изобильный, богатый; уйгулаах олох изобильная жизнь.
Якутский → Русский
уйгулаах
Якутский → Якутский
уйгулаах
даҕ. Толору дэлэгэй астаах-үөллээх, баай. ☉ Богатый, имеющийся в изобилии
Уйгулаах ыһыахпыт Уруйа улааттын, Айхаллаах оонньуубут Алгыһа дуорайдын! С. Васильев
Саҥа олох ыччата Кыраай тымныы кырсыгар Өлбөт мэҥэ уйгулаах Оҕуруоту унаардар. Эллэй
Өрүс барыта киэҥ далайга тардыһар. Ол кэриэтэ икки атахтаах уйгулаах, көҥүл олоххо талаһар. П. Филиппов
△ Өлгөм үүнүүнү, быйаҥы кэрэһэлиир, өҥ (хол., уу, ардах). ☉ Способствующий плодородию, богатому урожаю (напр., об обильных дождях)
Нүһэр ыар этиҥнэр Нүҥсүйэн этэннэр, Утаппыт сири угуттуур Уйгулаах самыыр курулуур. Күннүк Уурастыырап
[Күндэйэ үрэҕэ] саас халааннаан халыһыйан тахсар, толомон толооннору уйгулаах уутунан уоҕурдан биэрэр. И. Данилов
Өҥ сайын. Уйгулаах ардахтар. Ыраас, куйаас күннэр дьэ саҕаланнылар. «Кыым»
Еще переводы: