туохт.
1. Кылгас кэм иһигэр, түргэнник буол. ☉ Происходить быстро, за короткое время, с ускорением
Саха сиригэр сайын күн уһун буолан, моркуоп үүнэрэ уонна сайдара түргэтиир. ЛПМ САЛАК
Түүнүн оҕустарыллыбыт от дэхситик кууран, субуулааһын уонна кэбиһии быдан түргэтиир. САБ. Үлэ ньымата тупсубута: оробуочай биир үлэни үлэлээн, онно идэтийэн улаханнык түргэтиирэ. АЕБ ОЧИ
2. Түргэҥҥин күүһүрт, эбэн биэр. ☉ Убыстряться, прибавлять темп, скорость, спешить, торопиться. Түргэтээ, хойутаары гынныҥ
□ Оҕонньор ойуур иһигэр киирэн хаамара-сиимэрэ арыый түргэтээтэ. С. Никифоров
Пуойас буоллаҕына түргэтээтэр-түргэтээн испитэ. В. Гаврильева
Кини көрөрүгэр доҕоро Дьэргэли айаҥҥа турдар эрэ сыыдамсыйар, туттара-хаптара түргэтиир. П. Филиппов
Якутский → Якутский
түргэтээ
Якутский → Русский
түргэтээ=
1) торопиться; үлэҕэр түргэтээ = торопиться на работу; 2) ускоряться; массыына түргэтээтэ машина прибавила скорость.
Еще переводы: