туохт.
1. Туспа, бэйэҥ бас билэр, олорор тутуулан. ☉ Обзавестись собственным жильем (жилым помещением)
Муҥ саатар, өлөр үйэбэр, кырдьар сааспар бас билэр дьиэлэнэн көрүүм. Софр. Данилов
Ыраах үрэхтэринэн бултуурга, үүтээннэргэ дьиэлэнэргэ кини, Тогойкин, бэйэтэ төлөннөөхтүк аҕытаассыйалыыр этэ. Амма Аччыгыйа
Хас саҥа ыал туспа дьиэлэнэргэ кыһанар. И. Аргунов
2. Кэргэннэн, туспа ыал буол. ☉ Обзаводиться семьей, жениться или выходить замуж
[Дьаакып:] Үчүгэй суол буоллаҕа дии - хата тыыннаахпар эн дьиэлэммиккин көрөн хаалыам! А. Софронов
Эттээх бууппун эрэнэммин Эргэ барбатах иэдээммин, Улаан ньуурбун улаатыннаран Олохпун булбатах муҥмун. Сирискэн өлүүгэ сиэтэммин Дьиэлэммэтэх эрэйбин. С. Зверев
3. Кэпсэтии быһыытынан эбэтэр куортамнаһан дьон дьиэтигэр олор. ☉ Снимать жилье у кого-л., квартировать
Өлөксөй оскуола аттынааҕы ыалга дьиэлэнэн олороро. В. Протодьяконов
Арыылаахтан Миитээ дьиэлэнэр Хоптолооҕо икки биэрэстэ сир. Е. Неймохов
[Уол] аҕата, ийэтэ нэһилиэккэ олороллор үһү. Оттон билигин куоракка убайын аахха дьиэлэнэ сылдьар эбит. М. Попов
4. көсп. Олохсуй. ☉ Обосноваться, проживать
Өтөр сүүрбэ сылын туолуо - түрмэ дьиэлэммитэ. Эллэй
Хонор хос анна да көстүмнэ, Хоргутар куоракка түһүмнэ, Холорук да буолан көстүмнэ Хоруобуйа хоонньо дьиэлэннэ. Эллэй
Оччоҕо ийэ тылым, ордук сэтэрэн, Олоҥхотун дойдутугар дьиэлэнэрэ, Ордук барҕаран, ордук киэркэйэн Алаастарым аайы дьиэрэйэрэ. С. Данилов
5. Ордуулан (кыыл туһунан). ☉ Вырыть, обустроить логово, нору (о зверях)
Бэл диэтэр бэдэр дьиэлэммит Бэс чагдаларбыт эниэлэригэр Дьэҥкир таас түннүгүнэн килэдийбит Дэриэбинэлэр дэлэйдилэр. С. Зверев
6. Тула тэйиччинэн сырдык иилэн (ый, күн туһунан). ☉ Быть окруженным светлым ореолом (о солнце и луне)
Ыйбыт дьиэлэммит. Уһун былыт кэлээри, хаардаары гынар быһыылаах. И. Никифоров
Үрүҥ күн барахсан дьиэлэнэр, Күн көнөтүк кыыһар буоллаҕына кураанныыр. Ардаары гыннаҕына күн дьиэлэнэр. «Кыым». «Ый дьиэлэммит, - диир булчут, - ол аата буурҕа түһээри гыннаҕа». Т. Одулок (тылб.)