туохт. Олус көхтөөхтүк, бэйэҥ күүскүн-кыаххын көрдөрөрдүү тугу эмэ гын; туохха эмэ дьулус. ☉ Активно действовать, проявлять себя; рваться к чему-л.. Сарсыҥҥыттан үлэбэр түһүнэбин
□ Киһиргээн күүспүн-кыахпын көрдөрөөрү дуу, дьону көҕүлээри дуу, харса суох түһүннүм. Болот Боотур
Хара Чөөчөөн охсон куһуйда, киниттэн хаалсымаары, атыттар харса суох түһүннүлэр. И. Гоголев
Миигин ыллаппыттарыгар, баарбынан-суохпунан микрофона суох түһүннүм. ӨӨ ДДьДТ
◊ Түһүнэн кэбис — ыксалынан ханна эмэ бар. ☉ Решительно направиться куда-л. Кинилэр, саҥа сиик түһэн эрэр кырыстаах үрэх көнө ньуурунан, сүүрүүнэн дьиэлэрин диэки түһүнэн кэбиспиттэрэ. Далан
Сиэнньэлээх Миитээ бастаан сатыы түһүнэн кэбистилэр. В. Миронов
Якутский → Якутский
түһүн
Якутский → Русский
түһүн=
активно действовать, проявлять себя; рваться к чему-л.; сарсыҥҥыттан үлэбэр түһүнэбин с завтрашнего дня я рьяно берусь за работу.
Еще переводы: