Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сэҥээрт

сэҥээр диэнтэн дьаһ
туһ. Дьону сэҥээрдэр дьон буолан сырыттылар. Амма Аччыгыйа
Итинниги билтим буоллар, Эйиэхэҕэ дьэгээркэни, Эмиэ тоҕо сэҥээрдээри, Эйэҥэлии көтөр этим. Күннүк Уурастыырап
Билигин өйдөөтөхпүнэ — киһини сэҥээрдэр, кэрэхсэтэр кэм эбит. Ч. Айтматов (тылб.)


Еще переводы:

заинтересовался

заинтересовался (Русский → Якутский)

гл,сов
сэргэбэлээтэ, сэҥээрдэ, интэриэһиргээтэ

сойуолаһыы

сойуолаһыы (Якутский → Якутский)

сойуолас диэнтэн хай
аата. Николай Дмитриевич …… Чурапчы дружинниктарын түмэн, бандьыыттары сойуолаһыыны, сэриилэһиини салгыы ыыппыта. ОСИ УоС
Кэргэн ыалы албыннааһын, ол кэнниттэн өс ситиһэн сойуолаһыы курдук түктэри быһыы, кырдьык, кими сэргэҕэлэтэн сэҥээрдиэ баарай! П. Ламутскай (тылб.)

үргэнньик

үргэнньик (Якутский → Якутский)

аат. Тугу эмэни мээнэ ыһыы, тоҕуу-хоруу. Бездумное расходование, растранжиривание чего-л.
Көрүөх бэтэрээ өттүгэр астарын-үөллэрин үргэнньик гынан кэбистилэр. «ХС»
[Судураай сэҥээрдэ:] Ити эн үргэнньиккинээҕэр ордук көстүү буолуо! М. Шолохов (тылб.)

эрийбэхтээ

эрийбэхтээ (Якутский → Якутский)

эрий I диэнтэн төхт
көрүҥ. Эр санаатын ылынан, күлүүс тылын эрийбэхтээтэ. И. Гоголев
Кыыс …… эрэнгиэн аппараатын кунуопкатын баттаталыы, тутааҕын эрийбэхтии сылдьар. Л. Попов
Биэрэ, сэҥээрдэҕинэ буоларын курдук, ньуолах баттаҕын эрийбэхтиир. Куорсуннаах

алҕааһын

алҕааһын (Якутский → Якутский)

аат. Алгыһы этии, алгыс туомун-сиэрин толоруу. Процесс исполнения старинного обряда благословения; произнесение проникновенного напутственного слова
Ыһыах ыһыыга маҥнай мифологияттан, итэҕэлтэн ситимнээх сиэр-туом силиктэрин толоруу, алгыһы алҕааһын баһылыыр буолуохтаах. Саха фольк. Маҥнайгы муҥха малааһынын …… арчылааһыны, алҕааһыны ойуулааһын алҕааччылары сэҥээрдэр. Эрчимэн

чуҥкук

чуҥкук (Якутский → Якутский)

даҕ. Сэргэҕэ суох, киһини тугунан да сэҥээрдибэт. Скучный, унылый, неинтересный
Оҕото суох чуҥкук дьиэлэри Тыла суох чуорааҥҥа тэҥниибин. С. Данилов
Миигин бу курус, чуҥкук биэрэккэ Биллибэт күүс манньытан аҕалар. И. Гоголев
[Чуораан тыаһа] чуҥкук лиэксийэ кэнниттэн …… кылыгырайан үчүгэйдик да иһиллэрэ. Н. Лугинов

эттээх-сииннээх

эттээх-сииннээх (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Бэйэтигэр сөп толору эттээх, этиргэн (үксүгэр дьахтары этэргэ). Полнотелый, в теле (обычно о женщине)
Хойуу хара хаастардаах, кыһыл төгүрүк уостаах, толору эттээх-сииннээх эдэр дьахтар. Күндэ
[Ньургуһун] уһун, хойуу хара баттахтаах, толору түөстээх, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, синньигэс бииллээх …… дьылыгырас кыыс дьахтар буола улааппыта. Дьүөгэ Ааныстыырап
[Луҥхалыырап] аармыйаттан маҥнай кэллэҕин утаа дьарамай, уһун синньигэс бэйэтэ билигин лаппа халыҥаан, санна дарайан, толору эттээх-сииннээх тойон хаан сэбэрэлэннэ. С. Никифоров
2. көсп. Тугунан эмэ киһи интэриэһин ордук тардар, сэҥээрдэр, толору (суругунан айымньы, хол., наука ыстатыйата). Содержательный, глубокий, ёмкий (о продукте умственного труда, напр., о научной статье). Эттээх-сииннээх ыстатыйа
Усулуобуйа суох буоллаҕына, суруйааччы хантан тарбаҕыттан эмэн дьиҥ эттээх-сииннээх геройдары айыаҕай? Күн т. Биһиримнээх геройдар Дженни уонна кини уола Тонни ордук толору эттээх-сииннээх гына суруллубуттар. «ХС»