сыһ. Олус суоһардык, кырыктаахтык (быһыылан). ☉ Очень сурово, жестоко (поступать с кем-л.)
Чоочо маннык хабырдык быһыыламмытыттан кыбыһынна быһыылаах. И. Гоголев
Ньургун тулуйа сатаан баран хабырдык хардарбытыгар тохтоото. У. Ойуур
Ньукулай миэхэ тоҕо итинник хабырдык сыһыаннаспытын сатаан санаабатым. С. Маисов
Якутский → Якутский
хабырдык
хабыр
- хабараан диэн курдук. Атыырдар утарыта көрсүһээт атахтарынан өрө турдулар, хабыр хатаннык хаһыытастылар, ыйыластылар. В. Протодьяконов
Былыта суох хабыр соҕус тыыннаах күн үүнэн эрэр быһыылаах. В. Яковлев
Арыт силлээбит силлэрэ сиргэ тиийбэккэ тоҥор хабыр тымныыта түһүтэлиир. КН ПБ - көсп. Ыгым майгылаах; куруубай, хаҕыс сыһыаннаах (киһи). ☉ Вспыльчивый, нетерпеливый; грубый, суровый, жёсткий (о человеке)
Ол эрээри сорохтор кини төһө даҕаны хабыр, уолусхан буоллар, олус көнө майгылааҕын, дириҥ өйдөөҕүн эмиэ умнубаттар. И. Гоголев
Олус туруору, хабыр майгылааҕын бэркэ диэн билэбин. И. Семёнов
Туһаахап уруккуттан даҕаны бардам майгытынан, хабыр быһыытынан сураҕырара. СҮК - көсп. Ыарахан, ыар тыыннаах (хол., кэм). ☉ Суровый, тяжёлый (напр., о времени)
Эдэр оҕо киһи олох хабыр чахчыларын тумнан улааттын диирэ. Софр. Данилов
Кырдьан бүппүт диэмэҥ эһиги Сэрии, үлэ хабыр сылларын Кырдьаҕас хомсомуолун. И. Эртюков
♦ Хабыр сыана — олус ыарахан сыана. ☉ Очень высокая цена. Хабыр сыана диэн дьэ манна баар эбит. НАГ ЯРФС
◊ Хабыр хапсыһыы — 1) өлөрсүүлээх-өһөрсүүлээх, суостаах-суодаллаах кыргыһыы. ☉ Смертельный, ожесточённый бой
Ханнык да хабыр хапсыһыы Хаан тохтуута суох буолбат. М. Ефимов
Нэдиэлэ кэриҥэ хабыр хапсыһыы кэнниттэн аҕыйах хонукка сынньалаҥҥа тахсыбыттар. П. Чуукаар
Онтон салгыы үйэ аҥаарын анараа өттүлэринээҕи сыллар хабыр хапсыһыылаах түгэннэрин өйгөр сааһылыы охсон ылаҕын. «ББ»; 2) улахан тыҥааһыннаах, эрийсиилээх күрэхтэһии. ☉ Напряжённая схватка (в состязании)
Мартыын уонна Дуолан Хара тусталлар, хабыр хапсыһыы буолар, хайалара да сабырыппат. И. Гоголев
Кинилэр хаһыыларыттаныһыыларыттан сылыктаатахха, көбүөргэ хабыр хапсыһыы бара турар чинчилээх. Е. Неймохов
ср. халх. хавир ‘быть в ссоре, жить не дружно’
харыс-хабыр
харса-хабы- ра суох —
1. сыһ.
1. Кырыктаахтык, хабырдык, харса суохтук (хол., киирис, кыргыс). ☉ Яростно, ожесточённо (напр., сражаться)
Бөҕөргөтүүгэ сытар өстөөхтөр харса-хабыра суох утарылаһаллара. И. Федосеев
[Семёнов:] ама эн иннигэр, көмүһүм оҕото, эн иннигэр харса-хабыра суох сэриилэһиэм суоҕа дуо? С. Ефремов
Атаҕастабылы-баттабылы утары харса-хабыра суох охсуһарга сорунуулаахтык туруналлар этэ. «ХС»
2. Баламаттык, сиэри-майгыны кэһэн, кэрээнэ суохтук (быһыылан); хабырдык (бэйэҥ санааҕын эт). ☉ Безрассудно, дерзко (совершать какой-л. поступок); гневно, сурово (выражать мнение)
Барар-кэлэр эрэ баҕаланан, куоратынантыанан курбачыйан, хаартыны батыһан, баайын матайдаан, харса-хабыра суох ыһан-тоҕон испитэ. Күннүк Уурастыырап
Ити билигин харса-хабыра — суох тылласпыта буолан бэлэһирбитин иннигэр, олус даҕаны сэмэй, килбик этэ. Софр. Данилов
Дьоннор үгүстэрэ соннуун олороллор, Хаппытыан харса-хабыра суох тыл этэн ньиргитэ турар. А. Сыромятникова
2. даҕ. суолт. Олус бардам, хабыр (майгылаах). ☉ Дерзкий, грубый, жёсткий (о характере)
Кини чугаһынан хаптаҕай кулгаахтаах истибэтэх, харсахабыра суох, олус дьиикэй көлөһүннээччи. А. Сыромятникова
Харса-хабыра суох киһи хайаан да туохха эмэ түбэһэр. И. Гоголев
Харса-хабыра суох быһыылаах, өлүүнү күөн көрсүбүт хоодуот киһи мөссүөнэ көстөн кэлэр. Н. Тобуруокап
Якутский → Русский
хабыр
1) резкий, крутой (о характере человека, его словах); сүрдээх хабыр майгылаах киһи у него очень крутой характер; хабыр киһи резкий человек; хабыр саҥаны саҥар = говорить резкие слова, говорить резкости; ср. хабараан 1; 2) разг. очень высокий, большой (обычно о цене); хабыр сыана очень высокая цена.
хабыр-хабыр
нареч. топая, с топотом; хабыр-хабыр сиэллэр конь бежал рысцой, звонко цокая копытами.
Якутский → Английский
хабыр
a. rude, sharp
Еще переводы: