нареч. осторожно, бережно; прибордары сэрэхтээхтик тутун = осторожно обращаться с приборами.
Якутский → Русский
сэрэхтээхтик
сэрэхтээх
1) осторожный, осмотрительный; олус сэрэхтээх киһи очень осторожный челодёк; уокка сэрэхтээх буол будь осторожен с огнём; 2) перен. разг. опасный; сэрэхтээх айан опасная поездка; сэрэхтээх сорудах опасное поручение.
Якутский → Якутский
сэрэхтээхтик
сыһ. Олус сэрэнэн, сэрэммит курдук. ☉ Очень осторожно, бережно
Олус чуумпута бэрдиттэн дьулайа санаабытынан, хаамаары гынан эрдэҕинэ, ханна эрэ сүр сэрэхтээхтик суор куллурҕаата. Амма Аччыгыйа
Кэри-куру дьиэтигэр соҕотоҕун сыттаҕына аан сэрэхтээхтик аһылынна, үөмэн үктүүр тыас иһилиннэ. И. Гоголев
Санаарҕаабыт чуумпу харахтара сибэккилээх сиидэс былааты нап-нарыннык, олус сэрэхтээхтик имэрийэр курдуктар. И. Федосеев
сэрэхтээх
даҕ.
1. Кутталы үөскэтэр, кутталлаах. ☉ Опасный
Бүгүн улахан тыал буолаары гыммыт быһыылаах, илин таастан ылыыһык, барар да буоллахха, бэрт сэрэхтээх айан буолсу. А. Софронов
Сэксэҕэ кыстаабыт эһэ сэрэхтээх диэччилэр, сэбилэппэккэ эрэ эрдэ уһуктан баттаталаан кэбиһэр эрэ, хайыыр. Болот Боотур
Буурҕа сэрэхтээх, мунан хаалаайаҕыный. Н. Тарабукин (тылб.)
2. көр сэрэх II
2
Үөрэҕэ суох саха уоһа өһүллэн кэпсээнэ киирдэр эрэ, кинини туох даҕаны тохтоппот, бии мааҕы бэйэлээх сэмэй, чиҥ, сэрэхтээх, ньуолбар бэйэтэ, ис сүрэҕин биирдэ тэбиир үгэстээх. Амма Аччыгыйа
[Көҕөн] биир эмэ дьиэ таһыгар тахсыбыт чалбахха табыллан эстээхтиир буоллаҕа, итинник сэрэхтээх көтөргө, дьэ, дьиибэ. Далан
Кини былыр-былыргыттан сэрэхтээх этэ, ханна үктэнэр сирин эрдэтинэ көрбөккө эрэ хардыылаабат үгэстээҕэ. А. Бэрияк
Еще переводы: