-мандардаах төгүрүк остуолугар сэрэнэн уурда. Амма Аччыгыйа
Кыыс сибэкки дьөрбөтүн илдьэн туумба үрдүгэр сэрэнэн өйөннөөртө. Суорун Омоллоон
Киирэн, сэрэнэн-сэрэнэн туутун хостообута, уу саккырыы түстэ. Н. Заболоцкай
2. Туохха да түбэспэт курдук, харыстанардыы (хол., тугу эмэ оҥор). ☉ Так, чтобы не навредить себе или кому-л., осторожно (напр., делать что-л.). Тоойуом, сүгэнэн сэрэнэн тутун
□ — Бүөтүр, бүгүн айаҕын кэрийэ барар буоллаххына, Дьиэрбэҥнээх үрэҕин таҥнары киирэр улахан айан суолуттан бэркэ сэрэнэн сырыт эрэ. Эрилик Эристиин
[Бадин:] Оҕонньор, кытаатан сэрэнэн сырыт, өстөөхтөргө киирэн биэримэ. С. Ефремов
Кыстык сирэйин алдьаппат туһугар хаптаһын, атын да мас нөҥүө тутан туран өтүйэнэн сэрэнэн саайаҕын. ПАЕ ОСС
Якутский → Якутский
сэрэнэн
кэтэн-сэрэн
туохт. Тула өттүгүн көрүнэн, ааҕан-суоттаан, олус сэргэх сырыт. ☉ Быть очень осторожным, осмотрительным
Эн [өй] үөмэн-чүөмэн үктүүр, Аргыый ааҕан хардыылыыр, Санаан-сабаҕалаан дьаһанар, Кэтэнэн-сэрэнэн кэмэлдьилэнэр Кэп суорун киһигин. Өксөкүлээх Өлөксөй
Итинтэн ыла уол бары өйүн-санаатын түмэн, бэркэ кэтэнэн-сэрэнэн, икки атахтаах көрбөтүнэн-билбэтинэн, эҥин баракаастары оҥорор идэлэннэ. Болот Боотур
сэрэн
туохт.
1. Кимтэн-туохтан эмэ эрдэттэн дьаархан, куттана, салла санаа. ☉ Осторожничать, побаиваться, остерегаться кого-чего-л.
Харчытын тутан көрөн баран, баҕар уоран ылыахтара диэн сэрэнэн, этигэр сыһыары курданан кэбистэ. А. Софронов
Уу тоҕо охсоруттан сэрэнэн, тутааччылар өрүс аннын кытары бөҕөргөтөргө күһэллибиттэрэ. Суорун Омоллоон
Айдаартан сэрэниэххэ наада, кини кутталлаах киһи. Н. Лугинов
2. Харыстанар (харыстыыр), көмүскэнэр (көмүскүүр) курдук сырыт; оннук оҥор, тутун. ☉ Быть осмотрительным, осторожным; делать что-л. осторожно
Сэрэн, өр буолума! П. Ойуунускай
Сэрэн, мастаах буолуо, хотуургун алдьатыаҥ. Далан
Мин сирийэ көрбүтүм, саһыахпынан саспытым, сэрэниэхпинэн сэрэммитим. Н. Якутскай
3. кэпс., кур. Кими эмэ куттуурдуу, дьулатардыы саанан этии. ☉ Слово, выражающее угрозу, грозное предупреждение (смотри у меня!)
Додор кулуба удаҕаҥҥа: «Дьэ, Улуу тойон кыыһын миэхэ ойох дьахтарынан киллэрэн кулу, киллэрбэтэргин эрэ, сэрэнээр!» — диэбит. Саха фольк. Ити диэн өссө кырата, дьэ, аныгы буруйгар сэрэнээр! Эрилик Эристиин
«Чэ, барыах, сымыйалыаҥ да, сэрэн!» — диэн баран уолчааны саҕатыттан харбаан ылан иннигэр укта уонна эргэ өтөх диэки дьулурутта. Н. Заболоцкай
ср. ДТС сэрин ‘сомневаться, иметь подозрение’
сэрэн-сэрбэн
туохт. Кэтэнэ-манана, олус сэрэхтээхтик сырыт. ☉ Быть крайне осмотрительным, осторожным
«Орто дойду күүһүн аҥаара күүстээх, баайын аҥаара баайдаах, дьолун аҥаара дьоллоох ааттаах сүүнэ бухатыыр эн биһикки үрдүк ааппытын, үтүө сурахпытын ааттаан иһэр, сэрэн-сэрбэн!» — диэбитэ. Ньургун Боотур
Сэрэппэтэҕэ диэйэҥий — Сэрэнсэрбэн эрэ! Күүскэ көтөрүм кэллэ, Күлүмэхтик ойорум буолла. П. Ойуунускай
Бу истэхтэринэ биир киһи эккирэтэн кэлэн: «Дьэ, доҕоттоор, Охооно эмээхсин сэриитэ иһэр, сэрэниҥ-сэрбэниҥ!» — диир. Суорун Омоллоон
сэрэнэн-сэрбэнэн
сыһ. Кэтэнэ-манана, олус сэрэммит быһыынан. ☉ Крайне осмотрительно, очень осторожно
Тукаларыам, Бу эбэҕит эйгэтигэр Сэрэнэн-сэрбэнэн сылдьар буолуҥ. С. Зверев
«Манан кэлэн аастаҕына, бука, таарыйыа, онон эрдэттэн сэрэнэн-сэрбэнэн олоруҥ», — диэн буолта. Н. Заболоцкай
Хамандыыр бастаата, кэнниттэн байыастара батыһан, сэрэнэн-сэрбэнэн, ханнык баҕарар соһумар түбэлтэҕэ бэлэм баран истилэр. Ф. Софронов
Якутский → Русский
сэрэн=
беречься, остерегаться кого-чего-л.; быть осторожным, осмотрительным; тымныйыыттан сэрэн= беречься от простуды; сэрэнэн айаннаа = быть осторожным в пути; куһаҕан содуллартан сэрэн= остерегаться вредных влияний; үүккэ буһуоҥ — ууттан да сэрэнэр буолуоҥ погов. молоком обваришься — и воды остерегаться будешь (соотв. обжёгшись на молоке, станешь дуть и на воду).
Еще переводы: