несов. муҥнан; терзаться угрызениями совести кэмсинэн муҥнан.
Русский → Якутский
терзаться
Еще переводы:
эрэйдэн= (Якутский → Русский)
1) напряжённо трудиться, заниматься тяжёлым трудом; 2) затрудняться чём-л.; беспокоиться; күүтэн эрэйдэниэҕэ он будет беспокоиться, ожидая; 3) страдать, мучиться, терзаться; бэркэ эрэйдэн-нилэр они измучились.
сулумаасы (Якутский → Якутский)
сулумаасы буол кэпс. — туох эмэ мунаахсыйар санааҕа ылларан тырыта тыыттар, толкуйга түс. ☉ Мучиться, терзаться сомнениями
[Уол] ол үс түүн олус иччилээхтик киниэхэ түүлүгэр көстүбүт кэрэ кыысчаана кимин-тугун туһунан сааһын тухары сулумаасы буолара. Далан
Быыкаанныыр быһа сулумаасы буолан: «Оо, хоргутуохтарын хоргуттулар ээ, быһыыта», — диэн, быһа санааргыы хонно. Н. Павлов
Намы ааһан Бөтүҥҥэ тиийиэхпэр диэри дьэ доҕор, сулумаасы бөҕө буоллум ээ. «ЭК»; сулумаасыга түс — сулумаасы буол диэн курдук
Уйбааскы: «Бу сарыыссабыт туох сулумаасытыгар түстэ?» — диэтэ. П. Ойуунускай
Дьэ, итигирдик, сулумаасы бөҕөҕө түһэн баран, суругу куоракка илдьэ кэлбитим. Р. Баҕатаайыскай
Милииссийэ тахсан барбытын кэннэ, Иэнньэ уруккутааҕар ордук сулумаасыга түстэ. Д. Таас
собоо (Якутский → Якутский)
туохт. Күүһүҥ олох барана мөхсөн, быһа түһэн, ыран өл (сүөһүнү, кыылы этэргэ). ☉ Теряя силы, долго, мучительно издыхать (о скотине, звере). Собоон өлбүт сүөһү
□ Тоҕус сотууннаан …… собоон өлбүт Өлүү дьабаҕан буурай Атыыр оҕуһун тириитэ Сонноох эбит. Күннүк Уурастыырап
[Хандааҕа иҥнибит куобах] собообокко өлөр уонна туһаҕы быһа эрийэн эбэтэр быһа түһэн куоппат. ТСКБ
Кыылбыт ууга өр сыттаҕына собоон хаалыа, түргэнник харайа охсуохха. «ЭК»
△ Үчүгэй амтана суох буол, дьүдьэй (сүөһү, кыыл этин этиллэр). ☉ Быть невкусным, несъедобным (напр., о мясе скотины, издыхавшей в муках)
Сүүлэ киирбит кэмигэр атыыр кыыл этэ киһи сиэбэт гына собоон хаалар. Болот Боотур
Оҕонньор булду хайа миэстэтигэр бырахтахха ордук суһаллык өлөрүн, этэ собооботун үөрэтэр. Н. Абыйчанин
[Сүөкүлэ:] Хаарыан эт собоон хаалан, урааҥхай айаҕар ылбат буолара буолуо. А. Фёдоров
ср. тув. чоба ‘терпи муку, мучайся, страдай’, монг. ‘мучиться, терзаться’
сордон (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Сору көр, эрэйикыһалҕаны бил. ☉ Страдать, мучиться, терзаться
[Туйаарыма Куо:] Ыый-ыыйбын! Аай-аайбын! Ытаабатах бэйэкэм Ытаахтыы олордоҕум, Соҥуйбатах бэйэкэм Сордонон эрдэҕим. П. Ойуунускай
[Маайа:] Мин сордоох сааһым тухары сордонон сылдьыам буоллаҕа. А. Софронов
Эйиэхэ туох буолуой атын дьон сордоноллоро, эйиэхэ туох буолуой атын дьон аччык сылдьаллара. С. Ефремов
2. Күүскүн, сыраҕын биэрэн туран тугу эмэ гын, оҥор. ☉ Делать что-л., прилагая большие усилия
— Хайа, милииссийэҕэ дьону хомуйар туһунан туох үлэни ыыттыҥ? — Тойонуом, сордоно сатаатым да, олох буолбаттар. М. Доҕордуурап
Сороҕор төһө да үлэлээ, сордон, айаххар үгүөрүтүк тиийэр аһы ылбаккын. А. Фёдоров
Тыый, тукаам, ол баччаҕа дылы иитэн сордонон баран, биир ынахпытын атыылаан кэбиһэрбит сүрэ бэрт буоллаҕа дии. МНН
хак. сортан, кум. чортан
муҥ (Якутский → Якутский)
I
аат. Улахан эрэйи, сору көрүү, эрэйдэнии, санаа оонньооһуна, дууһа эрэйдэниитэ. ☉ Сильное физическое или душевное страдание, мука
Герасим аҕабыыт барытын эргитэ санаатаҕына, урукку иирэн ыалдьар муҥа эргийиэх курдуга. Эрилик Эристиин
Лаврентий Ни колаевич буоллаҕына хараҕын симэн, ыарыы муҥун аралдьыта сатаан, наар ахтылҕан хаата, өй-санаа харсыһар түһүлгэтэ буолан сытар. Н. Габышев
Тэриэнтэйдээх Балааҕыйа өрүү ыар м у ҥ ҥ а сылдьыбыт эрэйдээхтэр. Л. Попов
♦ Муҥа суох саныыр — кими эмэ кинитээҕэр эрэйэ-муҥа суоҕунан ааҕар. ☉ Горемыка о горемыке лучшего мнения, чем о себе
Син атын дьоҥҥо муҥа суох санатан, ыал буолан олорбуттара. А. Софронов. Муҥҥун туон (ытат) — туохтан эмэ олус эрэйдэнэн, хомойон муҥатый. ☉ Печалиться, горевать; сожалеть (о чём-л.)
[Кыһалҕа] бэйэтин амырыын аналыттан муҥун туонан кутуран дьылыһытан барда. И. Гоголев
Бырдахха быһыта сиэтэн [Дьөгүөрсэлээх] муҥ нарын ытаталлара. Н. Якутскай
Тулаайахтар, дьадаҥылар мустан, төбөлөрүн холбоон олорон муҥнарын туонуо этилэр да, ыалга сылдьар бобуулаах. А. Сыромятникова. Муҥу көр — туохтан эмэ олус эрэйдэн, эрэйи көр. ☉ Стра дать, мучиться
Захаровна ыйы мэлдьи тииһэ ыалдьан, муҥ бөҕөнү көрбүт эбит. Амма Аччыгыйа
Бу курдук дьүдьэйэн, аһыыры-таҥнары булбакка, муҥу көрө сылдьыахтааҕар, биһ и эх э о ҕо б у о л у ҥ. Эрилик Эристиин. Муҥу муннунан тыыран — олоххо олус элбэх эрэйдэри көрсөн, кыһалҕаны билэн. ☉ Претерпев жизненные невзгоды, пережив много горя
Куһаҕаны түүнэр киһи муҥу муннунан тыырар. Н. Абыйчанин. Муҥ хааны кэт (көр) — тугу эмэни гынан улаханнык эрэйдэн, эрэйи көр. ☉ Страдать, мучиться, терзаться (п ы т аясь осуществить что-л.)
Били оҕонньор, ону-маны үүттээтэҕэ буолан, муҥ хааны кэтэр. ГНС СТСДТ
ср. др.-тюрк. мыҥ ‘страдание, забота’, муҥ ‘потребность, нужда, забота; тягота; страдание, горе’, буҥ ‘печаль, скорбь, страдание’, тат. моҥ, уйг. муҥ ‘печаль, грусть, уныние’
II
аат. Туох эмэ муҥутуур кэриҥэ; ким-туох эмэ туох баар кыаҕа, күүһэ (үксүн тард., тут. түһүккэ тутлар). ☉ Предел, крайняя степень чего-л. (в основном употр. в ф. орудн. п. притяж. склонения)
[Эрдэлиир] төбөтүн лыкытта, уоһун ньимиччи тутунна, хараҕын муҥунан к ө р д ө. Амма Аччыгыйа
«Тохто-оҥ! Миигин өйдөөн истиҥ!» — диэн, истэ сатаан баран, бириистэн на чаалынньыга күөмэйин муҥунан хаһыытаата. Н. Якутскай
Киэһэ күөс муҥунан куобахтарын этин буһаран сиэтилэр. «ХС»
◊ Муҥ кыраайынан (кыраадыһынан) — төһө кыах баарынан, туох баар к ү ү һ ү н э н. ☉ Во всю прыть, что есть мочи
Гоша ойон туран, муҥ кыраайынан хаҥас көстөр иирэлэр диэки тэбиммитэ. Далан
Аҕам илин диэкиттэн муҥ кыраайынан көтүтэн кэлэн, тэһиинин күрүө тоһоҕотугар иилэ бырахта. Н. Л угинов. Кини табаларын үүрэр маһынан тырыта кэйэн, муҥ кыраадыстарынан сүүрдэн иһэн, бу күннэргэ туох-туох буолбутун өйдүү сатыы испитэ. Н. Якутскай. Тэҥн. тыына быстарынан
ср. монг. муҥ ‘богатый, изобильный’
III
аат., эргэр. Биир мөһөөх. ☉ Сто рублей
Иэс хаалбыта өссө аҕыстоҕус муҥ. «ХС»
ср. др.-тюрк. миҥ, биҥ, тюрк. меҥ, минг, мыҥ, муҥ ‘тысяча’
IV
аат сыһыан т., к э п с. Э т иллэр санаа муҥутаан, түбэлтэ да курдук буолуон сөп диэн санааһыны көрдөрөр. ☉ Выражает допущение крайней, хотя и случайной возможности действия (употр. в условном периоде)
Муҥ, ол туһунан билэр да буоллаххына, олох кэпсээмэ. Муҥ, уон да киһи эбии таҕыстаҕына, мунньуу бүгүн син биир бүппэт. Муҥ, кэлбитин көрдөххүнэ, миэхэ манна биллэрээр. ПЭК СЯЯ
△ Туохтуур сэрэйэр киэбин кытта туттулуннаҕына, хайааһын буолуон сөбүн сабаҕалааһыны көрдөрөр дэгэттэнэр. ☉ Употребляясь с глаголами возможного наклонения, имеет оттенок предположения о возможности действия
Ити өтөҕү көрүөх эрэ, аппыт, муҥ, манна турара буолаарай. Оскуолаҕа барыаҕыҥ эрэ, муҥ дириэктэри көрсөөйөбүт. «ХС»