I
түптэлээ I диэнтэн холб. туһ. Доропуун оҕонньордуун түптэлэһэ, ол кэнниттэн балыктаһа барыста. Н. Заболоцкай
— Чэ, тукаам, эдьиийдэргин кытта тахсыһан түптэтэ түптэлэс, сөп дуо. «Чолбон»
II
даҕ. Ыыс-быдаан, туох да үчүгэйдик көстүбэт (хол., буруолаах биитэр туманнаах). ☉ Непроглядный, невидимый (из-за густого дыма или тумана)
Үрэх толооно тымныы, түптэлэс. В. Протодьяконов
Айаан илиҥҥи өттө түптэлэс буруонан аҥаатта турар. Л. Попов
Түптэлэс бу салгын, суугунуу Түүннэри-күннэри оргуйда. Чэчир-72
◊ Түптэлэс тымныы — хойуу туманнаах, дьыбардаах улахан тымныы. ☉ Трескучий мороз с густым туманом
Түптэлэс тымныыттан тула барыта, оттуун-мастыын, сирдиин-дойдулуун эпсэри тоҥмут. В. Протодьяконов
Кыһыҥҥы түптэлэс тымныыттан барыҥныыр барыта балаҕаҥҥа саһар. И. Гоголев
Мин тохсунньу түптэлэс тымныытын үгэнэ кэлбитим. «Чолбон»
Якутский → Якутский
түптэлэс
Якутский → Русский
түптэлэс:
түптэлэс тымныы трескучий мороз с густым туманом.
түптэлэс=
совм. от түптэлээ=.
Еще переводы: