даҕ.
1. Киһи сөпсөһөр, сөп дии санаабытын курдук. ☉ Правильный, верный
Дьэ, сөптөөх суолга туруммуккун. Н. Лугинов
Бу сөптөөх уураах этэ. Суорун Омоллоон
«Кырдьык даҕаны, бу сөптөөх ыйытыы буолла ээ», — диэн кини сатаҕайдык күлэн алларастаата. В. Протодьяконов
Дириэктэр олохтоох уорганнары кытта сөптөөх сыһыаны олохтообут. В. Яковлев
2. Ирдэбилгэ эппиэттиир, сөп түбэһэр, сөп буолар, табыгастаах. ☉ Такой, какой нужно, подходящий, годный
«Истиҥ эрэ…» — диэтэ, сөптөөх тылы көрдөөбүттүү, саҥата суох олорбохтоото. Амма Аччыгыйа
Педагогическай үлэҕэ бары өттүбүнэн сөбө суохпунан оскуолаҕа үлэлиирбин сатамматынан ааҕабын. Н. Лугинов
Сүбэһиккэ сөбө суох буолаахтыам ээ. А. Фёдоров
Куоракка баран хаал, онно сөптөөх үлэ көстүө. А. Сыромятникова
△ Кээмэйинэн сөп түбэһэр, табыгастаах (хол., таҥнар таҥас). ☉ Подходящий (по размеру), удобный (напр., об одежде)
Оҕобор сөптөөх түү куопта лааппыга тахсыбыт диэбиттэригэр барбытым. Софр. Данилов
Бэйэтигэр сөптөөх, илдьэ сылдьар анал инструмент оҥостуммут. Суорун Омоллоон
[Кыыс] бэйэтигэр сөптөөх туос ыаҕайаларын оргуһуоҕар иилэн, …… уу баһа барда. Дьүөгэ Ааныстыырап
Эбэм миэхэ кыракый сону уонна эмиэ миэхэ сөптөөх кыра этэрбэһи кэһиитин уурбут. Н. Тарабукин (тылб.)
3. Ирдэнэрин эбэтэр буолуохтааҕын курдук, онно эппиэттиир, сөп түбэһэр. ☉ Сообразный с чем-л., соответствующий чему-л., подходящий к чему-л.
Улаханыгар сөбө суох намыыннык ньаамыргыы тоһуйда. Амма Аччыгыйа
Эн ити интеллигентнэй киһиэхэ сөбө суох сүөргү да кэмэлдьилээххин. Н. Лугинов
[Чокуурап:] Чэ, күммүт ыраатта. Сөптөөх үлэ буолла. С. Ефремов
Уоһа хатыҥыр бэйэтигэр сөбө суох эттээх. Г. Колесов
4. Туохха эмэ анаабыт курдук, көдьүүстээх, туһалаах. ☉ Годный к чему-л., подходящий к чему-л., достойный чего-л. [Сэбирдэх Сэмэн:] Тыый, дьэ, тардыас киһи буоллаҕа, үлэҕэ саамай сөптөөх киһи, кими кытта кэпсэтэн күнү-дьылы барыаҕай! П
Ойуунускай. Тула өттүнээҕи айылҕата бэрт кэрэ, куруорт оҥорорго сөптөөх сир буолуоҕа. Суорун Омоллоон
[Михаил:] Табаарыс Павловы биһиги бары билэбит, сөптөөх хандьыдаат. С. Ефремов
5. Тэҥнээх, холоонноох, дьүөрэлээх (ордук киһини этэргэ). ☉ Подходящий, равный кому-л., достойный кого-чего-л. (обычно о человеке)
Дьэ, мин эйиэхэ сөптөөх атас буолуом. Н. Неустроев
Сүүһүнэн ааҕар үрүҥ-хара сүүрүктээх, төһө эмэ элбэх кулут дьонноох, кырдьык даҕаны, тойоҥҥо сөптөөх, сүдү киһи эбит. Эрилик Эристиин
Сомсооҥҥо сөптөөх кыыс, дьахтар суоҕун кэриэтэ этэ бу кыракый нэһилиэккэ. В. Титов