Якутские буквы:

Якутский → Русский

хабы

разг. недалёкий, довольно близкий; хабы сир эбит оказывается, это не очень далеко.

Якутский → Якутский

хабы

даҕ., түөлбэ.
1. Наһаа ырааҕа суох, балачча чугас. Недалёкий, довольно близкий
Хабы сир эбит, өр гымматылар, начаас ыстаннаран тиийдилэр. «Чолбон»
2. Наһаа ыарахана суох (сыананы этэргэ). Сравнительно дешёвый, недорогой (о цене). Балык сыаната хабы эбит
ср. калм. хавы ‘ближайшая сторона; окружение, среда’

хабы-дьүөрэ

  1. сыһ. Араа-бараатык, тэҥ соҕустук. Примерно, приблизительно, почти
    «Били эн суоттаабытыҥ, эппитиҥ хабы-дьүөрэ бэрсииһи», — диэн ымайан турара үчүгэйэ бэрдэ. А. Сыромятникова
    Литературнай үлэнэн дьарыктаныыта эмиэ ити кэми кытта хабы-дьүөрэ хапсар. «ХС»
  2. даҕ. суолт., түөлбэ. Тугунан эмэ маарыннаһар, балайда сөп түбэһэр (хол., кээмэйинэн). Схожий по каким-л. признакам (напр., по размеру), приблизительный, предположительный. Хабыдьүөрэ кээмэйдээхтэр эбит
    Тиэрминнэри хабы-дьүөрэ суолталаах тылынан солбуйар кыаҕым суох. Эрчимэн

Еще переводы:

чинэҥкэлээ

чинэҥкэлээ (Якутский → Якутский)

чинэй диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Хабытай Хабырыыска ынан тиийбитэ. Киһитэ кэннинэн чинэҥкэлээбитэ. В. Яковлев

терпимый

терпимый (Русский → Якутский)

  1. прич. от терпеть; 2. прил. (такой, который можно терпеть; сносный) хабы, наһаата суох, син аҕай; терпимый мороз наһаата суох тымныы; терпимые цены хабы сыана; 3. прил. (снисходительный) ту-луйугас, эйэлэһэр; терпимое отношение ту-луйугас сыһыан, эйэлэһии.
хабытай

хабытай (Якутский → Якутский)

аат., кэпс. Аһара түбүгүрүү, ыксал-тиэтэл, ыгылҕан, былдьаһык. Суета, суматоха, горячка. Бу дьон, дьэ, хабытай бөҕө буолбуттар
Хабытай үөһэ түһэн — олус ыксаан, тиэтэйэн, түргэнник (хол., хомунан бар). Суетливо, торопливо, лихорадочно (напр., собраться)
Бандьыыттар хабытай үөһэ түһэн Хомустаахха куоппуттара. «ХС»
ср. русск. хватай, тюрк. кап ‘хватать, ловить’

быһатыт

быһатыт (Якутский → Якутский)

туохт. Быһа ыыт; судургутут. Идти прямо; упростить
Сэмэн Сарапыанабыс Тэрэнтээйэп диэммин. Ол эрээри, аҕабыыт олус төгүрүмтэ ааты биэрбитин сирэммин, Хабытай Сэмэн диэн ааты ордорон быһатыппытым. М. Доҕордуурап

умеренностью.

умеренностью. (Русский → Якутский)

!. (напр. расходов) намыта, хабыта, сөбүгэрэ; 2. (напр. взглядов) сымната.

муҥум-сорум эбит

муҥум-сорум эбит (Якутский → Якутский)

көр муҥ да буолар эбит
Муҥум-сорум эбит! Баар-суох тайахсыт ыппын сиэтэхтэрэ. Н. Якутскай. «Муҥум-сорум эбит. Б у к эриэтин!» — диэбит куобах. Буу та быстарынан, Муҥ кыраайынан Чүөм пэҕэ түһэн өлөөрү сүүрбүт. Баал Хабы рыыс

хабытай

хабытай (Якутский → Русский)

разг. суетливость, торопливость; горячка; хабытай үөһэ түһэн суетливо, торопливо (напр. собраться и уехать).

моҕох

моҕох (Якутский → Якутский)

аат. Киһи сэҥийэтин анныгар үөскүүр эт, хос сэҥийэ (уойуу бэлиэтэ). Двойной подбородок
Моҕо ҕо моһуоктаан Молотон кэбиспит, Алыс сыаланан Алтахтаан хаампыт. Ө к с өкүлээх Өлөксөй. Халытар Хабы рыыс аҕылаан-мэҥилээн хос үүнэн эрэр моҕоҕо боллорооттонон, Ньукуу оҕонньордуун киирэн кэллилэр. И. Никифоров
ср. др.-тюрк. боҕух ‘опухоль, нарыв в горле; зоб’, каракалп. буҕак ‘зоб; подбородок’, кирг. богок ‘зоб, зобатый; второй подбородок’

хабырыт

хабырыт (Якутский → Якутский)

хаһыытаан хабы- рыт — сүр улаханнык хатаннык хаһыытаан тоҕо бар. Внезапно издать, произвести громкий, резкий звук
Түргэн борохуот Хатан үлүгэрдик Хаһыытаан хабырытта. Саха нар. ыр. III
Боҕурҕана саҥатын истэн Туруйа омуннаахтык уордайбыт, Хаһыытаан хабырыппыт. С. Васильев
Хагдаҥ сырҕан эһэ Хатан куолаһынан Хаһыытаан хабырыппыт. «Чолбон»

халаар

халаар (Якутский → Якутский)

туохт. Олус улаханнык уонна элбэхтик мээнэ саҥар. Говорить громко и много
Уун-утары олорор дьиэлээх хотун эрин сэмэлиир саҥата халаарда. Болот Боотур
Туох да наадаҕа сылдьара биллибэт Хабытай Хабырыыс киирэн халааран тахсыбыта. В. Яковлев
Оо, оттон туһата суохха халаарар ахан буолара, дьэ ол бэйэтэ бу билигин уостан хаалла. Н. Заболоцкай
ср. с.-юг. х,ала ‘раздаваться, слышаться (о звуке)’