Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тэбиэлэннэр

тэбиэлэн диэнтэн дьаһ. туһ.

тэбиэлэн

  1. тэбиэлээ диэнтэн бэй., атын. туһ. Иннинэн-кэннинэн тэбиэлэнэр Эмньик кулун баар үһү (тааб.: аан). Күлүмэн бөҕө түспүт, сүөһүлэр тэбиэлэнэн эрэллэр. У. Нуолур
    [Сергей] оҕотун суутун өһүллэ, онуоха уолчааннара илиитинэн тарбачыһа-тарбачыһа, атаҕынан тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ ытаан эһиэхэйдэннэ. Т. Находкина
  2. Туохтан эмэ кыыһыран сирбиэтэн (үксүгэр туох да олоҕо суох, атаахтаан). Бурно выражать гнев (обычно безосновательно)
    Аһары тэбиэлэнимэ эрэ, мин даҕаны хаһан эрэ мин аҕай дуо дэнэ сылдьыбытым. В. Гаврильева
    [Люба] сыанатын үрдэппитэ буолан өрө тэбиэлэнэр. П. Степанов
    Онтукаҥ дьэ интэриэһинэй киһи. Бастаан хаалымаары тэбиэлэммитэ. Онтон хайыыр да кыаҕа суох буолтун көрөн, үс күн бэркэ кыргыспыта. К. Симонов (тылб.)

Якутский → Русский

тэбиэлэн=

возвр. от тэбиэлээ = лягаться, брыкаться, бить ногами; ат тэбиэлзнэр лошадь лягается.


Еще переводы:

лягаться

лягаться (Русский → Якутский)

несов. тэп, тэбиэлэн.

брыкаться

брыкаться (Русский → Якутский)

несов. тэп, тэбиэлэн.

дрыгать

дрыгать (Русский → Якутский)

несов. разг.: дрыгать ногами ты-раҥнаа, тэбиэлэн.

тэбиэлэнээхтээ

тэбиэлэнээхтээ (Якутский → Якутский)

тэбиэлэн диэнтэн атаах. Ньирэй, көмө көрдөөбүттүү, тэбиэлэнээхтээтэ

дрыгает

дрыгает (Русский → Якутский)

гл
тэбиэлэнэр

тэбиэлэнии

тэбиэлэнии (Якутский → Якутский)

тэбиэлэн диэнтэн хай. аата. Дьэ, сүрдээх тэбиэлэнии, доҕор!
Ол аата [мэйии гимнастиката диэн] киһи төбөтүнэн таҥнары туран икки атаҕынан тэҥ ритмнээхтик утуу-субуу тэбиэлэниитэ буолар. АН БЭХСКТ

тунаархайдыҥы

тунаархайдыҥы (Якутский → Якутский)

даҕ. Бороҥнуҥу-үрүҥ, чуолкайа суох, боруоран көстөр, борук-сорук. Бледноватый, блёклый
Кус …… тунаархайдыҥы араҕас атахтарынан тэбиэлэнэн сараҥнатар уонна кынаттарынан ууну чалымнатар. Н. Якутскай

эһиэхэйдэн

эһиэхэйдэн (Якутский → Якутский)

туохт. Синньигэс куоласкынан олус тэтимнээхтик, эрчимнээхтик ытаа (кыһыл оҕону этэргэ). Плакать тоненьким голоском очень энергично (о новорождённом ребёнке)
Балаҕан иһигэр саҥа киһи эрчимнээх куолаһа өрө эһиэхэйдэнэ түстэ. Н. Лугинов
[Сергей] оҕотун суутун өһүллэ, онуоха уолчааннара илиитинэн тарбачыһа-тарбачыһа, атаҕынан тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ ытаан эһиэхэйдэннэ. Т. Находкина
Моторҕоно курдук уол оҕо ытаан эһиэхэйдэнэрин ийэтэ көрөн үөрэн: «Дьэрэмэйбэр этиҥ», — диэн аҕаларыгар этэ таҕыстылар. А-ИНА ДьБО

бууһурҕат

бууһурҕат (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. туохт. Муннунан салгыны күүскэ тыынан таһааран тыаһат. С шумом, сильно выдыхать воздух через ноздри
Ынаҕа тоҕо эрэ сүгүн турбата, тэбиэлэннэ, муннун бууһурҕата-бууһурҕата, хараҕын дьүккэтинэн көрүтэлээтэ. Н. Якутскай

сууралаамахтаа

сууралаамахтаа (Якутский → Якутский)

сууралаа диэнтэн төхт
көрүҥ. Дьөгүөрдээн баһаам улахан сылгы тыһа үтүлүктэрин өттүктэригэр сууралаамахтаата. Амма Аччыгыйа
Ыппыт тоҥуу хаарга тахсан күөлэһийэн, түөрт атахтарынан өрүтэ тэбиэлэнэн, кэтэҕин, сиһин хаарга сууралаамахтаата. Болот Боотур
Ат кэллэ да Баайканы муннунан сууралаамахтаата. Уустаах Избеков