даҕ. Хабархай соҕус (амтан); киһи бэлэһин аһытар (сыт). ☉ Горьковатый (вкус); едкий (запах)
Сиигирбит хаар ыылаах уонна отуу буруотун хабархайдыҥы сыта холбоһон, туохха да холобура суох үчүгэй. Амма Аччыгыйа
Уол чороону сэрэммиттии ылан, хабархайдыҥы амтаннаах тымныы кымыһы утаппыттыы ыйырбахтыыр. Уустаах Избеков
Отум уута хабархайдыҥы амтаннааҕа, барбыт чэй курдук дьүһүннээҕэ. АЕД КЧ
Якутский → Якутский
хабархайдыҥы
хабархай
даҕ.
1. Киһи бэлэһин үрэн кэбиһэр аһыы, кураххай амтаннаах, уохтаах. ☉ Горький, терпкий, вяжущий (вкус)
Үөстээх тэллэй хабархай аһыы амтаннаах, хайа туттахха иһэ тэтэркэй өҥнөөх. Г. Угаров
Салгын сииктээх уонна ханнык эрэ хабархай амтаннаах курдук. Т. Сметанин
Аһы хаһаанарга хабархай кыһыл биэрэс уонна да атын аһыы тумалар кутуллаллар. ФВН ТС
2. Киһи муннун, күөмэйин, хараҕын улаханнык аһытар, олус аһыы (сыты этэргэ). ☉ Резкий, вызывающий раздражение, едкий (о запахе)
Хойуу буруо хабархай аһыы сыта дьон хараҕын аһытар. В. Протодьяконов
Муннугар буруо хабархай сыта билиннэ. И. Гоголев
Саҥа саас буолан, от-мас сымала хабархай сытынан тыына турбута. И. Сосин
3. көсп. Олус кыһыылаах, курус, ыар. ☉ Наводящий грусть, грустный, горький
Ааспыт олоҕуҥ күннэрин, төһө да ардыгар аһыы, хабархай тумалаахтарын иһин, уйадыйа ахтаҕын. Софр. Данилов
Оттон хотторуу хомолтотун, хабархайын ама ким ситэн өйдүөй?! Н. Лугинов
Кинини хабархай санаалар уон бүк күүһүнэн кэлэн, саба көттүлэр. «Чолбон»
Якутский → Русский
хабархай
горький; едкий; терпкий; хабархай амтан горький вкус; хабархай аһыы едко-кислый, горький.
Еще переводы: