даҕ.
1. Хамсыы сылдьар, түөрэккэй. ☉ Шаткий, неустойчивый
Түөрэҥ тэлиэгэ хас аппа-дьаппа баарын ааҕардыы, субу-субу лаҕырҕаан, хаахынаан ылар. М. Доҕордуурап
Кини түөрэҥ тэлиэгэ үрдүгэр туран эрэн эппитэ. КМИ КХС
2. көсп. Саарбах, эрэлэ суох. ☉ Сомнительный, неопределённый, смутный
Түөрэҥ кэмҥэ тастан кими баҕарар өйүүргэ үгүстэрэ бэлэм. Н. Лугинов
Таптал курдук саарбах, түөрэҥ Туох баар буолуой киһиэхэ? «Чолбон»
◊ Түөрэҥ туйах фольк. — дьоҕус, түөрэҥэлэс (туйах). ☉ Тонкий, шаткий (о копыте)
Түөрт түөрэҥ таас туйахтарынан Төлө тэбэн түстүлэр. П. Ойуунускай
Туллар бэл соноҕос ат Түөрэҥ көмүс туйаҕа. Төрүт, арай, кырдьыбат Талба поэт сүрэҕэ. И. Гоголев
Якутский → Якутский
түөрэҥ
лэбэн-түөрэ
аат. Х о н у у г а ү ү н э р эмтээх от. ☉ Крестовник (лекарственн а я п о л е в а я т р а в а)
Хонуу лэбэн-түөрэтэ …… өрүс хочотунааҕы кырдалларга, аһаҕас толооннорго, сырыынньа эниэлэргэ үүнэр араҕас сибэккилээх эрбэһинниҥи от үүнээйи. МАА ССКОЭҮү
ср. уйг. лэгэн ‘род камыша, из которого делают циновки’
түөрэ
I
сыһ. Төрдүттэн хаһан, тууран биитэр эргийэн хаалар гына. ☉ С корнем, до основания или переворачивая, опрокидывая. Түөрэ тарт. Түөрэ түс. Түөрэ ас. Түөрэ үктээ. Түөрэ оҕус
□ Алаа Моҥус бүтүн арбайы, төрүттэри баҕастары түөрэ тардан ылбыт
Саха фольк. Тыыта илими бүрүммүтүнэн, түөрэ эргийбитэ. И. Федосеев
Кини биир тэллэйи түөрэ тэппитэ, онто эһиллэн тиийэн тэйиччи түспүтэ. В. Гаврильева
II
сыһ. Тугу да ордорбокко, бүтүннүүтүн. ☉ Всё, все до одного, полностью
Лэбэн [сир аата] түөрэ быыһын оттоон, сыл аайы туһанар буолан испитэ. М. Доҕордуурап
Ыстапаан эрэйдээх олоҕун туһунан биири да кистээбэккэ, түөрэ кэпсээн биэрдэ. И. Никифоров
Ити үрэхтэр түҥкэтэх түбэлэрин түөрэ кэрийэн үс сүүсчэкэ хапкааны ууралларыгар сүүрбэччэ хонук барыаҕа. «ХС»
◊ Түөрэ барытын — туох баарын барытын, тугу да ордорбокко. ☉ Всё подряд, ничего не оставляя
Абаҕабын ити иһин таптыыбын ээ, ити иһин итэҕэйэн-эрэнэн испин түөрэ барытын тэбиибин. Суорун Омоллоон
Ол аһаҕас дууһалаах дьон миэхэ үлэлэрин кистэлэҥин түөрэ барытын, тоҕо-хоро кэпсээн, көрдөрөн биэрбиттэрэ. СП ҮД. Түөрэ сүргэй — тугу барытын хаһыс, чүүччэй (хол., тугу эмэ көрдөөн). ☉ Рыться, копаться, перевернуть вверх дном (напр., при обыске)
Ыаллар дьиэлэрин, сарайдарын, омуһахтарын астаран көрүтэлээтилэр, түөрэ сүргэйдилэр да, тугу да булбатылар. Н. Якутскай
Саллаатар дьиэни түөрэ сүргэйэн дьэҥдьийбитинэн бараллар. В. Протодьяконов
Тиийэн кини бүтүн куорпуһу түөрэ сүргэйбитэ, холорук курдук чүүччэйбитэ. Н. Заболоцкай
Якутский → Русский
түөрэ
I все, все до одного; биһиги түөрэ кинини кытта сөбүлэһэбит мы все до одного с ним согласны.
II нареч. от түөр =; түөрэ ас = повалить набок; түөрэ оҕус = опрокинуть ударом кулака; түөрэ тарт = перевернуть вверх дном; түөрэ тэп = опрокинуть ударом ноги.
Еще переводы: