туохт. Күүһүҥ олох барана мөхсөн, быһа түһэн, ыран өл (сүөһүнү, кыылы этэргэ). ☉ Теряя силы, долго, мучительно издыхать (о скотине, звере). Собоон өлбүт сүөһү
□ Тоҕус сотууннаан …… собоон өлбүт Өлүү дьабаҕан буурай Атыыр оҕуһун тириитэ Сонноох эбит. Күннүк Уурастыырап
[Хандааҕа иҥнибит куобах] собообокко өлөр уонна туһаҕы быһа эрийэн эбэтэр быһа түһэн куоппат. ТСКБ
Кыылбыт ууга өр сыттаҕына собоон хаалыа, түргэнник харайа охсуохха. «ЭК»
△ Үчүгэй амтана суох буол, дьүдьэй (сүөһү, кыыл этин этиллэр). ☉ Быть невкусным, несъедобным (напр., о мясе скотины, издыхавшей в муках)
Сүүлэ киирбит кэмигэр атыыр кыыл этэ киһи сиэбэт гына собоон хаалар. Болот Боотур
Оҕонньор булду хайа миэстэтигэр бырахтахха ордук суһаллык өлөрүн, этэ собооботун үөрэтэр. Н. Абыйчанин
[Сүөкүлэ:] Хаарыан эт собоон хаалан, урааҥхай айаҕар ылбат буолара буолуо. А. Фёдоров
ср. тув. чоба ‘терпи муку, мучайся, страдай’, монг. ‘мучиться, терзаться’
Якутский → Якутский
собоо
Якутский → Русский
собоо=
худеть, тощать (о скоте, зверях); становиться менее вкусным (о рыбе и т. п.).
Еще переводы: