Якутские буквы:

Якутский → Русский

таҥха

уст. святочные гадания (во время к-рых люди у проруби или коновязи якобы узнавали свою судьбу, подслушивая водяных, домашних животных).

Якутский → Якутский

таҥха

аат., итэҕ. Ороһуоспаттан кириһиэнньэҕэ диэри кэмҥэ ким эмэ дьылҕатын Таҥха (Дьылҕа) Хаан Тойон туох диэн билгэлиирин иһиллээн сэрэбиэйдэнии. Якутские святочные гадания в период от Рождества до Крещения, когда люди гадали на судьбу, подслушивая предсказания божества рока и судьбы Таҥха (Дьылҕа) Хан Тойона
Сорох, таҥха иһиллиир аатыран, ойбон хайыҥын, киһи уҥуоҕун таһыгар тиийэн нэк суорҕаны бүрүнэн олорон, тоҥон, тары сиэбит ыт курдук титириирэ. Сэмээр Баһылай
«Таҥхата иһиллиэҕиҥ, ойбоҥҥо киирэн», — диэтэ Сүөдэр, арыый улахаммыт. Дьүөгэ Ааныстыырап
Сүллүүкүттэр тахсар кэмнэригэр биэс-сэттэ киһи суорҕаны бүрүнэн эргэ өтөхтөргө эбэтэр киһи уҥуоҕар таҥха иһиллииллэр эбит. ФАС ӨОо
ср. тюрк. таны ‘знать, узнать’

сүбэ-таҥха

аат. Үтүө тыл, өйөбүл, сүбэ-ама. Доброе слово, словесная поддержка, совет
Хаҥалас улууһа күүһүн түмэн таҕыстаҕына — бороҕон дьуоттулар аҥааттар алаастара кыргыс мэҥэлэрин туйахтарыттан ынчыктаатаҕына, ураһалара оҕуннаҕына, суртара суулуннаҕына, хаанынан ытаатахтарына, сүбэ-таҥха, ил-эйэ тугун билиэхтэрэ. Далан


Еще переводы:

таҥхалаа=

таҥхалаа= (Якутский → Русский)

уст. гадать на святках (см. таҥха ).

төлкөлөөччү

төлкөлөөччү (Якутский → Якутский)

төлкөһүт диэн курдук. Таҥха кэмигэр төлкөлөөччүбүн диэн ааттанааччы элбиир

таҥхаһыт

таҥхаһыт (Якутский → Русский)

уст. 1) предсказатель судьбы; 2) человек, занимающийся святочными гаданиями (см. таҥха ).

кэрэһии

кэрэһии (Якутский → Якутский)

кэрэс диэнтэн хай
аата. Кистэһии, кэрэһии, Кэтэх кэпсэтии — Дьылыс-мэлис, Дьылҕа-таҥха. А. Софронов

таҥхаҕар

таҥхаҕар (Якутский → Якутский)

даҕ. Илин өттө намыһах, кэлин өттө үрдүк (хол., сүөһүнү, сылгыны этэргэ). Такой, у которого передняя часть туловища ниже задней (о животном)
Аттары тутан ыҥыырдыылларыгар, таҥхаҕар уҥуохтаах, улахан истээх кырдьаҕас аты Сүөдэр бэрт өр биэбэйдээтэ. Амма Аччыгыйа
Таҥхаҕар уҥуохтаах, такыр такымнаах Тааҕы буолбут сиэллээх атыырбытын …… Дугуйар дьоруо тураҕас атыырынан Солбуйан төрүөхпүтүн тупсардыбыт! С. Зверев
Атыыр даҕаны, биэ даҕаны таҥхаҕар соҕус уҥуохтааҕа төрүөхтээх буолар эбит. «ХС»
Иннин диэки умсары үүммүт (сүөһү муоһун этэргэ). Отросший остриём вниз (о роге животного)
Аҕыйах хонон баран Соппуруон таҥхаҕар муостаах кугас эбириэн оҕуһун …… Тойбохойго киллэрбитэ. И. Никифоров. Таҥхаҕар муостаах хара маҥаас ынах сөбүлээбэтэхтии үөстээҕинэн таҥнары көрөн кэбиһээт, баһын быһа илгиһиннэ. В. Егоров
ср. бур. дангагар ‘верзила’

сэрэбиэйдэн

сэрэбиэйдэн (Якутский → Якутский)

сэрэбиэйдээ диэнтэн бэй. туһ. Кыыстара быыс буллар эрэ, сэрэбиэйдэнэн тахсар идэлэннэ
Хас сыл аайы, таҥха күннэригэр улаханныын-кыралыын, эдэрдиинкырдьаҕастыын сэрэбиэйдэнэллэрин сөбүлүүллэр. «Кыым»

тосхоттор

тосхоттор (Якутский → Якутский)

тосхот диэнтэн дьаһ
туһ. Дьолбун тосхоттороору, …… Ыраах дойдуттан Ыра-таҥха тардыһан, Быралыйан кэллим нии, доҕоттоор! Суорун Омоллоон
Аал уот иччитэ аһаа-сиэ! Халыйбыты хайыһыннар, тоҥуубар тосхоттор! И. Федосеев

сүүрдэр

сүүрдэр (Якутский → Якутский)

даҕ. Сүүрүктээх, хайа эмэ диэки сүүрэн түһэр. Текучий, не стоячий (о воде, водоёме)
Хайалар быыстарынааҕы аппаларынан үрэххэ сүүрдэр үрүйэлэр ууларын тыастара чылыгырайан иһиллэр. Г. Колесов
Өрүс, үрэх тахсар күөлүн сүүрдэр уулаах диэн ааттыыллар. МНА ФГ
Бүргэс сүүрдэр көр бүргэс
Холобур, маннык билгэлэр баар буолаллар: таҥха иһиллиир, бүргэс сүүрдэр, этэрбэс хаамтарар, кут кутар, таас тардар, уу тоҥорор диэн. А. Софронов

чарчыма

чарчыма (Якутский → Якутский)

даҕ., фольк. Кытаанах (туйах туһунан). Крепкий, твёрдый (о копыте коня)
Ат түөрт хаардаах бугул саҕа чарчыма таас туйаҕынан сытар ынах ханнын саҕа хара тааһы логлу тэбэн кэбистэ. Ньургун Боотур
Чарчыма туйахтаах, Таҥхаҕар быһыылаах Табыйар хара аттаах Далла хара бухатыыр Тахсыан сөптөөх этэ. Күннүк Уурастыырап

сэрэбиэй

сэрэбиэй (Якутский → Якутский)

аат.
1. Туох эрэ биллибэти, киһиэхэ туох эмэ төһө табыллыаҕын хаартынан таайан көрүү. Жребий, гадание (на картах)
Дьиэлээх Кулуутап талах олох маска олорон сэрэбиэй кэбиһэр. Амма Аччыгыйа
Бэйэбин хаарты хаһаайкатын курдук сананабын, хаарты миэхэ бас бэринэр, ол эрээри мин кинини сэрэбиэйгэ эрэ туттабын. ТТ
[Белокуров:] Мин былыр тойонноох олорбут эргэ дьиэлэригэр олорбутум, …… биир остуол баарыгар хаартынан сэрэбиэй быраҕарым. А. Чехов (тылб.)
2. Билгэлээһин, таайан көрүү (уруккуну-хойуккуну, инникини, сүнньүнэн, туох эрэ биллибэти, хол., таҥха кэмигэр). Гадание, ворожба, предсказание судьбы (напр., во время традиционно сложившегося в народе саха обычая гадать во время святок — таҥха). Арчы дьиэтигэр таҥха кэмигэр сэрэбиэй арааһа ыытыллар
Суодьаах ойуун сэрэбиэй кэбиһэрэ, ичээмсийэрэ. В. Протодьяконов
Кини эдьиийбэр сэрэбиэй түһэрдэ: «Илин Хаҥалас киһитигэр эргэ тахсыыһыгын». «Чолбон»
Ахсынньы ороһооспо Биир кириһиэнньэ киэһэҕэ Сэрэбиэй кэбиһэннэр, Кыргыттар бачыыҥкаларын Аан таһыгар элиттилэр. ТГС ЫА
3. Кимиэхэ туох тиксэрин көрбөккө бүтэйдии талан быһаарсыы. Жребий (путём вынимания наугад условного предмета)
Ньургун Кырбааһап мааҕын сарсыарда сэрэбиэй тартарбыттарыгар сэттис нүөмэри таһаарбыта. Н. Лугинов
Сэрэбиэй аан бастакынан саамай күүстээх хамаандалары көрсүһүннэртээтэ. «ББ»
Күрэхтэһии саҕаламмыта, маҥнайгы эргииргэ сэрэбиэй обургу, болдьообут курдук, Пётр Попову кытта түбэһиннэрдэ. СМН ТС
Окко түспүт оҥоруу, сиргэ түс- пүт сэрэбиэй — көр оҥоруу II
Хата, доҕоор, биһигини Ойох-эр буолан олоруҥ диэн Окко түспүт оҥоруубут Уруйдаабыта буолаарай? Сиргэ түспүт сэрэбиэйбит Сиэрдээн тэрийбитэ буолаарай? А. Софронов
Окко түспүт оҥоһуум, Сиргэ түспүт сэрэбиэйим Кэскиллээх кэргэним, Дьоллоох доҕорум! П. Ядрихинскай
русск. жребий